А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэрэ, педагогическай наука кандидата Изабелла Александровна Сивцева үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар «Составление родословной как инструмент патриотического воспитания и сохранения духовно-культурного наследия предков” кэпсэтэр былассааккаҕа салайар лиссиэйин үлэтин уопутуттан кэпсээтэ.
Оҕо идэтигэр туһааннаах суолун буларыгар тɵрүччү суолтатын туһунан кэпсиир тоҕо нааданый?
Росстат ааҕарынан, «половина выпускников колледжей и треть выпускников вузов не работают по специальности». Тыа сирэ билигин да каадырдарынан тутахсыйан турар.
Сүрүн биричиинэлэринэн буолаллар: Оҕо идэтин «ЕГЭ результата» талар, ону ааһан «баҕарабын» и «доҕорбун кытта» диэнинэн сирдэтэн талыы оруолу оонньуур.
Биһиги 2015 сыллаахха балаҕан ыйдааҕы педагогтар форумнарын тэрийбиппит. Форум тирэх өйдөбүллэринэн буолбуттара:
Төрүт сир – төрүт билии – кэм ирдэбилэ.
Ыал, нэһилиэк, улуус холумтаныттан – сайдыыга.
Мин доруобуйам – мин илиибэр.
Төрүччү: идэни талыыга күлүүс.
Бэйэни билии – талан үөрэнии – туһуламмыт үөрэх.
Төрүччү история, идэҕэ сирдиир, доруобуйаны көрүнэр, бэйэни арыйар суол.
Төрүччү — олоҕу уларытар күүс, көнө сүрүннэнии.
Төрүччү – сыһыан эйгэтэ, сиэр-майгы иитиитэ.
Төрүччү – ТЫЫН, ТЭТИМ, ХАМСААҺЫН.
Форум рекомендациялара олоххо киирэллэригэр «Таатта сайдар эйгэтэ» культурнай-образовательнай кластер (2015 г.) үлэни ыыппыта. Дьон ɵйдүүрүгэр, ылынарыгар эйгэ сабыдыала 50˗60%. Холобур, 2006 сылтан Мандар Уус эйгэтэ үлэлиир. Бу эйгэҕэ элбэхтэ “Төрүт уус төрүттээх”, «удьуор уус”, “удьуор иистэнньэҥ”, «удьуор көмүс ууһа», «удьуор хаан» диэни истэҕин.
Эйгэ сүрүн принциптэрэ бүтүн буолууттан саҕаланар. Бу тирэхтэрэ уонна атын принциптэр мантан тахсан сайдаллар.
Бу бүтүн буолуу бүтүн билиигэ аҕалыахтаах. Эһиги бүтүн билии хаамыыта тɵрүччүттэн тахсарын кɵрɵҕүт. Тɵрүччүгэ олоҕуруу үрдүк суолтата манна сытар. Үɵрэх ирдэбиллэрэ, оҕо киһи буолуута, дойдуга бэриниилээх буолуу, дьоҥҥор туһалаах буолуу бу эргииринэн оҥоһуллара кɵстɵр.
Үрдүк суолтатын ɵйдүүбүт эрээри, кэһиллии тахсыыта баара. Ону кɵннɵрɵр суол тɵрүччүгэ дии санаан, Тааттаҕа эйгэ тэриллиитэ тɵрүччүттэн саҕаламмыта.
Дьэ, ол инниттэн профориентация үлэтэ тɵрүччүнү кытта ситимнэнэн барыахтаах.
Есть основные методики профориентации — тест Климова (пять групп профессий), тест Голланда (шесть типов Личности) и комплексное исследование Личности по соционионическому типу (4 групп, шестнадцать типов профессии). Первый определяет наиболее подходящую профессиональную сферу, а второй — тип личности человека и вид деятельности, к которой он расположен. А третье исследование более близкое к родословной исследование по соционическому типу.
Соционика всех делит на 16 типов характера, по тому, как они воспринимают информацию (информация – это отображенное разнообразие). Каждый тип может учиться в определенном направлении, выбрать определенную профессию. Соционика помогает выбрать именно ту деятельность, которая будет подходить по природе характера и качествам личности человеку.
Улахан кылаас оҕолорун социониканан чинчийии түмүгэː Кытыыны ыллаː 188 оҕо, Оҕолор кылаастараː 8- 11, Түмүк ː Салайааччылар ː 18%, Гуманитардар ː 45%, Чинчийээччилэр ː 21%, Социаллар ː 28%.
2023 сылга үөрэххэ киирии көрдөрүүтэː Оскуоланы бүтэрдэː 36 оҕо.
Соционика көрдөрүүтүгэр сөп түбэһэр үөрэххэ киирдилэрː А-универсальнай ː 72%, Б-политехническайː 100% , В-гуманитарнай ː 75%.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» кэхмпириэнсийэҕэ «Төрдү ууһу үөрэтии» сиэксийэҕэ кыттыыбыт:
2023 с. Чашкина Альмира, 3 истиэпэннээх диплом.
2024 с. Дорофеев Алеша «Преемственность занятия предков как один из способов изучения родословной семьи», 1 истиэпэннээх диплом.
2023 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационная площадка. Темаː «Электронный ресурс «Туйгун» карта развития ребенка». Сыалаː Создание цифрового портфолио для прослеживания результатов каждого ребенка по его индивидуальной траектории развития с дошкольного возраста до окончания школы (2023-2025 сс.)
Төрүччү кинигэлэрин таһаардыбыт:
2015 с. – 2 кинигэ.
2018 с. – 12 кинигэ.
Төрүттээх киһи – түөрэҕэ түҥнэстибэт,
Төрүттээх дьон – оҥоһуута бөҕө,
Төрүттээх омук – кэскилэ киэҥ диэн суруйааччы Анна Неустроева тылларынан этиибин түмүктүүбүн.