- Кыһалҕаҕын дьоҥҥо кэпсээччигин дуо?
а) суох, тугу туһанаары — 3;
б) кэпсээминэ. Оччоҕо эрэ уоскуйар курдукпун — 1;
в) биирдэ эмэ. Үчүгэй сүбэһит баар буоллаҕына —2.
- Күчүмэҕэй балаһыанньаҕа түбэстэххинэ, төһө санаарҕыыгын?
а) күүскэ уонна наһаа өр санаарҕыыбын — 4;
б) арааһынай, хайдах түбэлтэтиттэн тутулуктаах —0;
в) суох, төттөрүтүн түргэнник умна сатыыбын —2.
- Саппаҕырбыт санньыар түгэҥҥэр…
а) бэйэбин саарата сатаан, тугу сөбүлүүрбүн ылан сиибин, ымсыырбыппын атыылаһабын. Оччоҕо биирдэ дуоһуйабын.
б) аралдьыйаары, доҕотторбор күүлэйдии барабын — 2;
в) дьиэбэр бүгэн олоробун — 4.
- Эйигин чугас киһиҥ хомоппут. Онуоха эн…
а) аны кэпсэппэт буолаҕын — 3;
б) сирэй көрсөн быһаарсаҕын — 0;
в) хомойбуккун дьоҥҥо үҥсэргээн кэпсиигин — 1.
- Дьоллонор дьоро кэмҥэр…
а) сир үрдүгэр баар туох баар куһаҕаны барытын умнан кэбиһэҕин — 1;
б) бу хатыламмат кэрэ түгэн сотору бүтэн хаалыа диэн, искэр хомойо саныыгын —3;
в) ис-искиттэн дуоһуйа үөрбэккин, күннээҕи кыһалҕаларгын син биир саныы сылдьаҕын —5.
- Психологтарга сыһыаныҥ?
а) кинилэр да көмөлөрө суох кыһалҕабын быһаарар инибин — 4;
б) дьоҥҥо туһалара элбэх — 2;
в) киһи бэйэтин бэйэтэ эрэ өрөһүйэр, билэр кыахтаах — 3.
- Эн санааҕар, Дьылҕа Хаан эйигин…
а) күннэтэ тургутан көрөр — 5;
б) аһыммат, соруйан барытын уустугурдар —2;
в) араҥаччылыыр, ачаалатар, маанылыыыр — 1.
- Доҕоргун кытта этиспиккин. Кыыһырбыт уоҕун ааспытын кэннэ…
а) үөрүүлээх эрэ түгэннэргин эргитэ саныыгын — 1;
б) хайдах гынан иэстэһэргин толкуйдуугун — 2;
в) кинини төһө өр тулуйа сылдьыбыккын сөҕөҕүн — 3.
***
0-15. Эн туохтан да чаҕыйбат модун санаалаах эбиккин. Ыараханы тулуйаҕын, уйаҕын. Ытыы-соҥуу сылдьыбаккын, суламмаккын. Үчүгэйгэ эрэ эрэнэриҥ, чөл куттааҕыҥ хайҕаллаах. Кытаат, бу курдук ортотун көрөн, сиэрдээхтик олор.
16-26. Бэйэҥ тугу саҥараргын өйдөөн иһит эрэ. «Мин эрэйдээх», «бу сордоох» диэн тыллары наһаа үгүстүк туттаҕын буолбаат? Туох кыаллыбатын-табыллыбатын тоҕо наар ааҕаҕын, дьоҥҥо кэпсиигин? Дьиибэ баҕайы. Чэ, ааспыкка ыалдьан хаалаҥҥын, хаарыан бырааһынньыктан маппытыҥ. Ону тоҕо оҕо аайы барыларыгар эттиҥ? Аһыннартараары дуо? Бэйэҥ үөрүүгүн-хомолтоҕун таскар таһаарарыҥ, биллэрэ сатыырыҥ соччото суох ээ. Улаатан эрэҕин, сороҕун искэр тутарга үөрэн.
27-36. Бырастыы гын, ол эрээри этэбин: мөлтөх киһи улаатан эрэр эбиккин. Хаһааҥҥа диэри эн кыһалҕаҕын барытын төрөппүттэриҥ быһаара сылдьыахтарай? Бэйэҥ баран, учууталгыттан кинигэтэ уларыс ээ. Биитэр эмиэ ийэҕин сүүрдэҕиҥ дуо? Аны туран, үөхтэхтэринэ, тоҕо ытаабытынан бараҕын? Ааҕыс ээ. Тоҕо атаҕастатаҕын? Бэйэҥ иннигин көрүммэт буоллаххын, ханна ыраатыаххыный? Олох диэн охсуһуу. Кытаанах соҕус, сытыы-хотуу уонна тулуурдаах буоларга кыһалын.