Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр Ньурба Хаҥалаһыгар «Туллукчаан» үҥкүү ансаамбыла отчуоттуур кэнсиэрэ буолан ааста.
«Туллукчаан» бөлөҕү былыырын учууталбыт Милена Прокопьевна Иванова тэрийбитэ. Кини биһигини үҥкүүлэтэр – кэрэҕэ, үтүөҕэ угуйар. Кэнсиэрпит бииртэн биир сонун нүөмэрдэрэ дьон биһирэбилин ылан ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар. Бириэмэ биллибэккэ ааста, кэнсиэрпит биир тыынынан өрө көтөҕүллүүлээхтик барда. Дьон-сэргэ олус астынна, төрөппүттэрбит барҕа махталларын эдэр салайааччыбытыгар эттилэр, сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар.
«Туллукчааннар» бииргэ сылдьарбытын, дьарыктанарбытын сөбүлүүбүт уонна учууталбытын Милена Прокопьевнаны таптыыбыт! Инникитин биһигини элбэх үҥкүү, күүстээх дьарык, гастроллар күүтэллэр!
Эвелина Жданова, «Ыллык» пост, Ньурба, Хаҥалас.