Туруук Хайа Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөн нэһилиэгин сиригэр киирсэр ытык сир буолар. Туруук, туруук таас хайа — салгыҥҥа, күн сыралҕаныгар быһа сиэтэн, тыалга-кууска үрдэрэн, ууга-хаарга суураллан, алдьанан, баҕана курдук туруору көрүҥнэммит, туйахтаах кыыл тахсан күрэнэн туруон сөптөөх таас очуос. Кини Бүүтэҥэ үрэх хаҥас өттүгэр турар, тайаан сытар сирэ киэҥ. Туруук хайа айылҕата ордук ураты: хайа үрдүгэр бэрээдэгинэн сэлэлии үүммүт сэндэҥэ бэс мастар, хайаны аллараа өттүнэн араас мастар дьүөрэлэһэ сиэттиһэн, бөлөҕүнэн үүнэн тураллара дьикти көстүү. Аллараа үрэҕи кыйа бардахха, тиит мастар, онон манан талахтар, хатыҥ да мас элэҥ-сэлэҥ көстөн ааһар.
Хайа үрдүгэр соҕотох иһийэн тураҥҥын, тулалыыр айылҕа дьикти сипсиэрин эккинэн-сииҥҥинэн ылынаҕын, кинини — айылҕаны кытта биир буоларгын өйдүүгүн, иһийэҕин, кутуҥ-сүрүҥ дьикти кэрэ дуоһуйуу долгунунан, абылаҥ күүһүнэн туолар. Билиҥҥи киһиэхэ бу олорор олоҕор Ийэ айылҕатын кытта субу-субу алтыһара буоллар, кини кута-сүрэ, уйулҕата төһөлөөх чөл буолуо этэй? Өй-санаа муунтуйуутуттан эт-сиин эмэҕирэн, киһини дьаҥ-ыарыы буулаан, куһаҕан дьаллык ыбылы кууһар. Бу мантан барытыттан босхолонор суолбут — биһиги ийэ айылҕабыт иэйэр, иһирэх, алгыстаах тыына.
Бу туран өйдүүгүн: ытык сиргэ эрэ буолбакка, бэйэҥ олорор, төрөөбүт-үөскээбит Ийэ айылҕаҕар тахсан иһийэн, иһиллэнэн, итэҕэл тыынынан айылҕалыын силлиһэн, биир буолан махталынан куккун-сүргүн, уйулҕаҕын чөл оҥороҕун. Оччоҕо өйүҥ-санааҥ үтүө диэки иэҕиллэн, көхсүҥ кэҥээн, олоҕуҥ суола алгыһынан аһыллан барар.
Сир-дойду барыта иччилээх, анал көтөрдөөх диэччилэр. Туруук Хайаҕа сыллата мохсоҕол кэлэн уйаланар, төрүүр-ууһуур, оҕолорун көтүтэр. Мохсоҕол сотору-сотору элиэтээн көтөн ааһар, барытын көрөр-истэр. Маны тэҥэ, Туруук хайа айыылар тайаммыт сирдэринэн буолар. Ону сэргэ, сир-дойду иччилэрэ илэ-бааччы көстөн ааһар сирдэрэ бу эбит диэн айылҕаттан айдарыылаах дьон элбэхтик бэйэбитигэр этэн тураллар. Кинилэр бу ытык сир туох баар олоҕун, көтөрүн-сүүрэрин барытын көрөн-истэн, харыстаан сылдьаллар диэн этэллэр. Сарсыарда күн сарыалын маҥнайгы утаҕа түһүүтэ, кини намыын ырыата айылҕаны да, киһини да уһугуннарар. Бу дьиҥ айылҕа бэйэтин тыыннаах музыката.
Ону сэргэ, бу сиргэ элбэх ыраас сыдьаайдаах, үрүҥ тыыннаах куттар мусталлар. Ол да иһин буолуо, бу манна хас биирдии мас киһилии кэпсэтэр, сэһэргэһэр кыахтаахтар. Бэл, күндэлэс күн күлүмүрдүү күлэн, түүҥҥү халлаан бачымах сулустар тырымнара тыыннааҕымсыйан, иччилэнэн, сүдүтүйэн көстөллөр. Туруук хайа айылҕата тулалыыр эйгэ кырдьык да тыыннаах эйгэ буоларын, киһиэхэ арылхайдык арыйан биллэрэр, көрдөрөр.
Мин санаабар, Туруук хайа киһини бүүс-бүтүннүү уларытар сүдү күүстээх буоллаҕына, киһи сылдьан, кини тыынынан өйө-санаата сайҕанан, үс кута ситимнэнэн айылгыта арыллар, саҥа кут киирэн, киһи айар алгыстанар. Ол курдук Туруук Хайа киһи кутун-сүрүн бөҕөргөтөр, саҥардар, тупсарар аналлаах.
Бу маннык киһини тардар ытык сири аҕыйах сыллааҕыта карьер оҥосторго былаанныы сылдьыбыттарын, олохтоох дьон туруорсаннар, сүүрэн-көтөн айылҕа паарката оҥоруоххайыҥ диэн этии киллэрэннэр, олохтоох оскуолаҕа сыһыарбыттара. Биһиги оскуолабыт ол ылыаҕыттан күрүөлээн-хаһаалаан, анал бырайыагынан барыллаан, дьон сынньанарыгар табыгастаах буоллун диэн тупсаран биэрдэ.
Ол эрээри барыта, бу сурукка тиһиллибитин курдук, эриэ-дэхси дэхси буолбатах диэн этиэҕи баҕарыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа сыһыан, айылҕаны көрө-истэ сылдьалларын үөрэтэр анал бырайыак саҕаланыаҕыттан оскуолабыт оҕолоро уонна үлэһиттэрэ саас сир ириитэ, сайын күн аайы тахсан бу ытык сири ыраастыыллар, мунньуллубут бөҕү-саҕы тиэйэллэр. Хас сылдьыбыт киһи барыта айылҕаҕа анаан-минээн сынньана тахсар ис хоһоонун ситэри өйдөөбөтүн, ис култуурабыт билигин да намыһах туруктааҕын сыл аайы биһиги бу сирбитигэр көрөбүт. Төһө эмит анал бөх быраҕар, мунньар сир, ыйынньык баарын үрдүнэн араас бытыылкалар, табах тобохторо, араас кумааҕы сиргэ, хайа тэллэҕэр ыһылла сытар сүөргү көстүүтэ сыл аайы саас, сайын күн аайы хатыланар.
Билбэт сирдэригэр ыраахтан-чугастан кэлэр ыалдьыттар сири маанылаан аһаталлар, айаннарын алҕыыллар. Бу, биллэн турар, үчүгэй, ол эрэн биир атын өрүттээх. Сири аһатан алаадьы бөҕөтө хааллларбыт буолаллар, ол барыта күн уотугар хатаччы хатан кыыл-сүөл да сиэбэт буолар. Дьэ, бу үчүгэйи оҥорорбут атын өрүттэнэн тахсар буолбат дуо?
Бу кыһалҕаны хас биирдиибит сөпкө өйдөөн, биир сөптөөх суолу тутуһан, айылҕабытын кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар ыраастык тутан хаалларарбыт буоллар төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй? Айылҕа киһиттэн эрэйэр эбит махталы, үтүө харысхаллаах сыһыаны. Ол иһин биһиги өбүгэлэрбит айылҕаны тыынныыллар, иччилииллэр, куттууллар-сүрдүүллэр эбит.
Саргылана ЗАХАРОВА, Күөрдэм, Хаҥалас.