Биһиги, саха оҕолоро, бары тыа сириттэн силис-мутук тардан, кини уутун иһэн, күн күлүмнүүр сылаас кытылларыгар сөтүөлээн, киһи-хара буоллахпыт. Мин билигин төһө да куоракка олордорбун, үөрэх дьыла бүттэ да, хас сайын аайы ыраах дэриэбинэҕэ абаҕалаахпар, эбэбэр сайылыы, көмөлөһө, үөрэ-көтө барабын. Аймахтарбар оттоһобун, балыктыыбын, тэллэйдиибин, сир астыыбын, күһүнүн муҥхаҕа, сааһын куйуурга сылдьыһабын, дуоһуйа сынньанабын, күүс-уох эбинэбин.
Тыа сирин олоҕо куорат курдук буолбатах, ону тэҥэ кыһалҕата-түбүгэ элбэх. Холобура, олохтоохтор кыһын сүөһүлэрин иитээри, сайыны быһа көхсүлэрин көннөрбөккө оттууллар, саас-кыһын аҕыс ыйдаах кыһыннарыгар оттунар мастарын хаһааналлар. Иһэр ууларын булуналларыгар эмиэ кыһалҕаны көрсөллөр, күөллэр уоланнар уонна билигин Бүлүү өрүс дьалаҕай дьон тустарыттан сүһүрэн, ууларын ыраах сиртэн баһарга күһэллэллэр. Хомойуох иһин, маннык ыарахаттартан чаҕыйан, дьон тыа сиригэр олохсуйуута, хаһаайыстыба тэриниитэ аҕыйаата.
Кэнники кэмҥэ аҕам саастаахтар эдэр ыччат тыа сиригэр тохтообот, олохсуйбат буолла диэн сөпкө долгуйалларын, айманалларын үгүстүк истэбин. Төрөппүттэрим: “Урут бары дьарыктаах буоларбыт: оҕо аймах лабыкта хомуйара, оттоһоро, үлэ лааҕырыгар сылдьара. Оттон билигин көмпүүтэр, төлөпүөн үйэтэ кэлэн, оҕо барыта дьиэҕэ хам хатан, дьыбаан иннигэр олорон, ютубка бириэмэтин ыытар”, – дэһэллэр.
Ийэм кылааһын кыргыттарын кытта сэттис кылаастан сайын аайы үөрэх бүттэ да, күһүҥҥэ диэри ыанньыксыттыыллар, оттон аҕам лабыкта хомуйан, звеноҕа оттоон, сайыннарын туһалаахтык атаарар эбиттэр. Ону истэ-истэ олус ымсыырабын. Билигин да тыа сирин олоҕо биир сиргэ турбакка сайдарыттан, иннин диэки хардыылыырыттан үөрэбин. Холобур, мин сайылыыр дэриэбинэбэр уу ылар скважинаны хаспыттара, ол уулара ыалларга турбаларынан тарҕанар. Көспүт ыаллар өтөхсүйбүт дьиэлэрин көтүрэн ыраастаабыттара, суолу-ииһи тупсарбыттара саҥа хайысха, хамсааһын киирэн эрэрин туоһулуур. Ол эрээри үгүс нэһилиэккэ сайыҥҥы үлэ-сынньалаҥ лааҕыра суоҕа, агрооскуолаларга эрэ ол саҥа сүүрээн баара миигин мунчаардар. Баҕа санаам диэн, урукку курдук, оҕо сайыҥҥы үлэтин сөргүтэн, тыа сирин олоҕун сэргэхситии.
Арай мин үрдүк дуоһунастаах салайааччы эбитим буоллар, куорат уонна дэриэбинэ оҕолоруттан этэрээттэри хомуйан, чугас тыа сиригэр үлэ лааҕырын тэрийиэм этэ. Оччоҕо куорат оҕолоро тыа сирэ тугунан олорорун, кини уустук үлэтин-хамнаһын кытта билсиэ, үрүҥ ас, эт эрэйинэн кэлэрин билиэ этилэр.
Кэлин тыа сиригэр ынах сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар элбээн эрэллэр. Онно оҕо аймах илии-атах, көмө буолуо этэ дии саныыбын. Оскуолаттан салайааччылаах орто сүһүөх оҕолоро биир эмит хаһаайыстыбаҕа бастаан кылгас болдьоххо дуогабардаһан, бэйэлэрин боруобаланыахтарын сөп этэ. Холобур, уолаттар бүтэй тутуутугар, кыргыттар ньирэй аһатыытыгар, эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ эбэтэр нэһилиэк көстүүтүн сөргүтүүгэ, кырдьаҕастарга көмөнү оҥорууга, о.д.а. сөптөөх үлэҕэ көмөлөһүө этилэр. Мантан сиэттэрэн оҕо эт-хаан өттүнэн эрчиллиитэ, өй-санаа өттүнэн сайдыыта, үлэҕэ сыстаҕас буолуута, тыа сирин олоҕо тупсарыгар бэйэтин кылаатын киллэриитэ, ыччат тыаҕа олохсуйуута үксүө этэ. Күргүөмүнэн, көхтөөх, тэрээһиннээх үлэнэн, биир сомоҕо буолуу модун санаата үөскүө этэ.
Мин тоҕо маннык санааҕа кэллим диэтэххэ, биһиги оскуолабыт оҕолоро, сайын аайы кылаастарынан арахсан, араас хайысханан улуустар олохторун кытта билсэбит. Мииринэйтэн саҕалаан, Муомаҕа тиийэ айанныыбыт. Элбэх саҥаны, сонуну билэбит-көрөбүт, истэбит, олохпутугар-дьаһахпытыгар туһанабыт. Айаҥҥа сылдьан, өйдүүн-санаалыын түмсэбит, ыарахаттартан чаҕыйбат, төрөөбүт дойдубутун таптыыр, кини барҕа баайын, аар айылҕатын, хас биирдии хамсыырын-харамайын сыаналыыр буоларга үөрэнэбит. Ол курдук тыа олохтоохторугар көмө буолан, тыа сирин олоҕо сайдарыгар туох эмит кылааппытын киллэриэ этибит диэн эрэнэбин.
Саха ыччата буоларым быһыытынан, төрөөбүт дойдум инникитэ тыа сирин сайдыытыттан тутулуктааҕын саарбахтаабаппын.
Александр Боескоров, Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын IX «Б» кылааһын үөрэнээччитэ.
1
Наьаа үчүгэйдик суруйбут. Маладьыас!