Кэм уларыйыытынан…
Кэм уларыйан истэҕин аайы саҥа үүнэр кэм бэйэтин уратытынан сирдээҕи олоҕу эмиэ уларытан саҥа кэмҥэ сөп түбэһэр Сыһыан – Дьайыы эйгэтин ирдиир.
Киһи/омук уонна киһи төрөөбүт төрүт эйгэтэ. Биир быстыспат тыыннаах ситим. Бу Орто Дойдуга хас биирдии киһи/омук олох олороору бэйэтин баҕа өттүнэн, көҥүл санаатынан кэлэр. Хас биирдии киһи омук буолан талан ылбыт эйгэтэ – кини сайдар туоната.
Төрөөбүт төрүт култуура иһигэр сылдьан киһи-хара буола буһан-хатан улаатыыта – тус бэйэҕэ эрэллээх буолуу, бэйэ “Мин — тус бэйэм” – сүрэҕим чопчута тугу этэринэн сайдыы суолунан Айаны тутуһуу…
Күн бүгүн оскуола олоҕор улахан уларыйыы буолла диибит гынан баран, кини оскуола үлэтин тас өттүн уларытта: үөрэх былаана, бырагыраамата, ирдэбилэ, саҥа предметтэр, эбии үөрэхтэр, араас тэрил, үөрэтэр технологиялар…
“Сэргэлээх” лаборатория оскуола араас уларыйыыны ыраҥалаан ырытан баран, “Айыы Кыһата” оскуолаҕа тэрийбит үөрэҕин сэһэнин ис хоһоонун дириҥэтэн, күрүөлэнии – Олох оскуолатын үөрэҕин тэрийэр. Тус бэйэни сайыннарар үөрэх сэһэнэ – “киһини киһиэхэ төнүннэрии”, “омугу омукка төнүннэрии”. Оттон үөрэх тосхоло – хас биирдии оҕо олох ханнык баҕарар түгэнигэр бэйэтин иһийэн иһиллэнэн, кыаҕын сөпкө туһанан, бэйэтин өрө тардан таһаарар сатабыла сайдарыгар олук түһэрсии. Бу санааны өссө чопчулаан эттэххэ, — оҕо олохтон үөрэнэр үөрэнээччи буолан бэйэтин кэмин ситиһиилээх киһитэ буола улаатарыгар баара-суоҕа “көмө” эрэ буолуу. Оттон үөрэх ис хоһооно – тус бэйэни сайыннарыы – үс өрүттээх биир ситим эйгэ:
- Оскуола иһинэн ыытыллар бары дьаһал-дьайыы: дьарыктан (уруоктан) саҕалаан олоххо буолбут түгэн – барыта бэйэҕэ эргиллиилээх “Өй-санаа” уонна “Дьарык” эйгэтин тэрийии (образовательно-рефлексивное пространство);
- Оҕо ис кыаҕын туһанан, бэйэтэ айан-тутан таһаарбыт оҥоһугунан, бырайыагынан киэҥ эйгэҕэ тахсыытын хааччыйыы (социально-практическое образовательное пространство);
- Үөрэх (ФГҮөС) ирдэбилин хааччыйыы, ол эбэтэр билиҥҥи үгэс буолбут үөрэх өйдөбүлүн ситиминэн билии, сатабыл, үөрүйэх хаачыстыбатын ситиһии, бу кини “Өй-санаа” уонна “Дьарык” үөрэҕэр сүрүн тирэх тэрил (средство) буолуутун тэрийии (образовательное пространство реализующее ФГОС).
Ити этиллибит үөрэх үс эйгэтин хааччыйар сүрүн дьайыы (механизм) – Бэйэҕэ эргиллии.
