Тохсунньу 25 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукаларын үтүөлээх деятелэ, тыа хаһаайыстыбатын нуакатын дуоктара, профессор, өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академиятын вице-президенэ, Учууталлар учууталлара, өрөспүүбүлүкэҕэ агро-оскуолалары төрүттээччи Афанасий Васильевич Чугунов 85 сааһын туолла.
Мин кинини учуонай быһыытынан буолбакка, суруйааччы, поэт быһыытынан сырдатыахпын баҕарабын. Афанасий Чугунов 1990-с сс., ырыынак, ыһыллыы-тоҕуллуу, сиэр-майгы үгэс буолбут сыаннастара көйгөтүйэр кэмнэригэр айар үлэ аартыгар киирбитэ. Кини айымньыларын аахтахха, бу сүүрүгүрэ-уста, хамсыы-сайда, өрө кыынньа, оргуйа турар олох өлбөт-сүппэт историческай сыаннастара уларыйбат. Ол – Кэрэ, Кырдьык, Итэҕэл. Киһи бэйэтин айылгытынан Кэрэни чэчирэтэргэ, үрдүгүнэн кынаттанарга, сырдыгы тарҕатарга ананан төрүүр-үөскүүр эбит.
Кэрэҕэ тардыһа үүнүөххэ,
Кинини арчылыы сатыахха,
Кэрэҕэ уһуллан сайдыахха,
Кинини таҥара тутуохха,
Кэнэҕэс кэп туоммат инниттэн,
Кэрэни кэмигэр өйдүөххэ,
Тоҕооһу куоттарбат туһуттан.
Поэт айылҕа көстүүлэригэр абылатар, айылҕаны таптыыр, харыстыыр, арчылыыр. Манна эмиэ кэм сибээһэ көстөр, дьиҥ айыылыы санаалаах эрэ киһи бу күөх, бу мандар-силик, бу кэрэ кэлэр үйэлэргэ, кэнчээри ыччаттарга хараҕы манньыта, быары сылаанньыта, сүрэҕи үөрдэ, дууһаны өрүкүтэ, силигилии, сириэдийэ турара буоллар диэн санаанан салайтарар. Поэт сыһыы-толоон чээл күөҕэр, күн күрүлгэнин анныгар күөгэйэ-нусхайа бигэммит сибэкки арааһын “уһуктубут олох үөрүүтүн курдук, уостубат иэйии мэктиэтин курдук” көрөр, итэҕэйэр:
Барахсаттар, нарыҥҥытыан,
Чаҕылыһан мааныгытыан,
Кыыһа тэтэрэн ырааскытыан,
Кырааскаҕыт хойуутуон.
Быстах кэмҥэ чэлгийээт,
Ситэн-хатан уостаҕыт,
Сиэмэҕитин ыскайдыыгыт,
Үйэлэргэ салҕанаҕыт.
Үс кут дьүөрэлэспит, өбүгэ үгэһин этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи сиэр-майгы үрдүкү таһымыгар сайдар, олоҕу туругурдар, олоҕу чэчирэтэр күүс буоларын Афанасий Чугунов поэзиятыттан толору ылынаҕын.
Поэт сирдээҕи эрэ Кэрэнэн иэйэр буолбатах, үөһээ үрдүк халлаан “урсунунан сыыйар”. Сулус “тыһыынчанан чаҕыл уоттарыгар” суунар, “туолан тотон торолуйбут” тунал ый көөчүктүү көстүбүтэ поэкка олох туһунан бөлүһүөктүү санаалары үөскэтэр:
Ыйдаҥанан сырдатынан
Ырааппаккын ыыргыттан,
Сымыйа хайҕал ылаҥҥын,
Суолгун сатаан хайыммаккын.
Афанасий Чугунов санаатын, иэйиитин саһарҕа кынаттара үс кэми – ааспыт, билиҥҥи, кэлэр – курдары көтөллөр. Күннээҕи ааспат түбүк, элбэх сүпсүк ааһар аймалҕаныттан өйүнэн-санаатынан тэйэн, кыырайа көтөн олох дьиҥ сыаннастарыгар – сиэр-майгы чөлүгэр, өй-санаа ырааһыгар, кут-сүр сырдыгар, эт-хаан чэлгиэнигэр сирдииллэр. Поэт – кэлэр кэми бүгүн айабыт, кэлэр кэми бүгүн түстүүбүт, кэлэр кэми бүгүн алгыыбыт – ол буолар олох олоруу сүрүн сыала-соруга диэн санааны ааҕааччыга үөскэтэр, ылыннарар, олохсутар. Кэм сирдьитэ – ол буолар дьиҥ Поэт анала!
Афанасий Васильевич биир кинигэтин аата “Күһүҥҥү ньургуһун” диэн. Кини бэйэтэ этэринэн: “Ньургуһун уонна таптал. Төһөлөөх ситэрсэр өйдөбүллэрий! Сааскы ньургуһун сир аан маҥнай тиллибит симэҕэ, Кырыктаах, кырыалаах кыһын кэнниттэн харалдьыкка тиллэн, күнү көрө нуоҕайан турарын саха ааттаах төһөлөөх үөрэ-имэрийэ көрөрүй?”.
