Үгэс курдук, сахалар уһулуччулаах тустууктары уонна булчуттары чулуу дьонунан ааҕаллар. Саха норуотугар национальнай спорт уонна физическэй бэлэмнэнии көрүҥнэрэ олус сайдаллар. Биһиэхэ былыргыттан билиҥҥэ диэри “Тутум эргиир” спортивнай көрүҥнээхпит. Саха многоборье, араас “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһиилэргэ ыытыллар, бу көрүҥ сүрүн түһүмэҕэ буолар.
Саян Макаров Дьокуускай 17 №-дээх орто оскуолатын VI “В” кылааһын үөрэнээччитэ. Кини спорду олус сөбүлээн дьарыктанар.
– Билигин нэһилиэнньэҕэ уонна, бастатан туран, оҕолорго чэбдигирдэр физическэй культура уонна спорт көрүҥнэрин ордук табыгастаах уонна умсугутуулаах көрүҥнэрин ортотугар фитнес буолар. Биир интэриэһинэй уонна аатырбыт хайысхата – «кроссфит». Бүгүҥҥү күҥҥэ биир саамай киэҥник тарҕаммыт дьарык. Өбүгэлэрбит национальнай спортивнай оонньуулара аан дойду таһымыгар тиийэ биллэллэр.
Мин саха ыччатыгар эт-хаан хаачыстыбатын сайыннарыыга, киэҥник бу көрүҥ тарҕанарыгар, Саха национальнай оонньууларын кроссфитка тэҥнээн көрдөрүү. Мин бырааппынаан Тимуурдуун дьарыктанан 2 сыл иһигэр маннык түмүктэри ситистибит:
• 2018 с. «Тутум эргиир» өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга кыттан II миэстэ, 50 эргиир 2 мүнүүтэ иһигэр. Бырааппынаан сайыҥҥы күрэххэ бириистээх миэстэҕэ тиксибиппит. Тимур киэнэ 1 мүнүүтэҕэ – 15 эргиир, миэнэ — 32 эргиир.
• Бүлүү улууһун Балаҕаччытын ыһыаҕар эмиэ призердар буолбуппут Мин – I миэстэ (62 эргиир), Тимур – II миэстэ (42 эргиир).
• 2019 с. ахсынньыга “Тоҕуһуону олоҥхо” былыргы түүр оонньууларыгар аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивальга мин бастаабытым (56 эргиир 1 мүнүүтэҕэ), Тимур II миэстэ (37 эргиир 1 мүнүүтэҕэ).
Мин тус рекордум 2 мүнүүтэҕэ 72 эргиир, оттон Тимур 50 эргиирдээх буолар.
Мин практическай дьарыктарым «Тутум эргиир» тренердэрэ эрчиллиилэринэн утумнаахтык дьарыктыылларын көрдөрдүлэр:
• координация, хапсаҕай, имигэс, быһый буолуу, вестибулярнай аппарат сайдар.
• сис тоноҕоһун бөҕөргөтүүгэ уонна былчыҥы бэртээхэйдик чэбдигирдэр дьайыы биэрэр.
• эрчиллиигэ эт-хаан биир кэлим эрэ быһыытынан үлэлиир. Бу бэйэни көмүскүүргэ олук буолар.
Спорду таптаан, спордунан дьарыктаныҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ! Оччоҕо олоххут барыта сырдык-ыраас буолуо.
Павел Ильин.