Алтынньы 11 күнүгэр Владимир Гаврилович Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар «Цифровая образовательная среда» диэн федеральнай бырайыак чэрчитинэн тэриллибит аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир саҥа кабинет үөрүүлээх аһыллыыта үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Ол курдук, бу бырайыак туһунан оскуола дириэктэрэ Алексей Семенович Назаров саҥа тэриллэр федеральнай бырагырааманан кэлэннэр, оҕолорго аналлаах компьютернай остуоллар, устууллар оскуола үбүттэн көрүллэн, үөрэнэргэ бэрт табыгастаах усулуобуйа тэриллибитин, IT-технология өттүнэн сайдыылаах хоско ыалдьыттары, учууталлары уонна үөрэнээччилэри кытары кыһыл лиэнтэни быһан киирдилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Любимова уонна Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын начальнига Альберт Иванов Интернет ситимин нөҥүө ыыппыт эҕэрдэ тылларын, баҕа санааларын астына дуоһуйа көрдүбүт.
Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигын солбуйааччыта Елена Васильева уонна үөрэх управлениетын кылаабынай специалиһа Маргарита Попова саҥа кабинет үрдүк тэрээһиннээхтик арыллыбытын сыаналаатылар, бырайыак туһунан инники былааннары, бэйэлэрин сүбэлэрин, баҕа санааларын уонна атын оскуолаларга холобур буолар диэн бэлиэтээн биэрдилэр.
Кабинет салайааччытынан эбии үөрэхтээһин педагога Павел Герасимов ананна. Кини кэлбит ыалдьыттарга, үөрэнээччилэргэ аныгы технология тэриллэрин уруокка хайдах туһаныахха сөбүн «Демонстрация с несколькими экранами» диэн кылгастык маастар-кылаас ыытан көрдөрөн аһарда. Уонна бэйэтин сүбэтин-уопутун, инники баҕа санааларын ыалдьыттарга сырдатта.
Түмүккэ бу бырайыак олоххо киирбитинэн, оҕолорбут аныгы бириэмэҕэ олоҕу кытта тэҥҥэ сайдалларыгар, олук ууралларыгар бука бары остуол тула олорон аһаҕас кэпсэтиилэр, уопут атастаһыыта, сүбэлэрин-амаларын тэҥҥэ үллэһиннилэр. Ыаллыы турар оскуолалартан кэлбит Сунтаар 1, 2, 3 нүөмэрдээх, Сунтаардааҕы Лесной, коррекционнай, Устье оскуолаларыттан ыалдьыттар тэрээһини бэрт үчүгэйдик сэргээтилэр уонна бэйэлэрин баҕа санааларын этэн туран, оскуолабытыгар сэмэй бэлэхтэрин туттартаан үөрүүнү өссө үрдэттилэр.
Инникитин үөрэхпит аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыы турарыгар учууталларбыт уонна үөрэнээччилэрбит билиилэрэ, сатабыллара сайда-үүнэ турарыгар баҕаран туран, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын медиа-киинэ.