Олунньу 18 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр Россияҕа Албан аат, Саха сиригэр Патриотизм, ону сэргэ төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Тыыннаах тыл» эдэр ааҕааччылар күрэхтэрэ иккис төгүлүн ыытылынна.
Тэрийээччилэринэн М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата (сал. П.В. Полускин ), Л.Н. Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтэ (сал. А.А. Сабарайкина ) буолаллар. Бырайыак ааптара — «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ Галина Ивановна Полускина.
Быйылгы күрэххэ икки бөлөҕүнэн 60 оҕо кыттыыны ылла. Таатта, Чурапчы, Томпо улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, уопсайа 12 оскуолаттан кыра бөлөххө (1-4 кыл.) — 36 оҕо, улахан бөлөххө (5-11 кыл.) — 24 оҕо кытынна.
Дьүүллүүр сүбэҕэ 8 киһи үлэлээтэ. П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа, театр директорын солбуйааччы, СР культуратын туйгуна Петр МАКАРОВ иккис сылын дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн буолла. Ону сэргэ Дьокуускай куораттан «Полярная звезда» литературнай сурунаал аабынай эрэдээктэрэ, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владислав Семенович ДОЛЛОНОВ, Н.Е.Мординов аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР бэчээтин туйгуна, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Татьяна Ильинична ЖИРКОВА, “Далбар Хотун” сурунаал отделын эрэдээктэрэ, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, фотограф Юлия Ястеревна ПЕСТРЯКОВА, А.Д. Макарова аатынан Культура уонна искусство колледжын саха тылыгар уонна литературатыгар преподавателэ, СР культуратын туйгуна Александра Николаевна ВАСИЛЬЕВА, Арктическай государственнай культура уонна исскуство институтун выпускнига, «Надо мною солнце не садиться» киинэ сүрүн оруолун толорооччу Иван КОНСТАНТИНОВ, Ытык-Күөлтэн үөрэх управлениетыттан Наталья Дмитриевна ОСИПОВА, Ольга Спартаковна ДЬЯКОНОВА үлэлээтилэр.
Күн бастакы аҥарыгар күрэх бастакы түһүмэҕэ икки бөлөҕүнэн арахсан ыытылынна, дьүүллүүр сүбэ хайдыһан үлэлээтэ. Онтон финалга икки бөлөхтөн 21 оҕо талыллан, эбиэт кэннэ дьүүллүүр сүбэ толору састаабын иннигэр иккистээн айымньытын толордо.
Быйыл Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сыла буолан, Аҕа дойду сэриитин темата үгүстүк таарылынна. Хаһан да буоларын курдук, саха классик суруйааччыларын айымньылара инники күөҥҥэ турда. Ону сэргэ эдэр суруйааччылар, олохтоох ааптардар айымньылара киирбитэ, күрэһи сэргэхситтэ. Быйыл П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыската Ирина НИКИФОРОВА “Талаан” диэн театральнай студиятын иитиллээччилэрин аҕалан кытыннарбыта күрэс таһымын үрдэттэ.
Икки түһүмэх түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕы, бөлөхтөрүнэн миэстэлээхтэри таһынан, 16 анал аат туттарылынна:
МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААХ (ГРАН-ПРИ) – Аделина УНАРОВА, Таатта, Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Потапова Влада Семеновна
1 БӨЛӨХ:
I ҮРДЭЛ – Айна ГРИГОРЬЕВА, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Турнина Софья Иннокентьевна, Полускина Галина Ивановна
II ҮРДЭЛ – Айтал ОКОЕМОВ, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Халыева Галина Федотовна
III ҮРДЭЛ – Даниил ПАВЛОВ, Таатта, Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Дедюкина Прасковья Романовна
2 БӨЛӨХ:
I ҮРДЭЛ – Арчылаан БАРАШКОВ, Чурапчы, Алаҕар орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Гоголева Татьяна Ильинична
II ҮРДЭЛ –Айсулу МИХАЙЛОВА, Чурапчы, Мугудай орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Ноговицына Анна Федоровна
III ҮРДЭЛ – Маша СЛЕПЦОВА, Чурапчы, Мугудай орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Ноговицына Анна Федоровна
АНАЛ ААТТАР:
- П.А.Ойуунускай аатынан Саха театрын биһирэбилэ – Саяна БУЧУГАСОВА, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччылар Варламова Ульяна Николаевна, Давыдова Вера Иннокентьевна
