Биһиги дьиэ кэргэн, тыа сиригэр – Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа нэһилиэгигэр олоробут. Сайын аайы эбэлээх эһээбитигэр II Баатара нэһилиэгигэр Сыымах диэн дэриэбинэҕэ, аҕам төрөөбүт дойдутугар оттуубут, сир астыыбыт. Дьиэ кэргэним, бары кэриэтэ сир астыырбытын олус сөбүлүүбүт.
Бүгүн бэйэм дьиэ кэргэним туһунан уонна биһиги тыа сиригэр хайдах олорорбут туһунан кэпсиэм. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр уопсайа алтыа буолабыт. Аҕам, Попов Михаил Михайлович, ийэм, Попова Анна Владимировна, эдьиийим, Попова Кристина үһүс куурсуска АГИКИ-га дизайнер үөрэҕэр үөрэнэр, мин, Попова Лилиана Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан оскуолаҕа 9 «а» кылааска үөрэнэбин, балтым, Попова Лида 7 «б» кылааска үөрэнэр, быраатым, Попов Вова 3 «б» кылаас үөрэнээччитэ.
Сибиэһэй салгын, бэйэ олордубут оҕуруот аһа уонна сир аһа – бу барыта тыа сиригэр баар. Онон манна олорор олус үчүгэй!
Лилиана ПОПОВА,
Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ,
«ОхлопковNews» медиа киин эдэр кэрэспэдьиэнэ, Майа, Мэҥэ Хаҥалас