Үөрэх дьыла саҕаланыа баара-суоҕа икки эрэ нэдиэлэ хаалла. Балаҕан ыйыттан үөрэх оскуолаҕа саҕаланыа диэн иһитиннэрдилэр. Онон бары билиҥҥиттэн сыыйа-баайа оскуолабытыгар бэлэмнэнэн барабыт.
Оҕо оскуолаҕа сылдьарыгар бастыҥ мала тугуй? Биллэн турар үрүксээк буолар. Онтон табыгастаах үрүксээги сөпкө хайдах талан ылабыт? Ол туһунан бүгүн биһиэхэ 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа травматология салаатын травматолог-ортопед бырааһа Петр Ксенофонтов кэпсиир. Петр Петрович @stelki_ykt диэн чааһынай ортопедическэй табаардар маҕаһыыннарын атыылаһааччыларыгар сүбэ-ама эмиэ биэрэр эбит.
— Билигин киһи хараҕа сүүрэр араас эгэлгэ үрүксээк атыыга баар. Олортон хайдах сөптөөҕү таларгытыгар аҕыйах сүбэ биэриэм. Бастатан туран, үрүксээк сиэдэрэй эрэ көстүүлээх буолбакка, бэйэтин анал пуунсуйатыгар толору эппиэттиэхтээх. Үрүксээк кэннэ көнө уонна кытаанах, анал ортопедическэй көхсүлээх буолуохтаах, оччоҕо кинигэ, тэтэрээт ыйааһыныттан оҕо көхсүтэ сылайыа суохтаах. Аны сүгэһэр быалара синньигэс буолбакка, 4-8 см кэтит буолара ордук. Оччоҕо үрүксээк ноҕурууската санныгар тэҥҥэ сытыахтаах. Уонна синньигэс быа санныны аалан ыарытыннарыан сөп.
Үрүксээк оҥоһуута көхсү үлэтин сылатыа суохтаах, оҕо көнөтүк тутта сылдьарыгар табыгастаах уонна матырыйаала тыынар буолуохтаах. Ол иһин үчүгэй үрүксээктэр кэннилэрэ оҕо тириппэтин курдук салгылатар матырыйаалтан тигиллэр. Маны таһынан үрүксээги таларгытыгар «оҕом улаатыар диэри илдьэ сылдьыа» диэн төрүөтүнэн салайтарбаккыт ордук, тоҕо диэтэххэ улахан кээмэйдээх сүгэһэр ыйааһына эмиэ ыарахан буолар.
Саамай табыгастаах үрүксээги оҕо саннытын кытары кээмэйдээн атыылаһар ордук, ол курдук сүгэһэр оҕоҥ саннытын уһунуттан тахсыа суохтаах. Аны үрдүгэ 30-40 см аһара улахан буолара сатаммат. Үрүксээк кэтитэ уонна үрдүгэ оҕо өттүгүн уонна саннын аһарыа суохтааҕын эбэһээт бэлиэтии көрүҥ, ыйааһынын эмиэ тутан-хабан мээрэйдээн көрүҥ. 1-2 кылаас үөрэнээччилэрин үрүксээгэ 700 г ыарахан буолбат уонна бу кэмҥэ саҥа сайдан эрэр оҕо уйан этэ-сиинэ, уҥуоҕа 1,5 киилэттэн ыарахан ыйааһыннаах үөрэнэр кинигэлэри көтөҕөрө букатын сыыһа.
Уонна үрүксээги атыылаһаргытыгар оҕо баҕатын хайаан даҕаны учуоттуур буолуҥ, билигин киһи эрэ ымсыырар, астынар үгүс элбэх, араас дьэрэкээн ойуулаах сүгэһэр суумкалара бааллар. Холобур, биир бэйэм, оҕо эбитим буоллар, мандалорц дьүһүннээҕи ылыам турдаҕа.
Тустаах исписийэлиис сүбэтэ-амата ааҕааччыларбытыгар көмө-тирэх буолуоҕа диэн эрэнэ хаалабыт.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.