Саха сиринээҕи Наука академиятын Дьоҕус академията тэрийэн ыытар «Научное лето-2020 онлайн» диэн бырайыага өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балаҕан ыйыгар диэри үлэлии турар. Томпо Кириэс Халдьаайытын оҕолоро бу бырайыагынан араас чинчийиилэри ыыталлар. Манна карантин да, ойуур баһаара да, харгыс буолбатылар. Оҕолор «дойдубут айылҕатын харыстыаҕыҥ» диэн ыҥыраллар.
Мин «Юные натуралисты Томпо» лааҕырга сырыттым. Бу лааҕыр сыалынан-соругунан төрөөбүт дойдубутун үөрэтии, үөнү-көйүүрү, эмтээх оттору чинчийии, айылҕаны харыстыырга үөрэнии буолар.
Бу научнай хайысхалаах лааҕырбыт 2008 сыллаахтан үлэлиир. Сайын аайы Саха сиринээҕи Наука академиятын научнай сотрудниктара кэлэн, оҕолору үөрэтэллэр. Үөттээх диэн сиргэ балаҕаҥҥа хоно сытан, оҕолор айылҕаны кытта алтыһаллар, оту-маһы, үөнү-көйүүрү чинчийэллэр.
Бу сайын Кириэс Халдьаайыттан чугас баһаар туран уонна карантин буолан, хомойуох иһин, Үөттээххэ барбатыбыт. Академияттан учуонайдар эмиэ кэлбэтилэр. Ол иһин биһиги «Научное лето-2020 онлайн» диэн МАН бырайыагар кытынныбыт.
Лааҕыр оҕолор араас матырыйаалы хомуйдубут, «Популяционная ботаника”, “Геоботаническое картографирование”, “Орнитология”, “Энтомология”, “Лекарственные растения”, “Фенология растений, птиц, насекомых” диэн салааларга үөрэннибит, үлэлээтибит.
Чинчийии түмүгүнэн Кириэс Халдьаайы “декоративнай”, мүөттээх, эмтээх, аска туттуллар “кормовой” үүнээйилэринэн баай эбит. Үөн-көйүүр арааһа да элбэх.
Биһиги «Научное лето-2020 онлайн» бырайыакка дьарыктанан, араас үүнээйилэри, үөнү-көйүүрү араастарынан араарарга, билэргэ үөрэннибит.
Ол гынан баран, баһаарынан сибээстээн, Үөттээххэ барбатахпыт хомолтолоох. Салгыммыт дэлби киртийдэ, Кириэс Халдьаайы барыта буруо буолла. Бу уот турбут сирэ бөһүөлэкпит иэниттэн 6 төгүл улахан. Былыттаах халлаан буоллаҕына, ардаҕы түһэрэр сөмөлүөт кэлиэхтээх. Кириэскэ «минполоса” оҥорбуттар.
Бу иэдээннээх баһаар буолаары гынна, айылҕабытын харыстыаҕыҥ! Улаатан, дойдубутугар туһалаах дьон буолаары, МАН үөрэтэр бырайыактарыгар кыттарбыт саамай сөптөөх эбит!
Эмтэнэргэ туһалаах от-мас, үргэниллиэхтээх сир аһа, оттуохтаах оппут бу баһаарга сиэннэҕэ…
Сандаара Слепцова, 8 кылаас, “Сындыыс” пост.
Кириэс Халдьаайы, Томпо.