Маар орто оскуолатын «Юла» медиакиинэ Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн Түмүк нэһилиэгин биир киэн туттар, бигэ тирэхтээх эдэр ыалыгар Андреевтарга ыалдьыттаата. Ыал ийэтэ Тамара Николаевна Ньурбатааҕы техникум бухгалтера, ыал аҕата Владислав Петрович баһаарынай чаас суоппара, тутаах үлэһитэ.
— Үтүө күнүнэн, Тамара Николаевна! Дьиэ кэргэҥҥит туһунан билиһиннэриҥ.
— Биһиги дьиэ кэргэн 2009 сыллаахха олунньу 21 күнүгэр тэриллэн, билигин Ньурба оройуонун Маар сэлиэнньэтигэр олохсуйан үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Мин Андреева Тамара Николаевна диэммин, кэргэним Андреев Владислав Петрович Мэҥэ-Хаҥалас Төхтүр нэһилиэгиттэн төрүттээх. Быйыл бииргэ олорбуппут 15 сыла. 4 оҕолоохпут: улахаммыт Арылхан 15 саастаах, кыргыттарбыт Вилена 13, Владилена 11, Ванесса 3 саастаахтар.
— Владислав Петрович, эрдэттэн элбэх оҕолоох ыал буолуохпут дии саныыр этигит дуо?
— Тоҕо эрэ оҕобут элбэх дуу, аҕыйах дуу буолуохтаах эҥин диэн санаалар киирбэттэр этэ. Элбэх оҕолоох ыал буолуохпут диэн былааннаабатахпыт. Айылҕа хас оҕону биэрбитинэн, номнуо түөрт оҕону төрөтөн, элбэх оҕолоох ыал буолан хаалбыппыт.
— Дьиэ кэргэҥҥитигэр ханнык үгэстэри тутуһаҕыт?
— Саха ыала буоларбыт быһыытынан дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому оҕолорбутугар кэпсиибит, тутуһабыт. Бииргэ кэнсиэркэ, киинэлэргэ сылдьарбытын сөбүлүүбүт.
— Дьиэ кэргэҥҥитинэн бииргэ тугу гынаргытын сөбүлүүгүт?
— Бары тус-туһунан дьарыктаах курдукпут да буоллар, бэйэ-бэйэбит интириэспитин өйүүбүт. Холобур, Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар дьиэ кэргэнинэн дьиэбит таһын бииргэ киэргэтэрбитин астынабыт. Аҕабыт уолун кытта уһанан араас фигура быһаллар, сваркалыыллар, биһиги кыргыттардыын кырааскалыыбыт, киэргэтэбит.
— Оҕолоргут араас эйгэҕэ ситиһиилэрдээхтэр. Арылхан быйыл «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларыгар атах оонньуутугар призер буолбутунан эҕэрдэлиибит. Оҕо ситиһиилээх буоларыгар ордук болҕомтону туохха уураҕытый?
— Оҕону кыра диэбэккэ, кинини эмиэ ытыктаан болҕойон истиэххэ наада. Оҕолорбут санааларын истэн, баҕа санааларыгар күүс-көмө, өйөбүл буолабыт. Оҕо интириэһин сайыннара сатыыбыт, кыахпытынан, холобур, баҕалаах дьарыктарыгар сылдьалларын өйүүбүт. Ардыгар хас да дьарыкка сылдьар буоллахтарына, биирин эмит бэйэтэ талыа диэн эрэнэбит. Улахан уолбут Арылхан кыратыттан спорду өрө тутар оҕо. Билигин биһиги олус үчүгэй кэмҥэ олоробут. Киһи ханнык баҕарар баҕа санаатын дьулуурун ууран туран кыһалыннаҕына, барытын олоххо киллэрэр кыахтаах.
— Дьиэ кэргэҥҥитигэр ханнык бырааһынньыктары тэрийэҕитий?
— Оҕолорбут төрөөбүт күннэрин сыл ахсын бэлиэтиибит. Биһиги дьиэ кэргэн сөбүлүүр бырааһынньыга — Саҥа дьыл. Саҥа дьыл бырааһынньыгар эбэһээт бары бииргэ мустан кэлэр сылы көрсөбүт.
— Оҕо иитиитигэр туохха ордук болҕомто уураҕытый?
— Тыа сиригэр олох быһыыта, укулаата төрдүттэн атын. Оҕолорбутун илии үлэтигэр үөрэтэбит, сыһыарабыт. Кыһын хаар күрдьүүтэ, муус ылыыта, сайыннары-кыһыннары дьиэ ис-тас үлэтигэр сырытыннарабыт, саас саһааҥҥа, сайын эбээлээхпитигэр, Төхтүргэ, оттоһо көмөҕө барабыт. Кыах баарынан бары өттүттэн болҕомто уура сатыыбыт. Уол оҕо аҕатыгар чугас буолуохтаах диэн аҕабыт уолун кыратыттан араас үлэҕэ илдьэ сылдьар. Бэйэм кыра сылдьан ас астаабатах, иистэммэтэх эҥин буоламмын, кыргыттарбытын ас астыырга, иистэнэргэ-баайарга болҕомто уурабын. Владиленабыт быйыл олус үчүгэй баайы куруһуогар сөбүлээн сылдьан эрэр диэн үөрэбит.
— Бэйэ-бэйэни өйдөһүү төрүөтэ туохха сытарый?
— Дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэни өйдөһүөххэ, өйөһүөххэ, харыстыахха наада. Оччоҕо эрэ биирдэ олорор олохпут иллээх-эйэлээх, уһун уонна дьоллоох буолар.
Сайнаара Иванова, Маар орто оскуолатын «Юла» медиакиинэ.
keskil14.ru