Нэһилиэкпит биир чулуу булчута Иван Николаевич, тымныыны тымныы диэбэккэ, сүр бөрөлөрү күн аайы сонордоһор. Эрдэ икки адьырҕаны, биири — капкаантан, биири — үүрэннэр ылан турар.
Оройуон бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччыта Николаев Николай Васильевич этиитинэн, нэһилиэк олохтоохторо соторутааҕыта сорсуннаах булчукка ардай аһыылаахтары бултуурга көмө оҥорбуттара. Бүлүү өрүс диэки үөр бөрө суолун көрөн, капкааннарын уурталаабытыгар, тохсунньу 29 күнүгэр биир улахан атыыр бөрө иҥнэн, тыыннаах мөхсө олороругар түбэһэн бултаабыт.
Таһырдьа -50-59 кыраадыс сатыылаан турар кэмигэр, торҕон бөрөлөр бултарыгар сыыдамсыйар кэмнэрэ. Түбэһиннэрэн сүр бөрөлөрү булчуттар сонордоһор кэмнэрэ, тымныыны тымныы диэбэккэ. Аһаҕас «бурааҥҥа» тыалы кытта охсуһан, тоҥуу хаар устун айаннатан — бу чэпчэки буолбатах.
Сарсыарда эрдэ, киэһэ хойукка дылы суолларын көрөн капкаан иитэн, күн аайы ону кэрийэн, хара тыаны, халыҥ хаары ортотунан хаамар манан дьыала буолбатах. Онтон өссө ордук ардай аһыылаахтар улахан ороскуоту дьоҥҥо аҕалан эрдэхтэрэ.
Нэһилиэкпит сорсуннаах булчутугар Иванов Иван Николаевичка сыралаах сырыыҥ таах хаалбатын, өрүү да Байанайыҥ биэрэ турарыгар.
Миша Никифоров, 9 кылаас үөрэнээччитэ, «Ыллык» эдкорпост,
Ньурба Хаҥалаһа.
1