Биһиги,Тулагы оскуолатын 4 «А” кылаас үөрэнээччилэрэ Валерия Лыткина уонна Айылхан Федоров, коронавирус дьаҥын утары миэрэлэри алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ хайдах тутуһарбытын туһунан кэпсиэхпит.
Оскуолабытыгар алын кылаастар икки симиэнэнэн арахсан үөрэнэбит. 1 уонна 4 кылаастар 8.00 чаастан, оттон 2,3 кылаастар үөрэхтэрэ 9.00 чаастан саҕаланар.
Дьиэбититтэн тахсарбытыгар маска кэтэрбитин умнубаппыт.
Оскуолабытыгар быйыл тепловизор диэн аппараат туруорбуттара. Сарсыарда бары биир-биир уочараттаан киирэбит, оччоҕо тепловизор температурабытын ыраахтан бэйэтэ кээмэйдиир уонна экраҥҥа көрдөрөр. Аппарат көрдөрүүтүнэн 36,6 кыраадыстан үрдүк температуралаах оҕо кэллэҕинэ, тута дьиэтигэр төннүөхтээх.
Этээс аайы хас да антисептик ыйанан турар. Манна илиибитин ыраастанабыт, илиибититтэн микробтарын суох оҥоробут.
Үөрэнэр кэбиниэттэргэ салгыны ыраастыыр, вирустары өлөрөр рециркулятордар тураллар.
Пандемия кэмигэр учууталларбыт маскалаах сылдьаллар, оттон оҕолор бэйэлэрэ сөп дии санаабыттарынан харыстаналлар. Сынньалаҥ (перемена) кылаас аайы тус-туспа графигынан буолар, ол иһин атын кылаас оҕолорун кытта этээспитигэр көрсүбэппит.
Билигин халлаан сылаас турарынан физкультура уруога таһырдьа буолар, онон сибиэһэй салгыҥҥа дьарыктанабыт.
Уһун переменаҕа эмиэ санитарнай нуорманы тутуһан, наҕылыччы аһыыбыт, ол иннинэ хайаан да илиибитин суунабыт.
Сорох сынньалаҥ кэмигэр «динамическай пауза” диэн буолар. Холобур, оскуолабыт төрөөбүт күнүгэр анаан, флешмоб үҥкүүгэ бэлэмнэнэбит.
Оскуолабытыгар ыарыыттан сөптөөхтүк харыстанан, быраабыланы тутуһан, саҥа билиини ылабыт, үөрэ-көтө кэлэбит.