Саха суруналыыстыкатыгар саҥаны, сонуну киллэрбит дьонтон биирдэстэрэ Борис Павлов. Кини СӨ үтүөлээх суруналыыһа, “Көмүөл” кинигэ кыһатын дириэктэрэ, үгүс кинигэ ааптара. Кини философскай кэпсээннэри, новеллалары, хоһооннору суруйар. Онто “Өсөһүү”, “Американскай дэриэбинэ”, “Көҥүл эмиэ кынаттаах”, “Саха сүрэҕэ”, “Дьолуо” диэн ааттанан, араас сылларга кинигэ буолан тахсыбыттара, ааҕааччыларын булбуттара.
Мин Борис Ивановиһы сирэй билбитим, алтыспытым ыраатта. Арааһа, сүүрбэччэ сыл буоллаҕа. Элбэҕи билэр-көрөр, ааҕар, киэҥ өйдөөх-санаалаах, онтукатынан хаһан да бэрдимсийбэт, улаатымсыйбат, даххаһыйбат үтүө айылгылаах убайбыт биир идэлээхтэригэр чахчы ытыктанар, холобур буолар киһи. Үгүс эдэр суруналыыс айар үлэтигэр кини чахчы оруоллаах, сабыдыаллаах. Ол иһин кинини махталлаахтык ахтар, саныыр дьон кэккэтэ элбэх. Сирэй билсиэм иннинэ кини “Бэйэм кэммэр командировка” кинигэтин умсугуйа аахпытым.
Биир түгэни дьэҥкэтик өйдүүбүн: кини миэхэ хас да үчүгэй кинигэни уларсыбыта. Олор истэригэр Федерико Гарсиа Лорка хомуурунньуга баара. Мин буоллар, Борис Ивановичтан хоһоон суруйарын токоолоспуттааҕым. Хоһооннору ааҕар, ырытар киһи суруйара буолуо диэн. Ону кини ончу утарбыта: “Суох, мин хоһоону олох суруйбаппын. Хоһооннору кэрэхсээн, сэргээн ааҕабын эрэ”, — диэн. Ити эрээри, мин оччолорго сөпкө сэрэйбиппин: Борис Павлов … чахчы хоһоон суруйуон. Бастакы хоһооннорун facebook, социальнай ситим кыттааччылара билсибиттэрэ, ааҕаат, тута ылыммыттара, сөбүлээбиттэрэ. Өр сылларга Бэчээт дьиэтигэр 216 кэбиниэккэ бииргэ үлэлээбит аҕа кэллиэгэм Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл миэхэ үгүс тыла, быһаарыыта суох бэргэнник этэн турар: “Түһүүлээх-тахсыылаах, дьалхааннаах 90-с сыллар чаҕылхай ыччаттарыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри булгуруйбат, уларыйбат, биир сүрүннээх, киһи киэнэ көнөтө — Борис Павлов. Дьон диэн араас буоллаҕа, сорох тосту уларыйан хаалара, урукку санааларыттан ончу аккаастанан, чыҥха атын буола охсоро диэн баар: ким эрэ үрдүк дуоһунаһы, солону, кириэһилэни, сорох ааты-суолу, албан аатырыыны, о.д.а. талар”, — диэн.
Борис Иванович устудьуоннуу сылдьан суруйбут бастакы кэпсээннэриттэн биирдэстэрэ “Хааннаах үтүлүк” диэн, “Бэлэм буол” хаһыакка оччотооҕуга литература салаатын сэбиэдиссэйэ Николай Прокопьевич Васильев мэктиэлээһининэн, көҕүлээһининэн бэчээттэммит. Аны, этитиитэ, өйдөтүүтэ суох биһиги хаһыаппыт сурутуутун оҕолорго бэлэхтээччи эмиэ Борис Иванович Павлов. Хамсык ыарыы быдан иннинэ, Бэчээт дьиэтигэр үлэлии олордохпуна, үгүс саҥата суох, остуолбар төһө эрэ харчыны ууран баран, саҥата суох тахсан барар үгэстээҕэ. Кини оннук, ис-иһиттэн сэмэй киһи. Хас да сыл төрөөбүт Кириэс Халдьаайытын үөрэнээччилэригэр, итиэннэ Нам улууһун Түбэ орто оскуолатын оҕолоругар “Кэскил” хаһыаты утумнаахтык бэлэхтээбитэ. Быйыл ити үтүө үгэһин салҕаан, кини 6 хаһыаты кэлэр сыл 6 ыйыгар Ударник, Мэҥэ Алдан, Кириэс Халдьаайы үөрэнээччилэригэр бэлэх уунна. Онон Валерия Габышева, Айыллаана Кузьмина, Сайнаара Кириллова, Александра Софронова, Жанна Гоголева, Нарыяна Бурцева Саҥа дьыл кэнниттэн “Кэскил” хаһыаты тутуохтара, ааҕыахтара.