… Угут күһүн ньургуһун барахсан хос тиллэр. Айылҕа быйаҥнаах күһүн күндү бэлэх гынан иккистээн тилиннэрэр. Ол аата кэрэ эргиллиэҕин, хайаатар да хатыланыаҕын киһи аймахха кэрэһилиир. Күһүҥҥү ньургуһун уонна хойукку таптал. “Таптыырга кэм-кэрдии тыынааххар суох” дииллэр, “таптал кырдьары билиммэт” дэһэллэр. Күһүҥҥү уйаҕас ньургуһун кэриэтэ таптал олоҕу тыынныыр, олоҕу симиир уран, нарын, дьикти күүс эбит. Афанасий Чугунов бу кинигэтигэр суруйарынан, сааһырыы саһарҕата, ытыктаһыы, өйдөһүү сардаҥата – күһүҥҥү таптал. Кини баар буолан, сайдыы саҥа саҕахтара ханнык да сааска саҕыллар, оҕо, сиэн кэскилин алгыстаах аартыктара арыллаллар. Тапталынан ис хоһоонноммут олох Аал-Луук мастыы сириэдийэ, кэнчээри ыччат кэскилин тэрийэр, бараммат сырдыгы тэнитэр. Ол иһин сааһырыахтарыгар диэри тапталларын аанньал оҥостубут, ньургуһун сибэккилии харыстаан тылыннарбыт дьон эрэ алгыска олорсоллор, сарсыҥҥы саҕахтара сарыалланар, кэнчээри ыччаттарын кэскилэ саргыланар.
Олох таҥарата таптал буоллаҕына, таҥара айымньыта, тыыннаах тырым кэрэтэ, сырдыкка, ырааска сирдиир үрдүк идеала сибэкки-кыыс эбит. Сибэкки – кыыс… Олох саҕаланыытыгар – сааскы ньургуһун. Олох ортоку да, түөртүүр да омурҕаныгар, киэһэриитэ да кэрэтин ыһыктыбатах, угуйар умсулҕаннаах, таайтарбатах кистэлэҥнээх – күһүҥҥү ньургуһун. Поэт сүрэҕин чопчута ньургуһун-кыыс “наскылдьыйа хаамарынан, намыын, нарын саҥатынан”, “алыптаах аһаҕас хараҕынан” абылыыр.
Орто дойду очурдаах-чочурдаах олоҕор төһө да санаа баттыыр күннэрэ, ыарахан түгэннэрэ көрсүбүттэрин иһин, ардыгар аймалҕан, күнүү күлүктэрэ көстүтэлээн ааспыттрын иһин, “төлкөтүн, соргутун түстээбит сибэккитэ”, “олох сырдык чүөмпэтэ, итэҕэл чараас араҥата”, “олоххо мэлдьи куустуһа сылдьар”, “кэрэчээнэтэ”,”тапталга билиниитэ”, “тапталга бэриниитэ”, “араҥаччылыыр аанньал” буолар эбит.
Онуоха ким эрэ күнүүлүү көрбүтэ
Омнуолаах санаата ойоҕос халыйдын,
Ох саатын оҥостон куппутун ыппыта
Оноҕос тыллара ончутун таппатын!
Поэт үйэлээх иэйиигэ, улахан тапталга бэриммит сүрэҕэ этэр:
Чэпчэки саҥнаахтар иэйиини билбэттэр,
Чычааһын-дириҥин сыныйа барбаттар.
Сир аайы аналын, дьэ, булбут ааттаахтар,
Саҥаттан олоххо сахсына сатыыллар…
Салпакка мин үҥүөм маҥнайгы тапталбар,
Сарсыарда көрсүбүт сарыалым имигэр!
Афанасий Чугунов салгыы маннык этэр: “Олох! Төлкө! Бааллар дуо аҥаардас көр-күлүү күлүмэр, өрөгөй үөрүүтүгэр, таптал уох имэҥэр, хайҕал мүөт алыбар уйдаран олохторо устар ыаллар, дьоннор? Төлкө Хаан олох устата үөрдэр да, хомотор да. Таҥнарыы кырыыһа, харах уута, өлүү ыар сүтүгэ, түҥ санаа баттыга…”.
“Уһун олохторугар олох бары ыарын, хомолтотун, сүтүгүн, тымныытын, тыйыһын уйан тапталларын үҥэр таҥара, үрүҥ күн, кырдьар саастарыгар тайанар тайах оҥостубут дьон орто дойдуттан да арахсар күннэригэр дьоллоохтор, сирдээҕи сэмэй дьоллоохтор, ону таһынан, Айыы сарыалынан бычалыччы туолбут Аар Айыылартан арчылаппыт үрдүк дьоллоохтор. Ол Дьол – үлэ-хамнас, доҕор-атас, үүнэр-ссайдар эйгэ, кэскил уонна таптал” диир академик Афанасий Чугунов — тулалыыр эйгэтин туругурдар суруйааччы!
Александра ГРИГОРЬЕВА-САНДААРЫЙА.