Олохтон ойуулаатахха
… Оҕо дьиэтигэр кэлэр. Ийэтэ ватсаптыы олорор, аҕата Интернеккэ «хатаммыт». Киниэхэ эрэ кыһаллыбаттар. Ол иһин кыыс эмиэ инстаграмын холбуур. Дьиэ кэргэн бүттүүн — виртуальнай эйгэҕэ…
… Сайын аайы бөһүөлэкпит оҕо аймах саҥатынан туолара. Лапта үгэнэ буолара. Оттон билигин таһырдьа оонньууллара да ахсааннаах. Дьиэлэригэр көмпүүтэрдииллэрин ордорор буолбуттар”…
… “Тоҕо ким да переменаҕа сүүрбэтий-көппөтүй, мэниктээбэтий?”— дьиибэргиибин. Көрбүтүм – бары планшеттарыгар, төлөпүөннэригэр умса түһэн олороллор…
… Оскуолаҕа суруйааччылыын көрсүһүү. Сэҥээрэн аҕай истэллэр дии санаабытым баара, бука бары ютубка олороллор эбит…
Сайдыы содула
Дьэ, ити олохтон ойуулаабыт түгэннэрбэр курдук, аныгы дьон Интернеттэн, инстаграмтан, ватсаптан, ютубтан наһаа тутулуктаах буоллубут.
Оҕолорго бу ордук охсуулаах. Холобура, бэйэлэригэр эрэлэ суох дьон буола улааталлар. Төлөпүөннээх эрэ буоллахтарына, тирэхтээх курдук сананаллар. Этэргэ дылы, Интернет, инстаграм, ватсап, ютуб, гугл – кинилэр көрөр харахтара, истэр кулгаахтара, толкуйдуур өйдөрө, кэпсэтэр тыллара. Онто суох тугу да билбэт, туохха да быһаарсыбат буолан хаалаллар.
Аны туран, санааларын да сатаан сааһылаан эппэт көлүөнэ үүнэн эрэр. Дэлэҕэ бэйэ-бэйэлэрин кытта, утары атах тэпсэн олорон, ватсабынан кэпсэтиэхтэрэ үһү дуо? Дьиҥэр, киһи киһини кытта алтыһан, ирэ-хоро сэһэргэһэн сайдар ээ. Монитору, дисплейи тобулу көрөртөн тупсан-туругуран турбатыҥ чахчы.
Үсүһүнэн, дьиҥнээх олохтон тэйэллэр, илэ суох сымыйаҕа итэҕэйэн киирэн бараллар. Виртуальнай эйгэҕэ эрэ бэйэлэрин үчүгэйдик сананар буолаллар.
Өссө да итинтэн атын мөкү өрүттэрэ элбэх: сүрэҕэ суох буолуу, үөрэх мөлтөөһүнэ, аанньа утуйбакка, үчүгэйдик аһаабакка, доруобуйаны айгыратыы, о.д.а.
Ол гынан баран, тоҕо эрэ, аан дойду дьоно үксэ гаджеттарга “кулут” буолла, Интернет ситимигэр “иилиһиннэ”. Тоҕо?
Тоҕо сөбүлүүллэр?
Бастатан туран, инстаграмы ылыахха. Дьэ, араастаан тутта-тутта, бэйэлэрин селфилээ да селфилээ. Табыллан түстэхтэринэ, дуоһуйуу, астыныы бөҕө. Өссө ол хаартыскаларын атыттар “лайк”-таатахтарына — букатын да дьоллоноллор!
Оннук үлүскэн үөрүүнү дьиҥнээх олохтон ылбаттар, кэмпилимиэни да истэллэрэ саарбах. Арай инстаграмҥа эрэ «кыраһаапчык», «кырасаабысса» аатырыахтарын, оннук бэйэлэрин сананыахтарын, болҕомтоҕо сылдьыахтарын сөп. Ол иһин ити ситимтэн тахсыбаттар, эбиитин онно атын дьон олохторун кэтииллэр, сонуннарын ааҕаллар, барытыгар ыраахтан «в курсе» сылдьаллар.
