Бүгүн Аан дойду үрдүнэн доҕордоһуу күнэ. Дьиҥнээх, истиҥ доҕордоох киһи — дьоллоох киһи. Санааҕын, ситиигин-хотуугун, үөрүүгүн, хомолтоҕун үллэстэр киһи баара –күндү баай. Оттон эн хайдах доҕоргунуй? Тургутугу аас – бэйэҕин бэрэбиэркэлэн.
1. Хас чугас доҕордооххун?
А) Биир-икки
Б) Үс-түөрт
В) Оо, олус элбэх!
2. Доҕордоһуу диэн …
А) Бэйэ бэйэни убаастаһыы
Б) Бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү
В) Оскуолаҕа тэҥҥэ барар киһим
3. Доҕоргор/ дьүөгэҕэр сонуҥҥун барытын кэпсиигин дуо?
А) Оннук, барытын кэпсиибин
Б) Сороҕун кэпсээбэппин
В) Кыратык кэпсиибин
4.Табаарыһыҥ/ дьүөгэҥ кыһалҕалаах кэмҥэ түбэспит, эн…
А) Кэлэбин, настырыанньатын көтөҕө сатыыбын
Б) Истэбин, сүбэлиибин
В) Истэбин, онтон бэйэтэ быһаарыныа
5. Табаарыһыҥ/ дьүөгэҥ таҥас атыылаһарыгар эн:
А) Барсыбат диэн чиэһинэ этэбин
Б) Туох да диэн саҥарбаппын
В) Бэйэтин быһаарыннын
6.Доҕоруҥ төрөөбүт күнүн умна сылдьыбытыҥ дуо?
А) Суох, хаһан да умнубаппын
Б) Ыйын билэбин, чыыһылатын чугаһаатаҕына чопчулаһыам
В) Умна сылдьыбытым
7. Доҕоргунаан бүтэһигин хаһан кэпсэппиккиний?
А) Бүгүн
Б) Бэҕэһээ
В) Ааспыт нэдиэлэҕэ
8.Эһиги доҕордоһуугутун туох алдьатыан сөбүй?
А) Туох да буолбатах
Б) Таҥнарыы
В) Атын куоракка көһүү
9.Доҕоруҥ ыалдьыттыы сылдьан чааскыгын алдьатан кэбиспит. Эн …
А) Ээ буолааччы, доҕор.
Б) Күлэн кэбиһэбин.
В) Саҥаны атыылас диибин.
А буукуба элбэх. Эн доҕотторгун олус сөбүлүүгүн уонна убаастыыгын. Ыарахан түгэҥҥэ доҕоргор өйөбүл буолар олус үчүгэй доҕор эбиккин, эйигинниин элбэх киһи доҕордоһуо этэ. Маладьыас!
Б буукуба элбэх. Эн үчүгэй доҕоргун, ол эрэн олус истиҥ сыһыан суох эбит. Бэйэ бэйэҕитигэр сонуннаргытын кэпсээҥ, элбэхтэ күлүҥ, куорат устун күүлэйдээҥ.
В буукуба элбэх. Эн доҕоттордооххун эрээри, сыаналаабат эбиккин. Доҕор диэн бириэмэни көрдөөхтүк атаарыы эрэ буолбакка, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү, өйдөһүү. Кытаат!
матырыйаалы Кристина Иванова бэлэмнээтэ