«Ураа, ураа, иэхэйбиин! Биһиэхэ куораттан Чуораанчык уол кэллэ. Чуо-раан-чык! Чуо-раан-чык! Чуо-раан-чык!»—кырачааннар үөрүүлэрэ үксээтэ. Уус Алдан улууһун Бороҕонугар Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата суруйар, айар куттаах, талааннаах оҕолору сайыннарар соруктаах улахан медиа фестивал түһүлгэтин тэрийэн ыытта. Бу күн улуус оскуолаларыттан айар куруһуоктарга уонна эдэр кэрэспэдьиэннэр постарыгар дьарыктанар үөрэнээччилэр тоҕуоруһа түмүстүлэр. Элбэххэ да үөрэннилэр.
Маны сэргэ «Чуораанчыктар» уонна «Колокольчиктар» сурунаал геройун кытта балачча элбэх сүгэһэрдээх, хас да хопполоох, барыларын үөрдэр гына бириистээх «Сардаана», «Мичил», «Мүрүчээнэ» уһуйааныгар кырачаан ааҕааччыларын кытта көрүстүлэр.
Киирээти кытта суол айаҕар турар «Сардаана» уһуйааҥҥа барыта 71 оҕо баар. Кинилэртэн 28 кырачаан номнуо оҕо сурунаалын кытта доҕордуу буолбут, аны 71-гэ диэри сурутууну бөлөҕүнэн бука бары тардыахтаахтар.
Инньэ гынан, сэбиэдиссэй Альбина Александровна Борисова этэринэн:
Биһиги республикатааҕы оҕо уус-уран литературнай сурунаалларын кытта биир тиһиктээх үлэҕэ турунабыт. Бастатан туран , уһуйааммыт оҕолоругар бука барыларыгар сурутуу баар буоларын ситиһиэхпит. Уонна иитээччилэрбит үлэлэрин, баай уопуттарын сурунаалга, республикаҕа таһаартарар баҕалаахпыт. Бүгүн дуогабар түһэрсэн , айар кэлэктиип үүнэр 2020 сылга кулун тутар ыйыгар ыытар тэрээһиммитигэр былааҥҥа туруордубут. Уонна «Оҕо ааҕар эйгэтин кыра сааһыттан тэрийэр тирэх уһуйаан-площадка» буоларга бэлэммитин биллэрэбит.
Бу күн саамай улахан тэрээһин үс мэндиэмэннээх сабыс-саҥа таас «Мүрүчээнэ» уһуйааҥҥа буолла. «Чуораанчыктар» быйылгы сыл юбиляра , Уус Алданнар биир дойдулаахтара саха норуодунай поэта, оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта , Амма Аччыгыйа аатынан оҕо литературатыгар бириэмийэ маҥнайгы лауреата Иван Мигалкин «Отонноох оҥоойук» диэн ааптар айымньыларыгар хоһоон түһүлгэтин хото тарта. Биир бастакынан бу тэрээһини салайарга баҕатын эппит уһуйаан айар кэлэктиибигэр уонна иитээччигэ Лидия Александровна Исаковаҕа махтанабыт.
Улуус биэс нэһилиэгиттэн хоһоон ааҕа доргута барыта 47 оҕо кэлбит «Лабаа аайы таммах», «Бөтүүкчээн», «Тэллэй», «Хаар» онтон да элбэх чобуо тылах кырачааннар.
Кинилэр бу күнү бука өйдөөн хаалыахтара. Суруйааччыны тутан олорон, санаатын истэн, бииргэ хаартыскаҕа түһэн уонна кини илиититтэн оҕолорго анаабыт остуоруйатын бэлэх тутар кыра дьолго тэҥнээх буоллаҕа. Кэптэниттэн, Тандаттан, Уһун Күөлтэн, Тулунаттан, Бэйдиҥэттэн , Хомустаахтан кэлбиттэр, араас маскарааты кэппиттэр. Холобур, тэллэй буолбут олус элбэх.
Маны сэргэ бу нэһилиэктэртэн кэлбит иитээччилэр айар үлэлэрин, бастыҥ уопуттарын кэпсиир түһүлгэлэрин тэрийдилэр. Уу, дьикти үчүгэй үлэ баһаам! Остуол оонньуулара, тылы, өйү сайыннарар лото, карточкалар, олоҥхо куукулалара, кылынан, сиэлинэн оҥоһуллубут оонньуурдар. Сурунаал сүрүн редактора Татьяна Жиркова барыларын көрөн баран сүбэ-ама биэрдэ. Хайысхалаан, санааларын дьаарыстаан, ыйан-кэрдэн биэрбитин бары да астына иһиттилэр.
«Чуораанчык брошката» — бу анал акция саамай улахан сэҥээрини тарта. Уран тарбахтаах педагогтар маастарыстыбалара. Көрүөхтэн кэрэ, дьикти! Араастаан оҥорбуттар.
Мүрүгэ оҕо сурунаалларын кытта биир доҕордуу ситими улуустааҕы үөрэх управлениятын кыра саастаах оҕолорго салаатын кытта үлэлэһэр Анна Петровна Алексеева. Анна Алексеевна салайааччы буолан туран — быйыл Уус Алдаҥҥа үөрэҕирии 100 сылыгар анаан «Сүүс сыл — сүүс Чуораанчык» диэн сурутууга анал акцияны биллэрбиттэрэ дьикти үчүгэй.
Түгэнинэн туһанан , бу күн Бороҕоҥҥо «Чуораанчыкка» 150 экземпляры суруйтардылар. Оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйигэр Вера Алексеевна Портнягинаҕа, Надежда Васильевна Гоголеваҕа, «Россия Ийэлэрэ» улахан түмсүү улуустааҕы салайааччытыгар Марианна Федосиевна Федотоваҕа «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын аатыттан барҕа махтал!