Андрей Слепцов Дьокуускай 26 №-дээх оскуолатын IX кылааһыгар туйгуннук үөрэнэр. Кини программированиены интэриэһиргиир буолан, «Сосновый бор» кииҥҥэ АйТи симиэнэҕэ ыҥырыллан сылдьар. Андрей бэйэтин билиһиннэрэригэр: «Андрей Анатольевичпын»,—диэн, тута үрдээн көстүбүтэ, кэпсэтэн истэххэ, чахчы даҕаны, «Анатольевичпын» дэниэх оҕо эбит! Наһаа дуоспуруннаах, өйдөөх, киэҥ билиилээх. Андрей элбэх ситиһиилэниэ диэн эрэнэбит!
“Дьокуускайга хаалыам, үчүгэй испэсэлиистэр манна да наадалар”
Андрей Слепцов, IX кылаас (Дьокуускай 26 №-дээх оскуолата):
— Мин информатика олимпиадатыгар кыттан, I степеннээх дипломунан наҕараадаламмытым уонна ол түмүгүнэн Казань куорат аттыгар баар инновация куоратыгар, Иннополиска, бара сылдьыбытым, Ай-ти лааҕырга дьарыктаммытым. Pascal, JavaScript, С++ программирование тылларын сатыыбын, Python тылыгар үөрэнэ сылдьабын. 3Д-моделированиеҕа SketchUp бырагырааманан үлэлиибин.
Үөрэхпэр туйгуммун, сөбүлүүр уруоктарым физика, информатика. Онон бу наукалары кытта сибээстээх идэни талар былааннаахпын. Ханнык университекка үөрэниэхпиний? ХИФУ-ну таларым буолуо уонна манна хаалан үлэлиэм. Улахан куораттарга барар санаам суох дуо? Суох, манна даҕаны үчүгэй испэсэлиистэр наадалар дии саныыбын.
Ай-ти эйгэтэ кэскиллээх буолан, таллым. Ханна баҕарар наадалаах: медицинаҕа, бырамыысылыннаска, ханнык баҕарар наука салаатыгар. Программированиеҕа интэриэһим Оҕо дыбарыаһыгар баар Кванториумҥа дьарыкпыттан саҕаламмыта, онно Геоквантумҥа сылдьыбытым. Онтон 3Д моделированиеҕа Оҕо искусствотын оскуолатыттан (ДШИ) орох тэппитим. ДШИ-ни биир эрэ “4” сыаналаах бүтэрбитим, атына барыта “5” этэ.
Кинигэни ааҕабын дуо? Ааҕан, ол гынан баран, солом суох буолан, хомойуох иһин, үөрэх эрэ бырагырааматынан. Пушкин айымньыларын сөбүлүүбүн. Киинэлэртэн айылҕа туһунан документальнай киинэлэри көрөбүн уонна фэнтезини — “Властелин колец”, “Гарри Поттер”. Анимены, сериаллары көрбөппүн.
Уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн, ДШИ-ни мээнэҕэ бүтэрбэтэх буоллаҕым. Көмпүүтэр оонньууларыттан стратегиялааҕы ордоробун. Дьиэбэр үлэни барытын толоробун: тоһоҕону да саайыахпын син, кэтилиэти да ыһаарылыахпын…
Кэпсэттэ Таисия Алексеева.