«Толлуман» түмсүү оҕолоро Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах «Кэрэҕин даҕаны Сахам сирэ» диэн ааттаах быыстапка тэрийэн ыыттылар. Дойдубут кэрэ бэлиэ сирдэринэн араас хайысхалардаах маршруттарынан сылдьыбыт түгэннэрин кэпсиир, көрдөрөр хаартыскаларын дьон көрүүтүгэр таһаардылар. Айанныы сылдьан булбут араас дьикти хаамыскаларбыт, дьэҥкир таастарбыт, сэдэх араас кыыллар уҥуохтара, бу барыта быыстапкаҕа көрдөрүүгэ турдулар.
Куруһуокпут уопуттаах иитиллээччилэрэ Саша Канаев, Таттислан Антипин, Нария Бястинова спортивнай туризм хайысхатынан маастар кылаастары көрдөрдүлэр. Айна Решетникова «Өскөтүн эн мунан хааллаххына» тиэмэнэн тыаҕа сылдьан тугу гыныахтааххын кэпсээтэ, Эвелина Антоева, Айгы Мосоркина, Коля Спиридонов туристическай узеллар көрүҥнэрин билиһиннэрдилэр. Биһиги быыстапкабытыгар Тааттатааҕы А.Е. Мординов аатынан лицей үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара ыалдьыттаатылар.
Сылын аайы оҕолорго сайыҥҥы лааҕырдар тэриллэллэр, онно оҕолор туризм уонна кыраайы үөрэтэр хайысхаларынан дьарыктаналлар. Сөбүлүү көрбүт үүнээйилэрин, сирдэрин, интэриэһинэй түгэннэри хаартыскаҕа түһэрэ үөрэнэллэр.
Биһиги куруһуокпутугар араас тэрээһиннэри оҥоробут, ол курдук, спортивнай ориентирование, саамай сөбүлүүр күрэхпит — «Дойдугун төһө билэҕин?» диэн хайысханан араас викториналар. Ойуурга муммакка, тугунан сирдэтэргэ уонна тулуурдаах буоларга дьарыктанабыт. Сайыммытын долгуйа кэтэһэбит, ыраах айанныырбытын күүтэбит.
Биһигини кытары Таатта нэһилиэгин «Сарыал» культурнай киинэ, салайааччы — Алексей Иннокентьевич Тарасов, үлэлэһэллэр уонна көмө буолаллар.
Тааттатааҕы экологическай надзор инспекциятын салайааччытыгар Георгий Клавдиевич Николаевка, предприниматель уонна буулдьанан ытыы федерация бэрэссэдээтэлигэр Виктор Иннокентьевич Другиҥҥа улахан махталбытын тиэрдэбит.
Суруйда Ванесса АРГУНОВА,
туризм уонна кыраайы үөрэтэр куруһуок иитиллээччитэ, «Сатабыл» медиа-студия чилиэнэ.