Тус бэйэни бэйэҕэ эргилиннэрэ сайыннарар үөрэх эйгэтин тэрийии сана принциптэри эрэйэр. Биһиги оскуолабытыгар оннук принциптэринэн буолаллар:
- оҕо сүрүн сыаннас: оҕону оҕоҕо төнүннэрии – сүрүн сорук, оҕоттон былдьаан ылбыт сыаннаспытын бэйэтигэр төнүннэрии;
- оҕо тус бэйэтин сайдыыта кими да кытта тэҥнэниллибэт, хас биирдии оҕо айылҕа хатыламмат көстүүтэ;
- оҕону бэйэтигэр эргилиннэрии – кини кутун-сүрүн бөҕөргөтүү, үрдэтии – бэйэтин күрүөтүн туттарын хааччыйыы;
- кутталтан босхолоон, оҕо дьарыкка бэйэтин бэйэтэ үөрэтэр үөрэнээччи буолар умсулҕанын үөскэтии;
- оскуола олоҕун хас биирдии түгэнэ — бу оҕо олох олоруута – оҕо олоҕо;
- оҕо саас сайдар сокуонун тутуһуу — бөҕөх кут-сүр олугун түһэрсии.
Оскуола үөрэҕин сэһэнэ – киһи тыыннаах, омук майгыннаах үөрэҕи тэрийии, ис хоһооно – тус бэйэни сайыннарыы, оттон тус бэйэ сайдар эйгэтэ – ийэ өй-санаа ситимэ. Ону уһугуннарыы, өссө чуокайдаан эттэххэ, бу курдук өйдөнөр:
- ийэ өйгө баар өй-санаа ситимин уһугуннарыы: киһи-хара буолуу, саха саха буолуута (омук омук буолуута);
- “Өй-санаа” уонна “Дьарык” эйгэтин тутуһуу: тус бэйэни үөрэтэр предмет оҥостон, бэйэ “Мин — тус бэйэм” өйдөбүлү тутуу;
- бэйэҕэ ил санааны ииттинии: Таптал, Махтал, Эрэл санаанан салайтаран олох олоруу;
- үөрэх тэриллэр саҥа принциптэрин бэйэҕэ иҥэрии.
Ийэ өй — санаа ситимэ үөрэх эйгэтигэр
“Ѳй-санаа” уонна “Дьарык” эйгэтэ… “Мин тус бэйэм” көрүүбүн, мин бэйэм “Ис Дьиҥмин”, “Ис Чиҥмин”, “Ис Көҥүлбүн” суурайтарбат олоххо дьулуурум – мин олохтон үөрэнэр үөрэнээччи идэтин уһуйан-уһуйуллан бэйэҕэ иҥэриим… Ѳссө ситэрэн эттэххэ, үөрэтээччи учууталтан иитээччи учууталга, онтон сайыннаран олох умсулҕаныгар уһуйааччы уһуйааныгар тус бэйэни күрүөлэнэн улаатыы – сайдыы эйгэтэ тэриллэн баар буолуохтаах эбит.
Бу этиллибит ситим санаа барыта биир улахан кэлим Cыһыан үөрэҕэ буолан, “Киһи/омук”, “Доруобуйа”, “Киһи/омук олоҕун айана” диэн үс күлүүс өйдөбүлү түмэн оскуола олоҕун-дьаһаҕын торумнуур.
