Тойук – саха омугун биир сүдү баайа, уратыта. Саха тойуга үгэс буолбут култууратын жанра. Бу бэртээхэй ырыа жанра күн бүгүнүгэр диэри оннуган хаалла. Тойук ис хоһооно ханнык баҕарар улахан суолталаах тиэкис, эбэтэр тематика араас уратыта диэн сыаналанар.
Денис Оконешников санаатын маннык үллэстэр:
– Мин Мэңэ Хаңалас Дьобул нэһилиэгиттэн сылдьабын. Олоңхо ыһыаҕар бүгүн Мэңэттэн 200 буолан кэллибит. Амма сирэ-уота олус үчүгэйдик көрүстэ. Туох баар көрсүүлэрэ үрдүк таһымнаахтык ааста диэммин махтанабын.
– Эн санааҕар, тойук уонна олоңхо туох ситимнээхтэрий?
– Бастатан туран, иккиэннэригэр биирдии толороллор. Уонна олоңхоҕо барытыгар ити Айыы дьоруойдарын саңата-иңэтэ тойугунан барар. Олоңхо уонна тойук итинэн ситимнэһэллэр. Олоңхону уустаан-ураннаан бу Саха тылын тылынан саамай чыпчаала буолар. Тойугу көннөрү эмиэ туойаллар. Тойук диэн бэйэтэ сүрдээх улахан дириң киэң фольклор көрүңэ буолар.
Олоҥхо ыһыаҕар тойугу туойбут дьонтон санааларын ыйыттыбыт онтон биирдэстэрэ Елизавета Семёновна буолар:
– Биллиилээх олоңхоһуттар, тойуксуттар олорон ааспыт Бүлүү оройуонуттан төрүттээхпин. Билигин даҕаны эдэр ыччаттар туойаллар, кытталлар. Бүлүү улууһун биллиилээх олоңхоһуттартан Харлампьева Каролина, Донская Дора диэн бааллар. Мин бэйэм тойугу сөбүлээн толоробун. Оһуохайдааччым, эдэр сылдьаммын эмиэ ыллыыр этим. Билигин Нерюнгри куоракка «Ситим» диэн фольклорнай ансаамбылга баарбын, олоҥхолуубун. Тойугу уонна оһуохайы олус сэңээрэбин. Сахалар бары сайдан саха тылын кэскиллээх ыччаппытыгар сахалыы тыыннаах, куттаах буолалларын курдук тарҕатарбытыгар көрдөһөбүн.
Саха дьоно муударай, дириҥ билиилээх буолан, тойугу, киһи уонна айылҕа икки ардыгар сибээһинэн ааҕан-суоттаан, бэйэлэрин ырыаларыгар улахан суолтаны биэрбиттэрэ. Тойук дорҕоонноро, ааспыкка түннүк арылларын курдук, олохпут барыта дьикти түгэнинэн, кистэлэҥинэн айыллыбыт курдук. Маннык ырыа эрдэттэн суруллубатах, күүс, өй-санаа долгуннарын кытта дьүөрэлэһэн, толоруу кэмигэр төрүүр.
Бу дорҕооннору истээччи хас биирдии Сахаҕа дууһатын эйгэтигэр, ханна эрэ тохтуур, оттон сүрэх-быар куустан, айылҕа сүдү килбиэнин иннигэр ис сүрэҕиттэн долгуйар. Саха тойуга көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит үгэс, хас биирдии Саха сүрэҕэр саамай күндү кылаат курдук харыстабыллаахтык харыстанар баай.
Нария Хоютанова, Г.Д. Бястинов – Бэс Дьарааһын
аатынан Чымынаайы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, Таатта