Тыа сиригэр оҕо улаатара быдан табыгастаах дииллэр. Кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ үлэлиирин көрөр-истэр, онтон улаатан истэҕин аайы дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөн үлэҕэ сыстан барар. Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн сатабыллаах буола улаатар.
Бу ыйытыы тула бүгүн нэһилиэкпит аҕа баһылыгын Григорий Дмитриевиһи кытта кэпсэтиэхпит.
— Григорий Дмитриевич, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
— Мин Григорий Лукин диэммин, бэйэм тыа сиригэр төрөөбүтүм. Тиит Арыы нэһилиэгин Чкалов дэриэбинэтигэр улааппыт киһибин. Тиит Арыы нэһилиэгин оскуолатын 11 кылааһын бүтэрэн, салгыы үөрэхпин бүтэрэн баран, дойдубар кэлэн 27 сылын үлэлии сылдьабын. Билигин 2016 сыллаахтан баһылыгынан үлэлээн олоробун. Ол иннигэр 20 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим. Сельхоз техникуму, онтон кэтэхтэн Сельхоз академиятын бүтэрбитим.
— Нэһилиэнньэҕэ хас киһи олороруй?
— Нэһилиэкпитигэр 260-тан тахса киһи, онтон фактически 158 киһи олорор.
— Тыа сирэ (нэһилиэк) сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Оскуола баар буолан тыа сирэ эстибэккэ турар дии саныыбын. Оскуола сабыллар түгэнигэр оҕолоох ыаллар көһөн, дьон кэлиитэ, ыал олохсуйуута аҕыйыыр.
— Тыа сиригэр олорорго киин ититии улахан оруоллаах. Бу туһунан тугу сырдатыаҥ этэй?
— Киин ититиигэ холбооһун 4-5 сыл буолла. 20 ыал, тэрилтэлэр холбонон олороллор. Быйыл 7 ыал холбонуохтаах.
— Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан туох үлэ барарый?
— Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыл чэрчитинэн конкурстар, тэрээһиннэр, акциялар буолаллар. Ылыллыбыт былааннар бара тураллар.
— “Тыа сиригэр олорор үчүгэй” диэн этиини хайдах өйдүүгүтүй?
— Тыа сиригэр олорор үчүгэй буоллаҕа дии. Тыа сиригэр оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэнэр. Дьиэ ис-тас үлэтигэр, муус-мас таһыытыгар көмөлөһөллөр. Сүөһүлээх, сылгылаах дьоҥҥо оҕолоро илии-атах буолан көмөлөһөр. Үлэҕэ кыраларыттан эриллэн улаатан, үлэни өрө тутар, ыарахантан чаҕыйбат буола улааталлар. Онон оҕо эт-хаан өттүнэн сайдан улаатар, сатабыллаах буолар. Билиҥҥи үйэҕэ телефон, интернет сайдан тыа оҕото куорат оҕотуттан туох да хаалсааһына суох үүнэр-сайдар.
— Григорий Дмитриевич, ыйытыкпар эппиэттээбиккэр махтанабын.
Соловьева Вика, 6 кылаас
Хаҥалас улууhун 3-Малдьаҕар оскуолатын үөрэнээччитэ