«Кэтэһиҥ, доҕоттор, кэлиэхпит,
Эрэниҥ, биһиги эргийиэхпит
Сэрии кыайыылаах бүтүүтэ ,
Сир ньуурун тупсуута,
Сибиэһэй салгын тэлгэнэ
Сир халлаан сырдыыта.»
– диэн кыайыыга кынаттыыр тыллары биһиги биир дойдулаахпыт, буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин 1942 с. сэрии толоонугар аттанаары туран, Томтор диэн ытык сиргэ «Бырастыылаһыы» хоһоонун аахпыта.
Бүгүн, ыам ыйын 4 күнүгэр, Кэбээйи орто оскуолатын 9 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ, бу ытык сиргэ экскурсияҕа сылдьан кэллибит.
Нэһилиэкпит бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Авксентьевич Павлов Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэтин, биһиги улууспутуттан, нэһилиэктэн хас киһи барбытын, кимнээх бойобуой мэдээллээх, уордьаннаах төннүбүттэрин сиһилии кэпсээбитин сэҥээрэн иһиттибит. Биһиги өйдөөбүппүтүнэн, улууспутуттан 224 киһи барбытыттан, 22-тэ сураҕа суох сүппүт, 55 буойун хорсуннук өлбүт. 100-тэн тахса биир дойдулаахпыт – бойобуой мэдээллээх, 7 саллаат – бойобуой уордьаннаах эргиллибиттэр.
Чуолаан, бу ытык Томтор сириттэн саллааттарбыт бойобуой суолларын саҕалаабыттарын истэн, олус киэн тутуннубут.
Бу ытык сиргэ Тимофей Егорович бюһа томтойон турар. Кини Орловскай-Курскай туһаайыыга, Хотугулуу-Арҕааҥҥы 2-с Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыһыыларга кыттыыны ылбыта. Бойобуой сорудахтары толорууга «Хорсунун иhин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иhин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Билигин Дойду үрдүнэн буола турар анал байыаннай дьайыыларга төрөөбүт дойдуларын көмүскүү сылдьар саллааттарбыт туһунан эмиэ ахтан аастыбыт.
Маны таһынан, бу Томтор сиригэр Г.В.Егоров – Бартыһаан Дьөгүөрэпкэ аналлаах стелла баар. Бартыһаан Дьөгүөрэп бу ытык сиргэ Кэбээйи маҥнайгы 7 кылаастаах оскуолатын туттарбыт киһинэн буолар. Кини быйыл төрөөбүтэ 145 сыла диэн ахтан-санаан ыллыбыт. Егор Авксентьевич Гаврил Васильевич үтүө өҥөтүн, оскуола тутуллуутун туһунан эмиэ бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Үөрэхтээһиҥҥэ анаммыт стеллаттан бу оскуоланы 13 выпуск оҕолор бүтэрбиттэрин биллибит. Олор бары эмиэ Томторго үйэтититиллибиттэр.
Онон бүгүҥҥү күммүт бэрт интэриэһинэйдик ааста. Дойдубут историятын билэр дьоһун суолталааҕын өйдөөтүбүт, инникитин да үйэтититии үлэтигэр кыттыһыахпыт, бэйэбит кылааппытын киллэриэхпит диэн эрэнэбит.
САНДААРА Софронеева, 9 кылаас
«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата.