Саха гимназиятыгар соторутааҕыта “Диалог культур” диэн тэрээhин буолан ааста. Гимназистар икки бөлөххө арахсан, Гамбург куоракка үөрэммиттэрин, ыалларынан олорбуттарын сиhилии кэпсээтилэр.
Маннык тэрээhин 2015 сылтан ыла ыытыллар буолбут. Оҕолору түмэргэ, атын омук сиэрин-туомун, үгэстэрин, норуот ытык өйдөбүллэрин үөрэтэргэ, тылы чочуйарга аналлаах.
Гамбург уонна Дьокуускай икки ардынан “МостТ” дэнэбит”, – диэн оҕолор күлсэллэр.
Вика ФЕДОРОВА, X кылааc:
– Биhиги гимназиябытыгар “Школьный обмен” диэн бырайыак баар, онно биhиги оскуолабыт Гамбург куораты кытта үлэлэһэр. Мин биир ый үөрэнэн кэллим. Бу бырайыакка иккистээн кытынным.
Гамбург куорат олус ыраас, Берлинтэн иккис улахан куорат. 2011 сыллаахха “Германия саамай ыраас куората” ааты ыла сылдьыбыт. Гамбург муора үрдүгэр турар.
Биhиги алта кыыс буолан сырыттыбыт: биэс кыыс X кылаас уонна биир кыыс IX кылаас. Манна бараары, сайаапка толорбуппут, кэтэспиппит, бэлэмнэммиппит.
Германияҕа үөрэнэ барарга “DSD” эксээмэни толоруохха наада. Тылы ордук билэр, үчүгэйдик үөрэнэр оҕону талаллар. Мээнэ киhи барбат. Мин ньиэмэс тылын V кылаастан үөрэтэбин, VII кылааска “DSD”-га бэлэмнэнэн саҕалаабытым уонна VIII кылааска аан бастаан бу эксээмэни туттарбытым.
Ньиэмэс тылын олус сөбүлүүбүн. Холобур, ангылычаан тылын бары үөрэтэбит. Биhиги иккис тылбыт курдук, оттон ньиэмэс тылын бары билбэттэр, ол иhин кэрэхсиибин.
Мин быраас буолар баҕалаахпын. Онно эбии омук тылын биллэхпинэ, элбэҕи ситиһиэм дии саныыбын. Оскуолаҕа үчүгэй үөрэхтээх оҕолорго киирсэбин. Тохсуһу икки түөртээх бүтэрбитим. Сөбүлүүр уруоктарым омук тыллара уонна химия.
Федор ЗЫРЯНОВ, IX кылаас:
– Мин ньиэмэс тылын IV кылаастан үөрэтэбин. Үчүгэйдик саҥарар-иҥэрэр буоламмыт, Германияҕа сылдьан кэллибит. Мин уон күн Гамбург куоракка үөрэнним, күүлэйдээтим. Олус сөбүлээтим. Биир күн Берлини баран көрбүппүт.
Бары сөбүлээбит сирбит – “Hamburger DOM” диэн. Бу улахан дьаарбаҥка. Сылга үстэ эрэ арыллар. Аттракционнардаах паарка. Киинэҕэ көрөрбүт курдук, киhини үөрдэр, хараҕын сымнатар сир.
Оттон Хэллоуин дьиҥнээх бырааhынньык эбит. Халандаардарыгар кыhыл күн. Оҕолор, ааны тоҥсуйа-тоҥсуйа: “Кэмпиэт дуу? Дьээбэ дуу?” – дииллэр. Кэмпиэт ылар буоллахтарына, хоhоон этэллэр эбэтэр ырыа ыллыыллар. Бары көстүүмнээх сылдьаллар.
Оҕолор, бу үөрэнээччилэр курдук, барытыгар көхтөөхтүк кыттан иhиҥ, саҥаны билиҥ-көрүҥ.
Айаана ТРЕТЬЯКОВА.