Кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар, чуолаан оттооһуҥҥа, ыарахан дьыллар үүннүлэр. Бүтэһик үс-түөрт сылга кураан дьыллар турбуттара, онно эбии өрөспүүбүлүкэ араас хайысхатынан баһаардар улахан хоромньуну оҥордулар.
Онтон Ньурба оройуонун 1-Хаҥалас нэһилиэгэр кыстыкка киирии туругунан төһө от оттонно? Сүөһү аһыыр аһа бэлэм дуо? Бүгүҥҥү суруйуум бэйэм нэһилиэкпэр сайыҥҥы оттооһун хаамыытын туһунан.
Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын специалиһын Григорьева Сардаана Владимировнаны кытта көрсөн, кэпсэтэн, оттооһун туругун туоһуластым.
— Хаҥаласка быйыл оттоһун былаана туруоруллубут былаан таһынан толоруллубут. Ол эбэтэр 1532 туонна оту сайын устата олохтоохтор оттообуттар. Халлааммыт оруобуна от кэмигэр туран биэрэн маннык көрдөрүү таҕыста диэххэ наада.
Былырыыҥҥы түмүктэри кытта тэҥнээтэххэ, балай да элбэҕи оттообуттарын специалист бэлиэтээтэ. Олохтоохтор номнуо бэлэмнээбит отторун тиэргэннэригэр таһан, далы булларан хотон аттыгар сүөһү аһа бэлэм турар.
Онон нэһилиэкпит дьоно быйылгы кыстыкка хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи уһун кыһын устата аһатар отторо бэлэм! Тыа дьоно үлэлээҥ-хамсааҥ, тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин сайыннарыҥ!
Анатолий Григорьев, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Ыллык» эдкорпост, Ньурба.