Орто-Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар Байанай ыйыгар аналлаах тэрээһиннэрбититтэн биирдэстэринэн «Тыыннаах хартыына» куонкурус буолла. Манна усулуобуйа быһыытынан саха худуоһунньуктарын хартыыналарыттан булка, булчукка аналлаахтары үтүктүү уонна салгыы тилиннэрии этэ. Кылаастар бары олус бэркэ оҥостубуттара.
Куонкурус бөлөхтөрүнэн ыытыллыбыта. Онон дьүүллүүр сүбэ бөлөхтөргө биирдии кыайыылааҕы быһаарбыта. Алын кылаастарга 1 кылаастар кыайбыттара. Кинилэр тыаҕа кутаа уот тула олорор булчуттары тыыннааҕымсыппытара олус күлүүлээх этэ. Орто бөлөххө 8 кылаастар бастаатылар. «Булчут ыта» диэн хартыынаны дьиҥнээх курдук тилиннэрбиттэр этэ. Оттон улахан кылаастарга 9-ус кылаас кыайыылаах аатын ылла. Кинилэр аҕалаах оҕо саһылы бултаан үөрэн-көтөн турар хартыыналара олус сатаммыт этэ.
Онон Байанайбыт ыйын олус бэртээхэйдик, астыктык атаардыбыт.
И. Ноговицына, Өлөөкө-Күөл, Орто Халыма.