Биһиэхэ, “Кэскил» хаһыат суруналыыстарыгар, тэрийбит сүлүөттэрбитигэр, куонкурустарбытыгар, араас тэрээһиннэрбитигэр оҕолор үөрбүт харахтарын көрөртөн ордук суох. Хатаска ыыппыт «Бэлэм буол-2022» турслеппутугар сылдьыбыт оҕолор чахчы астыммыттарын көрөн, бэйэбит даҕаны үөрдүбүт, санаабыт көнньүөрдэ. Сүлүөккэ Дьокуускай уокуругун 8 оскуолата кыттыбыта — бэйэтэ биир ситиһии. Тулагы орто оскуолатын VIII “А» кылааһын үөрэнээччилэрэ Умсуура Иванова, Нарыйаана Степанова, Арыйаана Никонова сүлүөт туһунан санааларын ааҕыҥ.
— Бүгүҥҥэ диэри, атын күннэртэн туох да уратыта суох, сааскы күннэр турбуттара… Ол эрээри ыам ыйын 19 күнүгэр биһиэхэ ураты күн үүннэ!
Бүгүн биһиги кылааһынан хаһыат куорат оскуолаларын икки ардыларынааҕы «Бэлэм буол-2022» диэн туристическай сүлүөккэ кыттыыны ыллыбыт.
Тулагыттан оскуолабыт автобуһунан айаннатан тигинэтэн, ньургуһун көбүөрүнэн бүрүллүбүт Хатас алааһыгар көрүөх бэтэрээ өттүгэр баар буола оҕустубут. Учууталбыт Наталия Афанасьевна дьаһайыытынан-такайыытынан түһүлгэбитин саламанан иилии эргитэн, уп-улахан ураһа-балааккабытын сып-сап туруоран кэбистибит.
Сахалыы мас иһиттэри сылгы тириитин үрдүгэр кэчигирэччи тэлгэттибит. Атын өттүгэр кыһыл таҥас сабыылаах похуодунай остуолбут үрдүгэр оскуолабыт мусуойуттан уларсыбыт горну, барабааны, кинигэлэри, пионерскай, октябрятскай знамялары уурдубут. Онон хаартыскаҕа түһэр икки фотозона бэлэм буолла. Түһэр сирбитин дьоһуннаахтык оҥостооппутун кытта, куоталаһар-күрэхтэһэр кэммит тиийэн кэллэ.
Бастакы уонна саамай ыарахан, эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар түһүмэҕэ – мэһэйдэри туорааһын (полоса препятствий). 3 кыыс уонна 3 уол кытталлар. Биһигиттэн — тустуук кыыспыт Каролина, волейболистар Лилиана, Күннэй, Андрей, тулуурдаах Аястан уонна охчут Эрчимэн. Дьэ, эрийэн-буруйан, уустук тургутуу буолла: түргэн үлүгэрдик иһиттээх-хомуостаах рюкзагы тыаһаабат гына хомуйуу, быаттан тутуһан сыыры өрө дабайыы, быалаах маска ыйаастан баран ыстаныы, гранатаны быраҕыы, саллааттыы сыыллыы, туора-маара ыстаныы.
Итини барытын балачча киэҥ сиринэн сүүрэ сылдьан толоруохтааххын. Биһиги оҕолорбут кыттыбыт хамаандалартан барыларыттан быһый, күүстээх, сымса буолан биэрдилэр, кыайыы өрөгөйүн бэлэхтээн үөртүлэр.
Онтон аны эдэр суруналыыстарбыт интервью ылан, хаһыат оҥорон, репортаж суруйан күрэхтэһии түһүмэҕэр Умсуура, Нарыйаана, Арыйаана «Бастыҥ репортаж» бириэмийэни ылан, үөрүүбүт өссө үксээтэ. Алинабыт бастакы суһал көмөнү хайдах оҥорор туһунан иҥнибэккэ кэпсээтэ, Самааналаах Егорка ориентирование, краеведение күрэҕэр ситиһиилээхтик кытыннылар.
Күрэхтэһиилэр быыстарыгар атын оскуола оҕолорун кытта үөрэ-көтө мээчик оонньоотубут, канат тардыстыбыт.
Онон бу күн «Бэлэм буол» хаһыат сүлүөтүгэр сылдьан, пионерия историятыттан, суруналыыс үлэтин түгэннэриттэн элбэҕи биллибит, үгүскэ үөрэннибит. Оҕо саас биир кэрэ-бэлиэ күнүн бэлэхтээбит тапталлаах хаһыаппытыгар махтанабыт, үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит, ситиһиини баҕарабыт!