Мин үөрэх сыла саҕаланыытыттан элбэх куруһуоктарга сылдьан саҕалаабытым. Олортон биирдэстэрэ туойунан оҥоһуктары оҥоруу буолар. Куруһуокпут аата «Туой Артс» диэн. Ф.И. Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһыгар ыытыллар.
Салайааччыбыт Лена Васильевна Пинигина буоларын билэммин наһаа үөрбүтүм, тоҕо диэтэххэ, кыра эрдэхпинэ «Тугутчаан» диэн уһуйааҥҥа иитээччим этэ. Ол онтон номнуо сэттэ сыл ааспыт эбит.
Куруһуокпутугар 18 оҕо сөбүлээн дьарыктанабыт. Аан бастаан пластилинтан оҥоһуктары оҥорор этибит. Илиибитин дьарыктаан игин баран туойга көспүппүт. Лена Васильевна оҥоһуктарбытын оһоххо буһаран хатарар. Аныгыс дьарыкпытыгар кырааскалаан тупсаран биэрэбит. Билигин иһит-хомуос оҥорон саҕалаатыбыт.
Бу куруһуок, мин санаабар, биҺиги, оҕолор, сайдарбытыгар улаханнык көмөлөһөр дии саныыбын. Оҕо айар дьоҕура арыллан, үөрэҕэр кытта ситиһиилээх буолуо. Ол эрэ буолбакка, холобур, мин биир бэйэм элбэх саҥа доҕоттордоннум диэхпин сөп.
Алгыстаана ЗАХАРОВА,
Дьокуускай куорат 25 №-дээх оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.