Былыргы дьыл мындаатыттан саха бэйэтин айан-тутан кэлбитэ. Ол айан — тутан кэлбит өйүн-санаатын суола, үгэстэрэ ый өйдөбүлүгэр хаалан күн бүгүҥҥэ диэри биһиги бэйэбит олохпутун-дьаһахпытын бэйэбит омукпут үөрэҕинэн дьаһанан олоробут. Бу омукпут үөрэҕэ «Ийэ өй-санаа ситимэ» буолан, 2006 сыллаахха оскуола аанын аспыта. Омук айаннаан кэлбит суола-ииһэ үөтүүлээх (духуобунай) төрүттээх-күүстээх. Киһи бэйэтин айар-тутар күүс буоларын быһыытынан, Айыы суолунан ый аайы өй-санаа ситиминэн бэйэтин айар-тутар дьарыкка киирэр. Үөрэх эйгэтин ити үөһэ этиллибит «Ийэ өй-санаа ситиминэн» салайтаран, үөрэх саҕаланыаҕыттан төгүрүк сыл устата оҕону тус бэйэтин кытта дьарыкка киирэрин тэрийиллэр:
Ийэ өй-санаа ситимэ
Ый
аата |
Ый суол-тата | Ый сүрүн өйдө-бүлэ | Ый сүрүн өйдөбүлүн ис хоһооно (ситиһии сайдан иһэр туруга) |
Бэйэҕэ эргиллии дьаһаллара |
||
Бала-ҕан ыйа-
Улуу Суорун |
Идэ иҥэ-рии-тэ | Үөрэ-нээччи идэтэ. Олох-тон үөрэнэр үөрэнээччи. | Бэйэни үөрэнээччи дьарыгар киллэрии
— үөрэнээччи — ситиhиилээх үөрэнээччи — үөрэнээччии идэтэ |
Үөрэнэр дьарык идэтин баhылаа-hын | Үөрэнэр сатабылын сайынна-рыы. Кылаас таhымы-нан үөрэнээч-чи | Бэйэтин үөрэтэр үөрэнээч-чи буолбу-тун бэлиэтээ-һин |
Ал-тын
ньы – Хотой Айыы |
Түмсүү | Ил санаа | Бэйэ дьарыгын сөпкө тэрийии
-сорук -күүстээх санаа -сомоҕолоһуу |
Соруктаах былааннаах | Бэйэҕэ болҕомтолоох буолуу-түмсүү, ил төрүтэ | Түмсүү күүһэ ил санаанан салайтарыы |
Сэтин
ньи — Байанай
|
Сата
был |
Өркөн өй, сыр-дык өй | Бэйэ кыаҕар эрэнии
-Билии-көрүү тардыы -Дьоҕуру таба тайаныы — Тобуллаҕас-аһаҕас өй |
Чинчийэр үлэлээх буолуу | Сайдыыга киллэ-рии | Уол, кыыс дьоро күннэрэ |
Ахсын
ньы — Билгэ Хаан |
Билии | Сы-лык-таа-һын | Бэйэ санаатын күүһүрдүү
-өйдөөн-төйдөөн сыһыаннаһыы — сылыктаан сэрэйэр өй -Сүрэҕим тардыһыыта |
Бэйэ санаатын күүһүр-дэр дьаһал-ларга кыттыы | Өркөн өй өрөгөй күннэрэ | Сүрү көтөҕөр дьаһаллар |
Тохсунньу –Таҥха Хаан | Ин-никини өтө кө-рүү | Саҥа саҕах аһыллыыта | Бэйэҕэ эр санааны тутуу
-Өбүгэм дьарыгын утума -Мин дьоҕурум инники олоҕум -Киһи хара буолуу |
Бэйэҕэ саҥа арыйыы-лары оҥоруу | Бэйэ эр санаатын тутар көрсүһүүлэр | |
Олун
ньу – Одун Хаан |
Кү-рүө
лэ-нии |
Кэскил түһүүтэ | Бэйэ саҥа санаатын күрүөлэнии
-Бэйэ дьарыгын тобулуу -Эр санааны тутуу -Кэскили түстээһин |
