“Тымныы Кырдьаҕастан туох бэлэҕи күүтэҕит?” диэн ыйыттым Саха политехническай лицей I “Г” кылааһын үөрэнээччилэриттэн.
Оҕолор кырыа бытык эһээттэн эрэйэллэрэ элбэх буолан биэрдэ. Конструктордыылларын сөбүлүүр Гансар Васильев, Даниил Кривошапкин “Lego” ылыахтарын баҕараллар эбит. Арсен Михайлов тэйиэккэлэс мээчиги үлэһэр. Иванна Илларионова барыны билэр “өйдөөх” чаһыны. Самира Свинобоева – ыт оҕотун, оттон Валя Васильева – тыыннаах куосканы. Аристарх Спиридонов: “Дьиэбитигэр саҥа телевизор…”, — диэтэ. Сайаана Уранаева, куукуланан оонньоору, кыраһыабай Барбины кэтэһэр. Паарталара кэккэлэһэ турар Ярославтартан Старостин моонньуга кэтиллэр сыапачыканы, оттон Романов “Nerf” диэн ытыалыыр бэстилиэти. Сайнаара Саввинова пластилин бэлэх тутан, ону-маны оҥорор соруктаах. Хата, Вадим Семенов Тымныы Кырдьаҕас тугу бэйэтэ биэрэрин ылар үһү. Тамира Матвеева — мультикка баар курдук единорогу, Ян Татаринов — дьиҥнээх курдук кыракый квадроциклы, Марат Нарахаев – курутуой роботы.
Өссө да арааһы эттилэр чобуо дьон — бастакы “Г”-лар. “X-box” приставка, “IPhone” төлөпүөн, күүстээх кыамталаах көмпүүтэр диэччилэр эмиэ бааллар. Сорохтор номнуо Моруос Оҕонньорго сурук суруйбуттар, онно баҕа санааларын ойуулаан көрдөрбүттэр.
Учууталлара Анна Алексеевна Баханова тылын чуумпуран истэллэр. Үөрэх таһынан чинчийэр кэмпириэнсийэлэргэ кытталлар эбит, олорор сирдэрин үөрэппиттэр. Кылааһынан театрга баран, “Доктор Айболит” испэктээги көрбүттэр, төрөппүттэрин кытта «Битва хоров» күрэхтэспиттэр. “Өссө библиотекаҕа сылдьыбыппыт, онно элбэх кинигэ баар. Улааттахпытына ону барытын ааҕыахпыт”, — дииллэр.
“Г”-лар бу соторутааҕыта буолбут “Бриллиантовые нотки” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска муода көрдөрөн, III степеннээх лауреат буолбуттар.
Дьэ, кылаас ситиһиитин “копилкатыгар” өссө биир улахан наҕараада баар буолбут. Мантан инньэ грамоталара элбии туруо буоллаҕа. Оттон Тымныы Кырдьаҕас бастакы уочаратынан бэрээдэктээх, үчүгэй үөрэхтээх оҕолор баҕа санааларын толорор үгэстээҕин умнумаҥ. Онон көрсүө-сэмэй буоларга, наар “4”, “5” сыананы ыларга кыһаллыҥ, доҕоттоор!
А.Иевлева.