Биир идэлээхпитигэр, оҕо саас хаһыатын умнубакка, оҕо ааҕыыта, айар үлэҕэ сыстыыта уҕараабатын диэн кыһаллар Борис Иванович Павловка олус диэн махтанабыт. Саҥа айымньылары, кинигэлэри, арыйыылары баҕарабыт.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
БОРИС ПАВЛОВ
ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУ
Төрөөбүт дойду дьиҥинэн
Киһиттэн элбэҕи эрэйбэт,
Албыны, көлдьүнү,
сымыйаны
Адьаһын да тулуйбат.
Ийэ дойду ол иһин
ИЙЭ диэн
Эйиэхэ ийэлии сыһыаннаһар,
Аҕа дойду ол иһин
АҔА буолар,
Аҕа курдук олоҕуҥ тухары
аргыстаһар.
Ыччаттара онно
эппиэттиииллэр
саҥата суох:
Үлэлэринэн, дьыалаларынан,
Күннэтэ тоҕор
көмүс көлөһүннэринэн,
Киһи буолбут үрдүк
аналларынан.
Ийэ дойду хас биирдии
киһини харыстыыр,
Барыларын төрөппүт
оҕотун курдук көрөр,
Ол күүстээх санааны
салгыыр,
Төрөөбүт дойдутугар
көмөлөһөр.
Аҕа дойду эйигиттэн
ирдээбэт
Таптыыбын дии-дии,
үрдүк трибунаттан
аҕылыыры,
Кини убаастыыр
эр киһи курдук
судургутук
Байанай бэлэҕин
өлгөмнүк аҕалыыны.
Барыгытыгар баҕарабын
Ийэ дойду иҥэрэр
истиҥ сылааһын,
Аҕа дойду дурда-хахха
буолар сылааһын.
Аттыгар баар киһиэхэ
тапталынан
олоҕу салгыыр—
Ол буолар
төрөөбүт дойдуга
ураты таптал.
КУЛУНЧУК
Толооҥҥо,
Тоҥокко,
Чигди хаарга
Төрөөтө бастакы
кулунчук.
Түөрт атаҕар тирэнэн
хаама сатыыр,
Сэрбэйбит кутуруга
салҕалыыр…
Хаамп,
кулунчук,
Миэхэ олус суолталаах
эн хас биирдии
хардыыҥ,
Күннэтэ мөккүһүүҥ
хаҕыс хаардыын,
Тыйыс дойдуга
анаммыт дьылҕалыын
туруулаһыыҥ.
Миэнэ бөрүөм эмиэ
сороҕор ыраас
лиискэ салҕалыыр,
Өйүм саха норуотун
инникитин саныыр.
Ол эрээри, улахан
буукубаттан суруллар
ЭРЭЛ
Инники күөҥҥэ куруук
тахсан кэлэр.
Хаамп,
кулунчук,
Эйиэхэ эрэл улахана,
Биһиэхэ баар
дууһабытыгар сылгы—
Саха таҥарата,
Урааҥхай омук
үйэлэргэ бүппэт
ырыата,
Өбүгэбит барахсан
сындалҕаннаах
сырата.
Тур, кулунчук,
түөрт атаххар чиҥник!
Эрэнэбит эйиэхэ
сур соноҕос буолаҥҥын
силигилээн туруоххун,
Ахсым ат буолан
хаһыҥыраан
тахсыаххын,
Сыһыыларга, алардарга
субуруйа сүүрүөххүн!
Саас аайы хас
биирдии кулунчуктуун
Саха сүрэҕэр
эрэл төрүүр…