Сахабыт сиригэр кыһын үгэннээн турдаҕына, Соҕуруу Кэриэйэттэн художественнай галерея дириэктэрэ, тымныыны үөрэтэр, чинчийэр Ким Кон Сон ыалдьыттаабыта. Намҥа, Дьааҥыга уонна Дьокуускайга оҕолору, устудьуоннары кытта көрсүбүтэ, тымныытынан аатырар Саха сирин кыһыҥҥы олоҕун билсибитэ. Кини олоҕун сорох өрүтэ уонна Кэриэйэҕэ оҕо бэчээтин туруга хаһыат үлэһиттэрин интэриэһиргэппитэ.
– Оҕо эрдэхпиттэн тыа хаһаайыстыбатын, айылҕаны интэриэһиргиибин. Тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах оҕолорго сурунаал тахсара, ону сөбүлээн ааҕарым. Билигин да баар. Ол эрээри, «Кэскил» хаһыат арыый аҕа эбит. Кэриэйэҕэ оҕолорго аналлаах тематическай хаһыаттар, сурунааллар хото тахсаллар. Холобур, култуура, искусство, спорт, наука, таба суруйуу, литература, о.д.а., бары тус-туспа хайысхалаахтар. Кыра эрдэхпиттэн кыылы-сүөлү, оту-маһы, айылҕаны сөбүлүүбүн. Аҕабын кытары улааппытым. Кини оҕуруот аһын өлгөмнүк олордоро. Ол иһин 19 сааспар 5000 сибиинньэлээҕим, 300 төбө ынахтааҕым. Биир кэмҥэ 200-300 сибиинньэм өлөн хаалан, хомойон, курутуйан, биир ый устата үөрэммэтэҕим.
Мин дойдубар экология кыһалҕата күүскэ турар. Холобур, муора уута аҕыйыы турар, уолар чинчилээх. Ол иһин экология тиэмэтэ миигин интэриэһиргэтэр. Аан дойду үрдүнэн ириэрии кыһалҕата тирээбитэ ыраатта. Эһиги дойдугут тымныыта аан дойдуга олус суолталаах. Тымныыттан олох олус тутулуктаах. Инникитин Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуолаҕа үлэлиэм. Бу оскуола эһиги олоххутун чэпчэтэргэ көмөлөөх буолуо дии саныыбын. «Арктикаҕа хайдах үчүгэйдик, табыгастаахтык дьаһанан олоруохха?» ыйытыыны туруоран, бииргэ үлэлиэхпит дии саныыбын. Саха сирин оҕолоро тулалыыр айылҕаларын инники дьылҕатын туһунан эрдэттэн саныахтаахтар.
МАШ (Международная Арктическая школа) – сотору кэминэн саҥа аһыллыахтаах үөрэх сонун кыһата. Быйыл күһүн Үөрэх, наука миниистирин солбуйааччы Ф.В. Габышева Финляндияҕа Арктическай сэбиэккэ МАШ бырайыагын билиһиннэрэн кэлбитэ. Бу оскуола үлэтин 2019 сылтан саҕалыахтаах. Манна оҕолор омуктуу үөрэниэхтэрэ.
Жанна СОЛОВЬЕВА.