Төрөөбүт тыл – мин баайым. | Этитии-лээх тыллаах, өйдөөх дьону кытта алты-һыы. | Саха омук муудара-һын төрдө — төрөөбүт тыл. |
Кулун тутар –
Дьөһө-гөй |
Саха тө-рөө
бүт күнэ |
Сүр күү-һүрүүтэ | Дьулууру күүһүрдүү (иккистээн бэйэҕэ эргиллии)
-Бэйэни иһийэн иһиллэнии — Бэйэни дьарыкка көҕүлээһин —Бэйэни салайыныы |
Бэйэ тылыгар хаһаайын буолуу | Дьөһө-гөй күннэрэ | Олоҥхо абылаҥа. Олоҥхо – дьулуур сэһэнэ |
Муус устар- Айыыһыт | Тап-тал | Бэйэ-ҕэ тап-тал иэйиитэ | Бэйэҕэ таптал, махтал, эрэл санааны иҥэрии
-Бэйэҕэ үөрүү кыымын иҥэрии -Бэйэҕэ, дьоңңо сыһыан күлүүһэ-таптал — Таптал, Махтал, Эрэл иэйиитэ |
Бэйэ ситиһии-тин бэлиэтээ-һин
1 түһүмэх |
Кылаас ситиһиитин бэлиэтээһин | Бэйэ оҥорбут кэрэ эйгэтинэн көрсүһүү |
Ыам ыйа- Иэйиэхсит
|
Махтал Киэҥ-куоҥ буо-луу | Сити-һии-лээх буо-луу | Бэйэҕэ билии-көрүү «хонуутун» кэҥэтии
-Тугу барытын хайдах баарынан ылыныы -Бэйэҕэ эрэл санаа олохсуйуута -Үүнэр-сайдар суолу тобулунуу |
Иэстэн-күүстэн ырааста-ныы, сыллааҕы үлэни сыанала-ныы | Сыллаа-ҕы ситиһиини ырытыы | Сыллааҕы ситиһии-ни түмүктээ-һин |
Бэс
Ыйа – Үрүҥ Айыы |
Эрэл
Ал-гыс |
Куту-сүрү күү-һүр-дүү
|
Бэйэ күрүөтүн төрөөбүт төрүт дойдуга бөҕөргөтүү
-Төрөөбүт төрүт буорум -Төрөөбүт дойду ахтылҕанын өйдөөһүн -Кут-сүр чөлүгэр түһүүтэ |
Кут-сүр күрүөтүн тутуу | ||
От
Ыйа — Аан Алахчын |
Быйаҥ тар-дыы | Сир-тэн силискин туту-һуу | Бэйэ төрүттэрин кэрэхсэбиллээх сирдэрин үөрэтии
-Өбүгэ төрүт алааһа -Төрөөбүт айылҕалыын ситимнэһии -Өбүгэм олохтообут сэһэнэ |
Төрөөбүт сирин кэрэхсэбиллээх сирин үөрэтии | ||
Атыр-дьах ыйа-
Аан Дьаа-һын |
Дьиҥи харыс-
Таа-һын |
Айыы уота | Бэйэ кута-сүрэ чөл буолуутун ситиһии
-Бэйэҕэ ситиһии санаата олохсуйуута -Бэйэни айар-тутар санаа «кууһуута» -Бэйэҕэ чөл өй-санаа үөскээһинэ |
Бэйэҕэ айыы уотун уматыы |
Үѳрэх эйгэтин, чуолаан, оскуола иитим үлэтин (үѳрэтии уонна иитии тус-туһунан тутуллубат, бииргэ, биир сүүмэҕинэн кѳрүллэр) тэрийэргэ, үѳһээ бэриллибит ѳй-санаа ситимин биирдии ыйынан бу курдук «былаанынан» кѳрүөххэ сѳп:
- Ый суолтата эбэтэр кини үлэтэ-хамнаһа;
- «Ый ыйдарыылаах» олох-дьаһах тэриллиитэ;
- «Ый салалталаах» үѳрэх эйгэтин ис хоһооно;
- «Ый ыйаахтаах» тус бэйэҕэ эргиллэн, тус бэйэни сайыннарыы ис хоһооно;
- «Халлаантан ыйаахтаах, сиртэн силистээх» олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи
сайдыытын 3-түү түһүмэхтээх «дабайыыта» эбэтэр бэйэтин сайдыытын күрүѳлэниитэ.
