Өбүгэлэрбититтэн кэлбит сахалыы уран тылбыт кэнники кэмнэргэ умнуллан, симэлийэн эрэр. Аныгы дьон үгүс өттө араас омук тылын булкуйан саҥарар, кэпсэтэр. Манна Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин санааларын этэллэр.
Толкуйдаан көрдөххө, ити барыта гаджеттар, Интернет содула. Телефонунан суруйсарга түргэнник, кылгастык суруйаары тылы нууччалыы, эбэтэр кылгатан суруйсаллар. Оннук сурук киһи ааҕарыгар да, өйдүүрүгэр да олус уустук. Билигин оҕолор нууччалыы тылы булкуйан саҥараллар, дифтоннары кылгаталлар, ол түмүгэр сыыһа суруйаллар, сыыһа саҥараллар. Холобур, «уже», «даже», «что ли», «вообще» диэн нууччаттан киирбит тыллары үгүспүт сахалыы тыллар дии саныыбыт. Ити тыллары дьиҥэр, «номнуо», «оннооҕор», «дуо?», «олох даҕаны» диэн сахалыы этиэххэ сөп. Маны кытта, «оттон» уонна «онтон» диэн тыллары бутуйуу баар. Ол эмиэ этии ис хоһооно уларыйыытыгар тиэрдэр. Тоҕо итинник саҥаралларын ыйыттахха, икки тыл маарыннаһалларыттан диэн быһаараллар.
Вова Винокуров, 11 кылаас, Орто Халыма , Өлөөкө-Күөл б.
Сахалыы ыраастык саҥарыы суолтата
Хас биирдии омук бэйэтэ төрүт тыллаах-өстөөх буолар. Биһиги сахалар ураты тыллаах омуктар буолабыт. Хомойуох иһин, ол төрүт тылбыт сыл-хонук аастаҕын аайы кыра-кыралаан сүтэн, уларыйан иһэр. Бу билиҥҥи кэмҥэ арааһа уу сахалыы ыраастык саҥарар киһи тарбахха баттанара буолуо, эбэтэр олох да суоҕа буолуо. Ити барыта араас саҥа технологиялар киирэннэр, биһиги тылбытыгар-өспүтүгэр кыбыллан, ханнык да омук тылыгар маарыннаабат тыллар үөскээн кэлэллэр. Омук тыла симэлийбэтин туһугар оҕо кыра эрдэҕиттэн сахалыы кэпсээннэри, остуоруйалары, хоһооннору истэ, ааҕа сылдьыахтаах. Оччоҕо эрэ оҕо кыра сааһыттан төрүт тылын ылынан, сахалыы саҥарыа. Оччоҕо эрэ сахабыт тыла сүппэт, сыыһырбат дьылҕаланыа.
Арсен Винокуров, 11 кылаас, Орто Халыма , Өлөөкө-Күөл б.
Тоҕо билиҥҥи кэм оҕото тылы сыыһа туттарый?
Билиҥҥи кэм ыччата тыллары сыыһа туттар, саҥарар буолла. Ол тоҕо?
Мин санаабар, аныгы кэм дьоно биһиги, барыта бэлэмҥэ үөрэммиппит. Оттон барыта бэлэм буолуута киһини сүрэҕэ суох буолууга тиэрдэр. Оҕолор уһуннук суруйуохтарын, ааҕыахтарын, бэл диэтэр кэпсэтиэхтэрин сүрэҕэлдьиир буоллулар. Уһун кээмэйдээх суругу ааҕартан сүрэҕэлдьээн, аахпаттар. Телефоҥҥа уһун тыллары кылгатан суруйаллар, түмүгэр кимиэхэ да биллибэт, ханна да суох тыллары айан тутта сылдьабыт. Ол иһин төрөөбүт тылбыт сүтүөн сөп. Маныаха буруйдаахтар , хомойуох иһин, бэйэбит буолабыт.
Онон сахалыы сөпкө саҥарыахха, тыллары кылгаппакка суруйуохха, сүрэҕэлдьээбэккэ ааҕыахха наада.
Диана Слепцова, 11 кылаас, Орто Халыма , Өлөөкө-Күөл б.