Өрөбүл күн мин, худуоһунньук Иван Шишкин быыстапкатыгар сырыттым. Урут маннык мусуойга сылдьа илик этим. Иван Шишкин 130-тан тахса сыл анараа өттүгэр, айылҕаны дьиҥнээх курдук уруһуйдаабытын наһаа сөхтүм уонна оҕолорго кэпсиэхпин баҕардым. Кини уруһуйдара олус уратылар эбит.
Худуоһунньук 100 саастаах маһы тыыннаах курдук, оннооҕор, күлүгүн кытта үкчү гына уруһуйдаабыт. «Хайдах маннык уруһуйдуохха сөбүй? Хайдах маннык дьиҥнээх курдук уруһуйдуурга үөрэммитий?» — диэн толкуйдаатым. Өссө мусуой үлэһитэ, саамай болҕомтолоох көрөөччү диэн, «Тыа сыта» коллекцияны тутан хабан, сыттаан көрөрбөр көҥүллээбитэ. Онон, худуоһунньук аптаах, алыптаах иэйиитигэр киирэн ыллым. Мин ордук, даачатыгар кэлэн сынньана олорор кыыс уруһуйдаммыт хартыынатын сөбүлээтим. Эһиги эмиэ мин курдук мусуойдарга сылдьыҥ, элбэҕи саҥаны-сонуну билэргэ дьулуһуҥ.
Вася Сивцев,1 «г» кылаас, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай.