Бу 2024 сыл Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сыла биллэриллибитинэн мин бүгүн дьиэ кэргэним уонна биһиги тыа сиригэр олохпут дьаһахпыт туһунан сырдатарга сананным.
Мин аатым Нестерева Саргылаана. Элбэх оҕолоох Нестеревтар дьиэ кэргэҥҥэ орто оҕонон күн сирин көрбүтүм. Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Таатта улууһун Чымынаайы орто оскуолатын бэһис кылааһын үөрэнээччитэ буолабын. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт: эдьиийим Айгылаана 7 кылааска үөрэнэр, онтон быраатым Айсаар 2 саастаах, «Сардаана» уһуйаан иитиллээччитэ. Амарах аҕам Гаврил Анатольевич Уус Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта. Күн Күбэй ийэм Анна Григорьевна алын сүһүөх учуутала.
Биһиги дьиэ кэргэн нэһилиэк олоҕор, улуус, өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах куонкурустарыгар көхтөөхтүк кыттабыт. Ол курдук, биһиги дьиэ кэргэн биир улахан ситиһиибит диэн – 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ «Сыл бастыҥ эдэр ыала» буолан Ил Дархан бириэмийэтинэн наҕараадаламмыппыт.
Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ айылҕаҕа сылдьарбытын, сир астыырбытын, оттуурбутун олус сөбүлүүбүт. Ол туоһута, мин боҕуруоскай от туһунан дакылаат суруйан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк ситииһилэммитим буолар.
Биһиги эбэлээх, эһэбитин кытары тыа ыалын сиэринэн элбэх ынах-сүөһү, сылгы, куурусса, сибиинньэ иитэбит. Биһиги оҕолор үлэттэн туора турбакка күннэтэ көмөлөһөбүт, тэҥҥэ сылдьыһабыт. Сайын устата ньирэйдэрбин бүөбэйдээн, суосканан аһатабын, киэһэҥҥи ыамҥа ынахтары хомуйан аҕалан дьоммут үлэтин чэпчэтэбит.
Тыа сиригэр олорор, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, айылҕалыын күннэтэ алтыһар туохтааҕар да кэрэ.
Саргылаана НЕСТЕРЕВА
Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, Таатта улууһа