Оттон Интернет туһунан элбэҕи этэ да барыллыбат: аан дойдуну арыйар алыптаах ситимнэрэ буоллаҕа эбээт. Интернетэ суох олох суоҕун тэҥэ буола түһэр. Аҕыйах чаас арахсан ыллаҕына, иэдэйэ сыыһабыт. Били, көрүдьүөс кэпсээн баар дии: уоллара буруйу оҥорбут. Төрөппүттэрэ мөҕө сатыыллар. Оҕолоро олох да онно эрэ кыһаллыбат, истибэт. Онтон аҕата ыксаан: “Интернеккин араарыам!”—диэбитигэр, дьэ, биирдэ уйатыгар уу киирэр: “Баһаалыста, араарыма, көрдөһөбүн, көннөрүнүөм, үөрэхпэр кыһаллыам”,— диэн ааттаһар.
Ватсап диэн букатын да арахсыспат аргыспыт. Илдьити, сонуну, сураҕы-садьыгы, хобу-сиби тиэрдэрэ-аҕалара түргэнин, солуута суоҕу да, суолталааҕы да сэһэргэһэргэ бэрт табыгастааҕын иһин бары биһирииллэр.
Быһата, оҕолор виртуальнай эйгэҕэ дьиҥнээх олохторунааҕар быдан элбэх эмоцияны ылаллар, онно соҕотохсуйбаттар уонна хайдах көстүөхтэрин баҕарар уобарастарын айаллар. Ол иһин умсугуйаллар, үлүһүйэллэр.
Үлүһүйэр сэрэхтээх
Биллэн турар, күнү-күннүктээн ватсаптаан тахсыы, түүннэри-күнүстэри Интернеккэ олоруу – доруобуйаҕа охсуулаах. Психологтар быһааралларынан, билигин киһи аймахха «номофобия» диэн ыарыы баар буолбут. Ол аата, төлөпүөнэ суох хаалартан куттаныы. Холобура, суотабайбытын ханна эмэ умнан кэбистэхпитинэ, аймана, хомойо түһэбит дии? Оттон буллахпытына, утаппыт киһилии, тута ватсаппытын, Интернеппитин хасыһан барабыт буолбаат? Дьэ, итинник көстүүнү «номофобия» дииллэр.
Оннооҕор селфи ыарыыта үөдүйбүтэ. Ону судургутук “селфимания” диэн ааттыыллар. Оннук дьаллыктаах дьон инстаграмҥа күҥҥэ сүүсчэкэ хаартысканы угаллар үһү. Аны табыллан түспэтэхтэринэ — кыыһырыы-абырыы, кыйаханыы. Дьэ, иэдээн диэтэҕиҥ.
Онон абыраллаах аппарааппыт араас албастарынан аһара үлүһүйэр сэрэхтээх, уйулҕаны хамсатыан, ньиэрбэ ыарыытыгар тиэрдиэн сөп.
Хантан билэбин?
Тутулуктаах буолбуккун судургутук бэйэҥ маннык быһаарыаххын сөп:
- — өскөтүн Интернеккэ 2 чаастан уһуннук олорор, ватсапкын сотору-сотору өҥөйөр, инстаграмҥа күҥҥэ уончата киирэр буоллаххына;
- — иллэҥ кэмҥин доҕотторгун кытта бииргэ атаарыахтааҕар, соҕотоҕун көмпүүтэр иннигэр олороргун быдан ордорор буоллаххына;
- — сарсыарда ватсапкын, Интернеккин санаабыккынан уһуктар, төлөпүөҥҥүн туппуккунан утуйар буоллаххына.
Өссө бу аллараа бэриллибит тургутугу толорон, бэйэҕин бэрэбиэркэлэниэххин сөп.
Тургутук (тест)
Ыйытыыларга хоруйдар: суох – 0, хаһан эмэ – 1, сороҕор – 2, элбэхтэ – 3, мэлдьи – 4 баал.
- Интернет нөҥүө билсэҕин?
- Дьиэҕэр үлэлээбэккэ, уруоккун толорбокко, Интернеттии, ватсаптыы олорооччуҥ?
- Дискотекаҕа барбакка, Интернеттии хаалааччыҥ дуо?
