Мин таптыыр уоллаахпын. Кинилиин бу күһүҥнүттэн доҕордоһобун. Кини эмиэ миигин таптыыр «үһү”. Бэйэтэ итинник диэн билинэр. Ол гынан баран, кэнникинэн саарбаҕалаан эрэбин. Арааһа, сымыйалыыр быһыылаах. Бастаан сылдьарбытыгар үчүгэйдик сыһыаннаһара. Оттон билигин букатын да маатыранан эрэ кэпсэтэр, сотору-сотору: «Айка, хабарҕабар турдуҥ, эйигиттэн арахсабын», — диэн куттуур. Өссө биирдэ көрөн турдахпына, атын кылаас кыргыттарын кытта оонньоспута. Онуоха кыыһырбыппар, бэйэбин сэмэлээбитэ: «Ити аайы күнүүлүүгүн дуо? Мээнэ дьээбэлэнэбин дии. Билэҕин буолбаат, эйигин таптыырбын», — диэн. Ситинник мэлдьи албын тылынан уоскутан кэбиһэр.
Кырдъык, бэйэм ынырык күнүүһүт буолан эрэбин. Эрэммэт, итэҕэйбэт буолан хааллым, наар күтүрээн, уорбалаан тахсар кыдьыктанным. Ааспыкка суотабайын уоран хаспытым, ватсабынан кыыс бөҕөтун кытта суруйсар эбит. Ол туһунан эппиппэр, өһүргэнэн бардьыгынаабыта. Онтон ыла сүттэ, биллибэтэҕэ нэдиэлэ буолла. Эрийдэхпинэ — ылбат. Санаарҕаан өлөн эрэбин. Бырахтаҕына — иэдээн! Хайдах буоларбын билбэппин. Эмиэ да маннык сэнэбиллээх сыһыантан сылайдым. Ол эрээри, кинитэ суох сатаммаппын…
Л.О.
Дьиэ кэргэн уонна ыччат өйөбүллээх буолуутун киинин психолога Мотрена Алексеева:
—Л.О! Эн кинини чахчы таптыыгын дуо? Баҕар, үөрэнэн, убанан хаалбыккын (привязанность) таптал дии саныырыҥ буолаарай? Дьиҥнээх таптал диэн, бастатан туран, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыл, өйдөһүү, өйөһүү буолуохтаах. Оттон эһиэхэ, эн суруккуттан сылыктаатахха, ол төрүт суох. Көннөрү тутулуктаныы эрэ курдук. Арааһа, искэр соҕотох хаалыам, быраҕыллыам, тэһийиэм суоҕа диэн куттанаҕын быһыылаах. Ол иһин сүтэриэххин баҕарбаккын. Ол эрээри, хаһааҥҥа диэри итинник эрэйдэнэ уонна кинини «эрэйдии» сылдьыаххыный? Чопчу быһаарынарыҥ ордук. Онуоха маннык ньыма баар.
Хараххын сап уонна бэйэҕитин аны үс сылынан хайдах көрөргүн санаа. Сыһыаҥҥыт тупсубут дуу, биитэр букатын кэхтибит дуу? Үчүгэйдик толкуйдаа эрэ.
Өскөтүн икки ардыгытыгар истиҥ иэйии суох буоллаҕына, эйэлээхтик арахсаргыт табыгастаах. Итинник уһатан-тэнитэн, сыһан-соһон, таах майгыгытын эрэ алдьатыаххыт, сүрэххитин эрэ ыарытыннарыаххыт, харах уутун эрэ тоҕуоххут.
Арахсар, биллэн турар, хомолтолоох. Ол эрээри, олох итинэн бүппэт. Хайа, төттөрүтүн, эйиэхэ, эдэр киһиэхэ, саҥа саҕаланан эрдэҕэ дии. Табыллыбатах “тапталыҥ” кэлиҥҥи өттүгэр, хата, уопут, үөрэх буолуоҕа диэн эрэнэбин.