Оҕолоор, Тымныы муоһа үүнэр уонна тостор кэмнэрин билэҕит дуо? Бытарҕан тымныылаах, будулҕан туманнаах дойдуга кыһыҥҥы тымныыны этэҥҥэ туорааһын дьылы туорааһынынан ааҕыллар кэмнэрэ бааллара. Уһун кыһын устата көмүлүөк оһоҕу кураанах маһынан толору хаалаан, уот оттон күлүмнэтэн баран холумтан иннигэр оллоонноон олорон эрэ халлаан хаһан сылыйан барыытын кэтэһии, сылыктааһын саха дьонун биир сүрүн дьарыктарыгар кубулуйбута.
Сахалар былыр-былыргыттан тымныыны Хотугу Муустаах байҕалтан кэлэр улахан оҕус курдук саныыллар. Биирдэ эмэтэ көстөр мааман муоһун уу оҕуһун муоһа диэн ааттыыллар. Муос үксүгэр аҥардастыы көстөрүнэн тымныы оҕоһун муоһа тостон түһэр диэн өйдөбүл үөскээбит. Бу оҕус күһүн Хотугу Муустаах байҕал түгэҕиттэн тымныынан тыынан бургучутан тиийэн кэлэр диэн этэллэр.
Тымныы сэтэрээн, күүһүрэн барыытыгар оҕус муоһа үүнэр диэн этэллэр. Өссө тымныйан иһиитигэр иккис муоһа үүнэр. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар халлаан эмискэ улаханнык тымныйыыта сэтинньи ый бүтүүтүн диэки буолара. Тымныйыы улахана ахсынньы саҥатыттан ыла саҕаланар этэ.
Олунньу ый саҥатыгар халлааҥҥа улахан сис былыт кэлэн эмискэ сылыйдаҕына тымныы оҕуһун муоһа тоһунна эбэтэр туура ыстанна, аны мантан ыла улаханнык тымныйбат буолла диэн этэллэр. Маннык эмискэ сылыйыы иккистээн хатыланыыта оҕус иккис муоһа түһүүтүгэр тириэрдэрэ халлаан биллэрдик сылыйан барыытын кэмигэр буолар.
Бастакы халлаан улаханнык сылыйыыта, муос тостор бэлиэ кэмэ тохсунньу бүтүүтүгэр эбэтэр олунньу саҥатыгар куруук кэриэтэ буоларын ханнык эрэ биир күнү кытта хам сибээстээн кэбиһии улахан сыыһа буолар. Айылҕа уларыйан иһиитин билиммэккэ догмаҕа кубулутууга тириэрдэр. Халлаан эмиэ сыыйа-баайа уларыйар, эрдэлээн тымныйар эбэтэр эрдэ сылыйан кэлэр кэмнэрэ элбэхтэр.
Былыргы өйдөбүлү буккуйан ханнык эрэ уларыйбат чыыһылаҕа хам сыбаан догмаҕа кубулутуу табыллыбат. Халлаан сылыйар, тымныйар кэмнэрэ уларыйыытын аахсыбат буолууга тириэрдэр.
Тымныы оҕуһун муоһа тостуута, халлаан эмискэ сылыйыыта хас сыл аайы уларыйан иһэрэ икки нэдиэлэ курдук араастанан тахсар кэмнэрдээх. Хас сыл аайы көннөрөн биэрии, таба быһаарыы билгэлээччилэртэн эрэйиллэр. Хас да сыллар усталарыгар билгэ таба түбэһиитэ билгэлээччи кылааһа үрдүгүн быһаарар.
Билигин дьыл кэмнэринэн Тымныы оҕуһа муоһа сытыыланар, сыппыыр бириэмэтин көрүөхпүт.
Тымныы оҕуһун «былааһа» сыппааһынын туһунан бэлиэтээһиннэр:
Тохсунньу 31 күнэ — кылаана кыларыйар.
Олунньу 12 күнэ — оҕус бастакы муоһа тостон, ыарыыланар, тымныы түһэр.
Олунньу 24 күнүгэр иккис муоһа тостор, онон тымныы мүлүрүйэр.
Кулун тутар 7 күнүгэр моонньоох баһа быстар. Халлаан тыалырар. Хаҕыс күннэр тураллар.
Кулун тутар 19 күнүгэр — оҕус көхсө тостон, салгын сылыйан барар.
Биологическай наука доктора, профессор, Эһээ Дьыл халандаарын оҥорооччу Гавриил Спиридонович Угаров этэринэн, Тымныы оҕуһа моонньоох баһа быстыбат, өлбөт, Хотугу муустаах байҕалга түһэр уонна онно сайылаан, күүс-уох мунньунан баран кыһын төннөн кэлэр.
Көстөрүн курдук, барыта 12-лии күнүнэн быысаһан сааспыт кэлэр. Сылаас күннэргэ дылы хаалбыт 48 күҥҥэ сылаастык таҥнабыт, Тымныы оҕуһа өссө да «күүстээх» буолар.
Хартыынаҕа худуоһунньук Иннокентий Корякин уруһуйа.