Саха омук уксэ тыаҕа олорор буолан, маһынан оттунан олоробут. Сылтан сыл кыһыны сылаастык туораары, саас аайы дьиэ кэргэнинэн саһаанныы тахсабыт. Кутанага ыам ыйа саҕаланыытыттан элбэх дьиэ кэргэн саһааҥҥа тахсабыт. Биһиги дьиэ кэргэн эмиэ онтон хаалсыбат. Оҕолор бары саһаанныыбыт. Онон тыа сирин уолаттара кыра эрдэхпититтэн хара үлэ арааһын толоробут, сүгэнэн туттар сатабыллаахпыт.Улахан дьон сатыырын сатыыбыт. Оскуола эр дьоно бары Маай өрөбүллэригэр саһаанныы тахсыбыттара. Кыаммат ыалга, бэтэрээннэргэ,соҕотох ийэлэргэ саһаан охсоллор. Субуотунньуктаан, саһаан атыылан харчы киллэрэн, үтүө дьыаланы үксэтэллэр уонна дьон махталын ылаллар.
Егоров Айтал, 11 кыл. “Кутана кыымнара” медиа-киин. Сунтаар