“Туймаада Уолана” сахалыы многоборьеҕа күрэх Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатыгар ыытылынна.
Үрдүкү кылаас күүстээх, сымса, быһый уоланнара ыстаныы, мас тардыһыы, ыараханы көтөҕүү, өһөс торбос уонна кыыс эккирэтии көрүҥнэригэр күөн көрүстүлэр. Уопсай түмүккэ бастаабыт, миэстэлэспит уолаттар кубоктарынан, мэтээллэринэн, сыаналаах сертификаттарынан наҕарадаланнылар.
Мас тардыһааччы
Константин ИВАНОВ, IX «Б» кылаас, күүстээх спортсменнары кытта эрчиллэн сайдыбыта киһи хараҕар быраҕылынна. Кини утарсааччытын уот харахха көрөн олорон, маһы сыыйа бэйэтигэр тардар. Ол аайы көрөөччүлэр: «Костя! Костя!» – диэн хаһыытыыллара киирсиини өссө күүркэтэр. Уол өр гыммата, маһы тардан ылла… бастаата!
– Уолаттар бары күүстээхтэр, үчүгэй бэлэмнээхтэр эбит. Миигин спорка аҕам уһуйбута. Бэһис сылбын мас тардыһыытынан дьарыктанабын. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ, Россия чемпионатыгар ситиһиим элбэх. Нэдиэлэҕэ 2-3 күн дьарыктанабын. Онно күнү быһа мас тардыһа-тардыһа олорбоппут, сүүрэбит, тренажернай саалаҕа эрчиллэбит. “Туймаада Уоланыгар” саамай ыарырҕаппытым “Өһөс торбос”. Руслан Калтушенко ыйааһыннаах, модьу уол. Биэтэккэ киирсибиппит. Утарылаһан көрдүм даҕаны, быаны сүнньүбүттэн сулбу тардан ылла.
Костя билигин эксээмэннэригэр бэлэмнэнэр, онон дьарыкка, эрчиллэргэ иллэҥэ суох. Тиэхиньикэ, IT өттүгэр ордук сыһыаннаах буолан, физиканы уонна информатиканы талбыт. «Арай кыайан кыаллыбатаҕына, спорт эйгэтигэр түһүнүөм», – диир. Мас тардыһааччы кыахтаах, өйдөөх, баҕалаах, бэйэтигэр эрэллээх буолуохтаах.
Быһый атах
Түһүлгэҕэ хайдах туттан-хаптан киирэргиттэн, көрөөччүлэри кытта эҕэрдэлэһэргиттэн күрэхтэһии хаамыыта, түмүгэ тутулуктаах. XI «Г» кылаас үөрэнээччитэ Влад ПЛАТОНОВ киирсии хайдах ааһарын иһигэр сэрэйэн көрөр.
Холобур, “бу балаһыанньаҕа маннык куоталаһыам, утарсааччым албаһын хайдах эрэ таайыахтаахпын, арай ол сатамматаҕына, атыны толкуйдуом” диэн бэлэмнэнэр.
– Хас биирдии күрэхтэһээччи кыайардыы сананан кыттар буоллаҕа. Бэйэм кыахпар эрэнэр эрэ буоллахпына күрэхтэһэбин. Кыайыахтаахпын диэн эрдэттэн оҥостон кииристэххэ эрэ туох эмит табыллар, эрдэ «умайбыт» киһиттэн туох туһа тахсыай? Миигин кылааһым оҕолоро “саамай дьарыктаах уолбут” диэн талбыттара. Бэйэм волейболга оонньуубун. Оскуолам хамаандатыгар баарбын. Күүс өттүгэр ыйааһыным кыра буолан хааллым. Бу көрүҥнэргэ кэлин эбии күүскэ эрчиллиэм. Спортсмен бэйэтин туһугар, бэйэтин кыайаары күрэхтэһэр дии саныыбын.
Влад ыйааһына чэпчэки эрээри, бу кыттыбыт уолаттартан саамай түргэннэрэ, «быһый атахтаахтара» буолар. Кини кыыһы эккирэтии түһүмэҕэр утарсааччыларын ырааҕынан хаалларан, бастакы кэлбитэ. Онон уопсай көрдөрүүтүн тупсаран, иккис миэстэ буолла.
Доҕорум көмөлөстө
X “Б” кылаас үөрэнээччитэ Дмитрий ТЫЛЛАР кыра эрдэҕиттэн араас көрүҥнээх спортивнай күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Иллэҥ кэмигэр кроссфитынан дьарыктанар.
Кини бэйэтигэр бырагыраама толкуйдаабыт. Онно эрчиллии, сөптөөх аһылык, сынньалаҥ барыта нэдиэлэ устата наарданан сылдьар.
Холобур, сарсыарда элбэҕи аһыыр, үөрэнэр, күнүс куруһуок кэнниттэн гарнир, бурдук ас, оттон киэһэ дьарыгын кэнниттэн фруктаны уонна оҕуруот аһын сиир.
Дима күннээҕи рациона доруобуйатыгар, эт-хаан өттүнэн сайдарыгар туһалаах. Билигин уол тренерэ суох, спорт саалаҕа кэлэн бэйэтэ эбэтэр доҕотторун кытта дьарыктанар. Тугу эмэ саҥаны билиэн баҕардаҕына, төлөпүөҥҥэ «Work Out премиум» мобильнай сыһыарыыга көрөр. Уол киэн туттар спортсменнара – ийэлээх аҕата. Кинилэр чөл олоҕу, спорду өрө туппут дьон.
– Үһүс миэстэ буолбуппар спорт маҕаһыыҥҥа 2000 солкуобайдаах сертификат биэрдилэр. Хата, футболка, шортик, наскы атыылаһыам. Сөбүлүүр фирмам Demix. Хаачыстыбата куһаҕана суох, сыаната чэпчэки.
Чугас доҕорум миэхэ ыалдьа кэлбитэ олус үчүгэй. Кини мин ситиһиибэр көмөлөстө дии саныыбын. Бу бастакы кыайыым. Урут муай-тай бойобуой көрүҥүнэн дьарыктаммытым. Ол сылдьан, күүскэ оһоллонон, өр кэмҥэ тохтообутум. Оттон кроссфиты кэрэхсээн, билигин спорка саҥа тыынынан кэлэн, бу үһүс буоллум.
Павел
ИЛЬИН.
Василий ПАК
түһэриилэрэ.