Оскуолаҕа үѳрэнэр олохтон бэйэтин үѳрэтэр үѳрэнээччи маҥнайгы кылаастан оскуоланы бүтэриэр диэри сыллата ити «дабайыы» ѳйдѳбүллэринэн үктэлтэн үктэлгэ, сайдыыттан сайдыыга тахсан иһэр. Бастаан ылбыт ѳйдѳбүлүн ис хоһоонун сааһынан улаатан истэҕин аайы дириҥэтэн ѳйдүүрэ тэриллэр.
Ити курдук ыйдар ис хоһооннорун 5 түһүмэх санаанан билистибит. Аны билигин тус бэйэ сайдарыгар туһаайыылаах туох ситим санаа тиһиллэн таҕыста, ону балаҕан ыйыттан, үөрэх саҕаланар ыйыттан, ырытан анааран көрүөҕүҥ:
– Олоххо буолар түгэннэри ааҕан, бэйэни олохтон үөрэнэр үөрэнээччи таһымыгар «тутуу»;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, ѳй-санаа эйгэтигэр тус бэйэ үѳрэнэр дьарыгын тэрийэргэ үѳрэнии;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, бэйэни иһийэн иһиллэнэн, тус бэйэ дьоҕурун тутан ылыы;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, ѳбүгэ бэлэҕин ѳйдүүргэ уонна ылынарга тус бэйэни салайыныы;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, тус бэйэ айар-тутар кыаҕар эрэли үѳскэтии;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, тус бэйэ сайдар саҕахтарын кэҥэтии;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, бэйэҕэ эргиллэн, тус бэйэ олоххо дьулуурун күрүѳлэнии;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, тус бэйэ Таптал куттаах бѳҕѳ туругун ситиһии;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, куолаан ѳй-санаа эйгэтигэр тус бэйэ ситиһиилээх буолуутун хааччыйыы;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, тус бэйэ күрүѳтүн тѳрѳѳбүт дойдуга саҥардыы, күүһүрдүү;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, тус бэйэ харысхал күүһэ ийэлиин биир силистээх буолуутун тутуу;
– Олохтон үѳрэнэр үѳрэнээччи буолан, тус айыы суолун тутуһан, иккис сүрүн ѳйдѳбүлү тутуу: аҕа/эр киһи дьиҥи тутааччы, харыстааччы – айыы суолун сирдьитэ.
Ыйдар бу ѳйдѳбүллэрин ис хоһооно Ый Үрдүк Ѳйүн суолтатыттан үѳскээбитин кѳрдүбүт. Ый Үрдүк Ѳйүн суолтата уонна үѳрэх эйгэтин иһинэн таҥыллыбыт ый ис хоһооно бэйэ-бэйэлэрин кытта силбэһэн-ситимнэһэн, тус бэйэни айар-тутар күүс буола олох тыыннанан, биһиги үѳрүүбүтүгэр, тус бэйэ сайдарыгар туһаайыылаах үѳрэх эйгэтин киһититэр ѳй-санаа тиһиллэн таҕыста. Киһини киһититии буолбакка, үѳрэх тэриллэр эйгэтин киһилии тыыннаан киһититиитэ буолан, оҕону (киһини) тус бэйэтигэр туһаайан эргилиннэрэн, бэйэтин үѳрэтэр предмет оҥостон, тус бэйэтин сайдыытын хааччыйарыгар кыах биэрии буолла. Бу бэйэбит норуоппут үйэлэргэ муспут ѳйүн-санаатын баайа кэлимник, хорутуулаахтык, дириҥник үѳрэнэр тиһик буолан, оскуола үѳрэҕэр киирэ илик диэтэххэ, алҕас буолбата буолуо. «Саха Үѳрэҕэ» диэн ааттанан аан маҥнай «Айыы Кыһата» оскуолаҕа 2006-2007 үѳрэх дьылыгар киирэн, маҥнайгы холонуу буолбута. Тѳрүт култуура предметин иһинэн биирдиилээн туһаныы баар. Ол гынан баран, ити оскуола үѳрэҕин тус оҕоҕо (киһиэхэ) туһаайан салайар ситим ѳй-санаа таһымыгар тахса илик.
