Түргэнник урбанизацияланан, куорат аймалҕаннаах олоҕун эйгэтигэр дьон-сэргэ болҕомтотун нэһилиэк олоҕор уурара элбээн иһэрэ бэлиэтэннэ. Кыра дэриэбинэҕэ дьиэ кэргэн сыаннастара, айылҕа кэрэтэ уонна уйулҕата олорорго уонна оҕону иитэргэ ураты эйгэни үөскэтэр.
Оҕо сааһым тухары элбэх оҕолоох дьиэ кэргэммин кытта араас сэлиэнньэгэ олорбутум уонна куруук ийэбиттэн маннык ыйытар этим: «Тоҕо манна олоробут? Хаһан да көһүөххүн баҕарбатаҕын дуо?» Онуоха, ийэм бэйэтин оҕо сааһа улахан оруолу оонньобута диэн бэлиэтээбитэ.
Ол курдук, ийэм төрөппүттэрэ, эһэлээх эбэм, Евгений Саввич уонна Валентина Ивановна кыра сэлиэнньэлэргэ иитиллибиттэрэ уонна улааппыттара. Кинилэр этэллэринэн, урут куорат олоҕо кинилэргэ олус тыастаах-уустаах, дьалҕааннаах курдук көстөр эбит буоллаҕына, дэриэбинэҕэ үс оҕолорун доруобай, сымнаҕас эйгэҕэ хааччыйар кыаҕы көрбүттэр. Ийэм аах Анастасия Евгеньевна актыыбынайдык онно-манна кыттан улааталлара, сүүрэллэрэ-көтөллөрө, оонньууллара, тулалыыр эйгэни чинчийэллэрэ, бу эһэлээх эбэбэр улахан суолталаах этэ. Ол иһин, ийэм оҕо эрдэҕиттэн маннык олоххо үөрэммит.
- Онтон мин билигин бэлиэтээбит тыа сиригэр олорор үчүгэй өрүттэрин кэпсиэм.
- Бастатан туран, ыраас салгын уонна айылҕаны кытта сибээс. Күн аайы ойуур устун хаамыахха, отоннуохха, тэллэйдиэххэ сөп. Миэхэ бу дьиҥнээх дьол – тулалыыр эйгэбитин билэрбит, араас үүнээйилэри, харамайдары үөрэтэбит.
- Иккиһинэн, көҥүл. Хортуопуй, помидор, кабачок, оҕурсу, уопсайынан, оҕуруот аһын бэйэбит үүннэрэбит. Бу аһы-үөлү атыылаһарга, харчыны харыстыыр эрэ буолбакка, уопсай үлэ дьиэ кэргэни муһар.
- Сайынын элбэхтэ күөлгэ сөтүөлүүбүт, оттуубут, мас эрбиибит. Биһиги туспа үгэстэрдээхпит – саас аайы бииргэ хортуопуй олордобут, онтон күһүн хомуйан кыһыҥҥыга бэлэмнэбит. Эбээ уонна эһээ биһигини эппиэтинэскэ, бэрээдэккэ үөрэппиттэрэ.
- Дьиэ кэргэммэр махтанабын, тыа сиригэр олох диэн – айылҕа, үгэс, көҥүл уонна тулалыыр эйгэни кытта алтыһыы эрэ буолбакка, олох философиятыгар кубулуйар.
Алёна ФЕДОРОВА,
11 кылаас үөрэнээчитэ, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин эдэр кэрэспэдьиэнэ, Майа, Мэҥэ Хаҥалас