«Тулаайах оҕо» испэктээкил көрөөччү дьүүлүгэр тахсыа» диэн биллэрии тарҕаныа эрэ кэрэх: сонно тута П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар бу испэктээкилгэ билиэт барыта атыыланан бүппүт. “Оҕом кылааһын кытта барыахтааҕа, ону баара, билиэт бүтэн хаалбыт этэ”, —диэччи төрөппүт үгүс. Онон “Тулаайах оҕону” көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн аны ыам ыйыгар 20, 21, 27, 28 чыыһылаларга көрүөххэ сөп.
Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр саха норуодунай суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан “Тулаайах оҕо” романынан күүтүүлээх испэктээкил сүрэхтэннэ! Быйыл Далан төрөөбүтэ 95, оттон “Тулаайах оҕо” роман күн сирин көрбүтэ 40 сыла.
Петр Макаров, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ:
— “Тулаайах оҕо”—саха тыйаатырыгар тура илик айымньы. Классика буолбут айымньыларбытын сыанаҕа туруорар үгэһи Руслан Тараховскай салгыыр. Ол курдук, “Сыгый Кырынаастыыр”, “Төлкө”, “Хара кыталык”, “Суоһалдьыйа Толбонноох”—көрөөччү кыраҕы хараҕын далыгар киирбиттэрэ. Көрөөччү сахалыы тылы-өһү истээри тыйаатырга кэлэр.
Руслан Тараховскай, режиссер:
— Саҥа дьыл кэнниттэн ситимнээхтик ылсан, бу үлэбит күн сирин көрдө. Маныаха биһиэхэ история билимин доктордара Андриан Борисов, Розалия Бравина төһүү күүс буоллулар. Биһиги “Тулаайах оҕо” романтан диалогтары сөрөөн ылбыппыт. Инсценировканы Майя Власьева, Дьулустаан Семенов оҥордулар. Ол иннигэр ювелир, худуоһунньук Александр Манжурьевы кытары билсэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, “Тулаайах оҕо” уобарастара биир-биир көстөн кэлбиттэрэ. Биллэн турар, 2,5 чаастаах туруорууга роман барыта баппат. Онон А. Манжурьев айымньылара испэктээкилгэ тиллэн кэлэллэрин көрүөххүт. Муусуканы кытары Манжурьев үлэтэ алтыһыылара интэриэһинэй буолуо. Клавдия, Герман Хатылаевтар, Николай Павлов муусуканан киэргэтиилэрэ туруоруубутун ураты тыынныыллар. Уопсайынан, саха улахан айымньылара сыанаҕа хото туруохтаахтар.
Александр Манжурьев, ювелир, худуоһунньук:
— Үлэлэрбин ааспыт өттүгэр Михаил Егоров биир испэктээкилгэ туттубута. Олоҥхо ыһыахтарыгар Майя Власьевалыын эмиэ үлэлэспиппит. Оҕо сылдьан режиссер буолуохпун баҕарбыттааҕым, “Тулаайах оҕону” ааҕан баран, киинэ гынар киһи, диэн санааламмыппын өйдүүбүн. 1984 сыллаахха окко сырыттахпытына, аҕам чүмэчи сырдыгар “Тулаайах оҕону” утаппыттыы ааҕара. Сол кэмтэн, айымньыны бэйэм эмиэ билсэн, дойдум сирэ-уота ырылыччы көстөн кэлбитэ. Улааппыт сирим Түҥ өрүс.
ххх
Уонтан тахса сыллааҕыта “Дыгын Дархан” испэктээкили Сергей Потапов Саха тыйаатырын сценатыгар туруорбута. Мин премьераҕа буолбакка, испэктээкил дьоҥҥо-сэргэҕэ балачча көрдөрүллэн эрдэҕинэ сылдьыбыттааҕым. Онуоха санааларын хорсуннук этэр, биллэрэр көрөөччүлэргэ түбэспитим. Субу-субу саалаттан: “Сахалары түһэрдигээ-эт”, диэн эр дьон үөгүлэһэ олорбуттара. Итиэннэ оонньуу бүтэрин күүппэккэ даҕаны, сценаҕа былыргы сахалар арыгыны киллиргэччи тута сылдьан иһэллэрин эҥин тулуйбакка буолуо, олох тахсан барааччылар да бааллара. Наар тус бэйэ көрүүтүн соҥнооһун, бөрүкүтэ суох көстүүнэн, киһи-аймах алын, намыһах кыдьыгын эрэ көрдөрүүнэн үлүһүйүү дьиҥэ, соччо уустуга суох, ити аатырарга, болҕомтону тардарга чэпчэки суол. Оҥостон туран көрөөччүнү соһута, өрүкүтэ сатааһын режиссер бэйэтин “мин” дэниитин баҕар, күүһүрдэрэ, минньитэрэ буолуо. Ол эрээри, дьоҕурдаах эрээри, итинэн үлүһүйэр кэскилэ суоҕун ааһан, сэрэхтээх.
Оттон Руслан Тараховскай “Тулаайах оҕотугар” киһи омнуолуу, атыҥырыы, сүөргүлүү көрүөҕэ диэн ончу суох. Барыта санаа иһинэн, саха өйө-санаата ылынар көстүүтэ. Сардана Федотова, Дария Дмитриева көстүүмнэрэ эриэккэстэр. Михаил Егоров сценографията ураты. Иннокентий Луковцев (Тиэргэн Чоргул), Герасим Васильев (Даҕанча эһэтэ Бакамда), Куприян Михайлов (Тумат ойууна Илээҥки), Александр Борисов (үс бэлиэлээх хоһуун Дьэрбэ уонна Чымпа), Петр Макаров (Тыгын Дархан) уобарастара мин санаабар, табыллыбыттар, көрөөччүгэ өйдөнүллэн хаалар гына көһүннүлэр. Александра Сивцева (Муос кыыс) уруккуттан туойа үөрэммитэ биллэр, ырыата, куолаһа үчүгэйдик иһиллэр, бэлиэ. Бу туруорууга Бүтэй Бүлүү оччотооҕу тыына итэҕэтиилээхтик бэрилиннэ.
Руслан Тараховскай бу испэктээкилигэр режиссер быһыытынан лаппа үүммүтэ, сайдыбыта көһүннэ.
Жанна Леонтьева.