Бу күннэргэ биһиги гимназиябытыгар быыһыыр сулууспа (МЧС) үлэһитин кытта олус интэриэһинэй көрсүһүү буолан ааста. Суһал быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, ыксаабыт киһиэхэ тыын киллэрэргэ (искусственное дыхание), тыаҕа тахсан баран муммат туһуттан сөптөөхтүк тугу гыныахтаахпытын туһунан сиһилии кэпсээтэ.
Киһи олоҕор ыксаллаах быһыы-майгы хаһан баҕарар, хайдах баҕарар үөскүөн сөп. Ол иһин киһи итиннэ сөптөөхтүк хамсаннаҕына, бэйэтин да, аттыгар да баар киһини алдьархайтан быыһыан сөп.
Мин бу көрсүһүү кэнниттэн элбэҕи биллим. Инникитин да олохпутугар маннык туһалаах тэрээһиннэр буолалларыгар баҕарабын.
Иван ОКОНЕШНИКОВ, VIII кылаас,
Мүрүтээҕи «Уолан» гимназия, Уус Алдан