Оскуола олоҕор киллэрэ сатыыр үѳрэхпит – «Ийэ ѳй-санаа ситимэ», биһиги сабаҕалааһыммытынан, саханы бэйэтин тыыннаах ордорон, баччаҕа диэри аҕалбыт дьиҥ чахчы бэйэтин үѳрэҕэ – Саха Үѳрэҕэ. Саха Үѳрэҕин (сүрүн ньымата) бэйэни күрүѳлэнии – кут-сүр чѳл буолуутун тѳрүтэ. Омук омук буолар туспа тыына – тус киһиэхэ туһаайыылаах, тус киһи сэһэннээх, «ааспыттаах омук – инникилээх» дииллэрин курдук. Тугу талан ылбыппыт – ол биһиги кэскилбит.
Быһаарыы
Бу тэрийии холобура – куоракка «Айыы Кыһата оскуола» (2006-2014үө.с.) үөрэҕин эйгэтин тэрийбит уопута. Ол уопут түмүгүнэн «Саха үөрэҕэ – оскуолаҕа» диэн кинигэ суруллубута. Л.А.Афанасьев – Тэрис үөрэҕэр олоҕуран ыытыллыбыта. Тоһоҕолоон эттэххэ, «Саха үөрэҕэ – Ийэ ѳй-санаа ситимэ» бу ааттаммыт кинигэҕэ (В.Е.Степанова «Саха үөрэҕэ – оскуолаҕа»: Дьокуускай: Бичик.2012-160с.) төгүрүк сыл ыйдарын аата, суолтата Тэрис быһаарбыт ситиминэн аттарыллыбыта. Оттон үөрэх эйгэтин тэрийиигэ ыйдар сүрүн өйдөбүллэрэ, олор ис хоһоонноро, кинилэр сайдан иһэр хаамыылара, ол аата үөрэнээччи сайдан иһэр таһыма, ый үлэтин сүрүн дьаһаллара – ол барыта биһиги, үөрэҕи тэрийээччилэр, хайдах өйдөөн тутан «аахпыппытынан» торумнаммыта. Бу биһиги бэйэбит омукпут үөрэҕин үөрэх эйгэтигэр киллэриигэ бастакы холонуубут, онон алҕас тахсыбыт буоллаҕына, ааҕааччы, эн бэйэҥ көннөрөн ааҕаргар көрдөһөбүт.
2016-17 үөрэх сылларыгар А.И.Кривошапкин-Айыҥа «көрүүтүн» кытта билсэн баран, бэйэбит эмиэ оскуола эйгэтин иһинэн «ааҕан» көрдүбүт (Көр: В.Е.Степанова «Сэргэлээх оскуолата: бэйэни күрүөлэнии». Дьокуускай: Бичик.2017-176с.). Тоҕо оннук гынныбыт? Айыҥа уурунуу (руна, Айыы Сиэн тылбааһа) сурук кистэлэҥнэрин арыйан, ол онно тирэҕирэн ыйдар айыыларын аатын атыннык аахпыт (А.И.Кривошапкин.-Наследие предков,-Якутск, ОФСЕТ-2008,-304 с Агенство CIPHР Саха).
Бу биһиги тутуспут ааптардарбыт урут оҥоһуллубут барыллаан ырытыылара билигин даҕаны уларыйа-тэлэрийэ тураллар. Саха үөрэҕэ – «Ийэ өй-санаа ситимэ» – ити барыллаан ырытыылар оннуларын буллахтарына, ити оскуолаҕа киирэр «Саха үөрэҕэ – бэйэни күрүөлэнии» эмиэ тус тирэхтээх буолара саарбахтаммат.