Аныгы, технология сайдыытын кэмигэр, дьон хамсаныыта, айылҕалыын алтыһыыта аччаан турар. Ол эрээри билигин таһырдьа сылыйан, оҕо-аймах айылҕалыын алтыһар санаата күүһүрдэ. Онон сибээстээн, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо Айымньытын Дыбарыаһыгар “Костёр и палатка” диэн бырайыак оҕо туризмын сайыннарар сыаллаах үлэлиир.
Бырайыак араас экскурсия, викторина, экологическай акция, поход, турслет, квест уонна сирдэтии оонньууларын көмөтүнэн куорат оҕолорун чөл олоххо, экологическай култуураҕа, төрөөбүт төрүт дойдуларын историятын, култууратын, кэрэ-бэлиэ сирдэрин үөрэтиигэ сатабыллаах усулуобуйаны тэрийэр.
“Костер и палатка” өссө биир сүрүн хайысхатынан куораттааҕы оҕо туристическай “Азимут” кулууба буолар. Бу кулууп 2022 сыл атырдьах ыйыгар тэриллибитэ. “Азимукка” олус элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэрин кытта тэҥҥэ сайдан, тупсан, хамаандаҕа үлэлииргэ үөрэнэллэр, биһиги Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин туһунан саҥаны билэллэр-көрөллөр. Бу бырайыак Президентскэй Грант фондатын өйөбүлүнэн, араас туризмҥа анаан туттуллар тэриллэринэн хааччылынна. Кулууп оҕолоро сатыы сырыыларыгар, турслеттарга толору хааччыллыылаах буолан, үөрэ-көтө бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии оҕо чэгиэн-чэбдик буолан улаатарын курдук хамсаныыга наадыйар. Сотору таһырдьа өссө сылыйыа, онон сибээстээн араас экскурсиялар, походтар уонна турслёттар элбиэхтэрэ. Чөл олоҕу талбыт оҕо кытаанах доруобуйалаах буолан улаатар, ханнык да ыарыыттан куттаныа суоҕа. Туризм – дьоллоох уонна чэгиэн-чэбдик олох күлүүһэ буолар.
Леонтьева Сайаана,
Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын “Most” медиастудия иитиллээччитэ.