- П.А.Ойуунускай аатынан Саха театрын биһирэбилэ – Вася БОГДАНОВ, Таатта, Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Винокурова Валерия Георгиевна
- «Бичик» кинигэр кыһатын биһирэбилэ – Коля ЧЕХЧЕННОНОВ, Таатта, Тыараһаторто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Турнина Валентина Ивановна
- «Полярная звезда» сурунаал биһирэбилэ –Ефим КЛАДКИН, Таатта, Тыараһа коррекционнай оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Лазарева Александра Николаевна
- «Полярная звезда» сурунаал биһирэбилэ – Оля КОЛОДЕЗНИКОВА, Томпо, Мэҥэ-Алдан орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Григорьева Екатерина Егоровна
- «Полярная звезда» сурунаал биһирэбилэ — Аделина УНАРОВА, Таатта, Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Потапова Влада Семеновна
- «Далбар Хотун» сурунаал биһирэбилэ – Диана ВИНОКУРОВА, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Пудова Екатерина Сергеевна
- «Кэскил» издательство биһирэбилэ – Агата КОЛОДЕЗНИКОВА, Таатта, Чымынаайы орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Кондакова Марина Ивановна
- «Кэскил» издательство биһирэбилэ – Егор ОКОЕМОВ, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Турнина Валентина Ивановна
- «Кэскил» издательство биһирэбилэ –Слава ПЛОТНИКОВ, Таатта, Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Винокурова Валерия Георгиевна
- А.Д. Макарова аатынанДьокуускайдааҕы Культура уонна искусство колледжын биһирэбилэ – Таттаана ЛУКОВЦЕВА, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Полускина Галина Ивановна
12.“Таатта улууһа” МТ дьаһалтатын анал бэлэҕэ – Сайдам САВВИНОВ, Дьокуускай, Саха гимназиятын 1 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Никифорова Ирина Афанасьевна
- Улуустааҕы үөрэх управлениетын биһирэбилэ – Сардаана ДЕДЮКИНА, Таатта, Ытык-Күөл, улуустааҕы лицей 6 кылааһын үөрэнээччитэ, “Кустук” оҕо образцовай театральнай студиятын иитиллээччитэ, салайааччы Захарова Татьяна Ивановна
- Улуустааҕы үөрэх управлениетын биһирэбилэ — Айысхаан ТОЛСТЯКОВ, Таатта, Тыараһа коррекционнай оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Турнина Нина Ивановна
- Тыараһа нэһилиэгин “Хардыы” литературнай түмсүүтүн биһирэбилэ – Анджелика ЭЛЬБЯДОВА, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ, салайааччы Халыева Галина Федотовна.
- Тэрийээччи биһирэбилэ – Арина ШЕПЕЛЕВА, Дьокуускай куорат, “Талаан” оҕо театральнай студиятын иитиллээччитэ, Дьокуускайдааҕы 3№-дээх орто оскуола үөрэнээччитэ, салайааччы Никифорова Ирина Афанасьевна
Иккис сылын ыытыллыбыт “Тыыннаах тыл” күрэҕэ тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга, дьүүллүүр сүбэҕэ үгүс умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ, саҥа ааттары арыйда. “Тыыннаах тыл” сылын ахсын төрөөбүт тыл күнүгэр анаан ыытыллан, өссө кыттааччыта элбээн, үтүө үгэскэ киириэ диэн эрэнэбит. Бары кыттыбыт оҕолорго, салайааччыларга, тэрээһиммитин өйөөбүт спонсордарбытыгар: улууспут дьаһалтатын баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы И.А.Сивцеваҕа, нэһилиэкпит депутатыгар, улуустааҕы ОДьКХ салайааччытыгар Д.Д. Павловка, “Баай ас” тэрилтэҕэ (директор З.З. Варламов), “Камелек” фирмаҕа (салайааччы О.Г. Григорьева), “Мозаика” маҕаһыыҥҥа (салайааччы В.В. Афанасьев) партнердарбытыгар “Бичик” кинигэ кыһатыгар (генеральнай директор А.В. Егоров), “Сахабэчээт” автономнай тэрилтэҕэ (салайааччы В.И. Сыромятников), “Кэскил” издательствоҕа (генеральнай директор О.И. Семенова), П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар (директор А.П.Николаев), Арктикатааҕы государственнай искусство уонна культура институтугар (ректор С.С.Игнатьева), Дьокуускайдааҕы культура колледжыгар (директор З.Н.Никитин) барҕа махталбытын биллэрэбит.
Галина ПОЛУСКИНА