- “Бүгүн эрдэ утуйуом”, — диэн баран, хойукка диэри online олорбутуҥ эрэ баар буолааччы?
- Дьонуҥ: “Наһаа өр ватсаптыыгын, ютуб көрөҕүн?”—диэн сэмэлээччилэр?
- Интернеттэн сылтаан уруок аахпакка, “2”-ни ылааччыгын?
- Тугунан эмэ дьарыктана сылдьан, ватсапкын, “контаккын”, “твиттергин”, “фейсбуккун” санаан ааһаҕын?
- Төлөпүөнэ суох сылдьыбыт кэмҥин туһата суох ааспыт бириэмэ курдук саныыгын?
- Тоҕо Интернеккэ наһаа өр олороргун, онно тугу гынаргын ыйыталастахтарына, мух-мах бараҕын?
- Күннээҕи сүпсүлгэни умнан, виртуальнай олох умсулҕаннаах эйгэтигэр “умсаргыттан” төһө үөрэҕин?
- Интернет бириэмэҕин наһаа сиирин билинээччиҥ дуо?
- Тугуҥ да табыллыбатаҕына, виртуальнай эйгэҥ эйигин күүтэрин санаан уоскуйааччыҥ?
- Төһө кыыһыраҕын, өскөтүн online олордоххуна мэһэйдээтэхтэринэ?
- Илэ көрсөн кэпсэтэрдээҕэр Интернет, ватсап нөҥүө сэлэһэр ордук дии саныыгын?
- Уруокка олорон, ватсапкын көрө охсоору, хаһан бүтэрин кэтэһээччиҥ?
- Төлөпүөҥҥэр, көмпүүтэргэр “киирэн” олордоххуна, төрөппүттэриҥ аһата эбэтэр үлэлэтэ ыҥырдахтарына, төһө өр: “Тохтооҥ, билигин тиийиэм”,—дии-дии олороҕун?
- Кылгастык көмпүүтэрдииргэ сорунан баран, син биир уһуннук олорбутуҥ эрэ баар буолар?
- Наһаа өр ватсаптыыргын, интстаграмы көрөргүн, Интернеттииргин дьоҥҥуттан кистиигин?
- Интертнет нөҥүө ханнык эмэ оонньууга күрэхтэһэр туһуттан оскуолаҕа үөрэнэ барбатах түгэниҥ баар дуо?
- Интернеккэ олорон, күннээҕи кыһалҕаҕын умнаҕын?
Баалларгын аах:
10-29. Эн көннөрү туһанааччы эрэ эбиккин. Интернеттэн наадалааххын көрөҕүн, ватсабы кэпсэтэр ньыма эрэ быһыытынан ылынаҕын.
30-59. Наһаа үлүйээри гыммыккын.Тохтоо! Ылларан кэбиһиэҥ. Бэйэҕин хонтуруоллуурга үөрэн.
60-80. Саамай үүнэр-сайдар, талаанын арыллар, билииҥ-көрүүҥ кэҥиир кэмигэр эн тимир тэриллэр “кулуттарыгар” кубулуйбуккун. Өйгүн-санааҕын кинилэр салайар буолбуттар. Кэбис, бас бэринимэ, тутулуктаныма!
Хайыыбыт?
Өскөтүн ити тургутук эйигин тутулуктааххын быһаарбыт буоллаҕына, бастатан туран, обургу оҕо буоларыҥ быһыытынан, бэйэҕин хонтуруоллуоххун наада. Ол туһуттан:
- Көмпүүтэргэ 2-тэн ордук чаас олорума;
- Ватсапка баар “группаларгыттан” таҕыс;
- Саамай “хатанар” сайтаргар киирэ сатаама эбэтэр аккауҥҥун “блокировкалаа”;
- Куруһуоктарга суруйтаран дьарыктан, кинигэтэ аах;
- Доҕотторгун кытта киинэҕэ, ыччат тэрээһиннэригэр сырыт, таһырдьа оонньоо, спортивнай күрэхтэһиилэргэ кытын, үөрэххэр кыһалын.
Оттон ити да сүбэлэр туһалаабат буоллахтарына, дьэ кырдьык, психологка көрдөрөн эмтэнэриҥ тирээбит.
Анисия Иевлева.