Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин Герой ийэтэ Винокурова Анастасия Ивановна буолар. Кини 1915 сыллаах төрүөх. 2 оҕолоох огдообо хаалан, Тааттаттан тардыылаах Ковлеков Иннокентий Герасимовичка кэргэн тахсыбыт. Оччолорго Өймөкөөн улууһа Байаҕантай улууһа диэн буолара. Ол иһин билиҥҥи Томтор нэһилиэгэр кэлии-барыы баар буолан, Тааттаттан кэлэн ыал буолан олохсуйа хаалаллара. Анастасия Ивановна дьадаҥы ыал оҕото аҕыйах кылааһы бүтэрээтин кытта, ол эбэтэр, ааҕар-суоттуур буолбутун кэннэ, үөрэҕэ суох дьону үөрэхтээhиҥҥэ туруорбуттар. Ол курдук, кыракый кыыс ситэ салгыы үөрэммэккэ, олохтоох дьону ааҕарга, суоттуурга ликбезкэ үлэлии анаммыт. Дойду үрдүнэн оннук хайысхалаах үлэ барбытын Сахабыт сирин историятыттан билэбит.
Кэргэнэ И.Г.Ковлеков оччотооҕу кэминэн быдан үөрэхтээх киhи эбит. Байаҕантай улууhуттан Өймөкөөҥҥө ликбезка үлэлэтэ ыыппыттар. Ол кэннэ эдэр кыахтаах эрдэҕинэ товарнай кооперативка атыыhытынан (продавеhынан) үлэлээбит. Эдэр дьон иккиэн ликбезкэ үлэлии сылдьан билсибиттэр, ыал буолбуттар. Саҥа ыал оччолорго алаастарынан көhө сылдьан олороллоро. Мин саныахпар, дьыл–сыл хайдаҕыттан тутулуктааҕа эбитэ буолуо. Сут-кураан дьылларга оннук көhө сылдьан, олорбуттарын туhунан кырдьаҕастар ахтыыларыттан билэбит. Оччолорго ыал бары тэҥэ ынах-сүөһү ииттэн, ыал буолара. Онон сүөһүгэ аһылыктаах, уулаах, өҥ сирдээх алаастарынан көһөтүтэлээн олорбут ыал аҕыйаҕа суохтар эбитэ үһү.
Ковлековтар дьиэ кэргэттэрэ Өймөкөөнүнэн, Чубукулааҕынан, Төрүтүнэн, Икки Yрэх Төрдүнэн сылдьан, олорон, Томтор нэһилиэгэр олохсуйбуттар. Оччолорго оҕолоро улаатан оскуола наада буолбута. Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн диэн, колхоз көмөтүнэн улахан дьиэ тутан, Ковлековтар дьиэ кэргэнигэр анаабыттара. Саҥа олох олохтонуута артыаллар, колхозтар тэриллибиттэрэ. Ковлековтар ийэлэрэ, аҕалара, дьон сиэринэн, эмиэ колхоз үлэтигэр, тутууга, ынах-сүөһү көрүүтүгэр, от-мас бэлэмнээhинигэр тэҥҥэ түhүспүттэрэ. Оҕолор Томтор оскуолатыгар үөрэхтэрин салҕаабыттара. Ол иннинэ орто оскуола Өймөкөөн нэhилиэгэр баара. Томтортон 40 км. тэйиччи. Онно улахан оҕолор интернакка олорон үөрэммиттэр. Каникулга, сороҕор нэдиэлэ тиhэх күннэригэр Томторго сатыы айаннаан сылдьар эбиттэр. Ийэни, аҕаны да ахтыы күүстээх буоллаҕа. Аҕалара эмискэ икки атаҕынан уйуттубат, хаампат буолан хаалбытын, дьон сүбэтинэн отунан-маhынан эмтээн икки атаҕар туруорбуттара, оҕонньор тиһэх сылыгар диэри икки атаҕар дугунан сылдьыбыта диэн ахталлар. Ковлековтар, уопсайа, 11 оҕону төрөтөн, иитэн, барыларын үөрэхтээх дьон оҥорбуттара. Оҕолоро тутуу, доруобуйа харыстабылын, ветеринар, шофер, тракторист , киномеханик идэлэрин баhылаан, өр сылларга талбыт идэлэринэн уhуннук үлэлээбиттэрэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыттара.
Өймөкөөн улууhугар атын нэһилиэктэринэн аҕыйаҕа суох Герой ийэлэр бааллар эбит. Н.М. Заболоцкай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэhиттэрэ Герой ийэлэр туhунан материаллары түмэ сылдьаллара хайҕаллаах. Билигин бу күн күбэй, хорсун санаалаах, ыарахан сыллары нөҥүөлээн, сут-хоргуйуу диэни түөстэринэн тэлэн, элбэх оҕону күн сирин булларан, борбуйдарын көтөхтөрөн, үөрэхтээн, атахтарыгар туруортаан, хомойуох иһин, билигин суохтар. Кыраайы үөрэтэр түмэл матырыйаалларыттан билэбит ол Герой ийэлэр ааттарын:
-Готовцева-Винокурова Акулина Владимировна (1883-1947 сс.) 11 оҕо ийэтэ.
— Винокурова Анастасия Ивановна, кэргэнэ Слепцов Афанасий Николаевич, 12 оҕо ийэтэ.
-Кондакова Мелания Игнатьевна, 13 оҕо ийэтэ.
— Винокурова Евдокия Семеновна,1929 с. 12 оҕо ийэтэ.
— Тарабукина Агафья Касьяновна,10 оҕо ийэтэ.
— Соркомова Вера Петровна,10 оҕо ийэтэ.
— Запивалова Ирина Прокопьевна,1929с. 10 оҕо ийэтэ.
— Атласова Рахима Николаевна, 1940с. 12 оҕо ийэтэ.
— Кривошапкина Тамара Дмитрьевна,11 оҕо ийэтэ.
— Карпова Меланья Петровна,1938 с.13 оҕо ийэтэ.
— Атласова Наталья Николаевна,1958 с. 10 оҕо ийэтэ.
— Кондакова-Местникова Зинаида Васильевна.1976 с. 10 оҕо ийэтэ.
-Атласова Наталья Николаевна,1958 с. 10 оҕо ийэтэ.
— Трофимова Софья Семеновна,19790 с. 10 оҕо ийэтэ
Бу ааттаммыт Герой ийэлэр тустарынан матырыйааллары өссө эбии ирдиир-көрдүүр,
түмэр үлэ бара турар.
Иван Леонтьев, Х кылаас.
Н.М. Заболоцкай аатынан