Саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа 1906 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (Таатта) дьадаҥы Дьөгүөрдээн Мординов (Мундунов) ыалыгар төрөөбүтэ.
1928 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрбитэ.
1931 сыллаахха Иккис Москубатааҕы судаарыстыбаннай университет тыл уонна литература салаатын бүтэрбитэ.
«Ийэ» диэн ааттаах бастакы хоһооно «Чолбон» сурунаалга 1927 сыллаахха бэчээттэммитэ.
Бүгүн Амма Аччыгыйа 116 сылын көрсө аан маҥнайгы айымньытын бэчээккэ таһаарабыт.
ИЙЭ
Күн сирин көрдөрөн
Көмүскээн-харыһыйан ииппит,
Күүһүрдэн-улаатыннаран
Көччөх гынан көтүппүт,
Көлөһүннээх дьүһүннээх,
Күкүр-икир таҥастаах
Көмүс күндү күкүллэхпин —
Күн ийэм эмээхсин эрэйдээҕи,
Ыраатан-тэлэһийэн сылдьаммын,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, үөһэ тыынан ыллым…
Ычах кыра буоламмын,
Ытанньах муҥнаах эрдэхпинэ
Ытыы-ытыы эрэйдэнэрэ,
Ыллаан-туойан саататара,
Ырыган тобугар олордоро,
Ыксары кууһан ылара…
Тымныыттан күрэтэн,
Тырыттыбыт
Ырбаахынан үллүйэрэ,
Итииттэн саһыаран,
Илбирийбит былаатынан бүрүйэрэ.
Этэр тылын минньигэһэ,
Итии тыынын эйэҕэһэ
Эккирэтэ сылдьан баар,—
Экчи умнуо суохпун!..
Ийэбин, күн-күбэй ийэбин,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, өрүкүйэ-аҕынным…
Утуйан-нухарыйан сыттахпына
Оргууй, оргууй хаамара,
Сылаас, сылаас баҕайытык
Сыллаан, уураан ааһара,
Ыарытан ыксыыр күннэрбэр
Ыга кууһан сытара:
«Күөрэгэйим көттөҕүнэ
Күнүм-ыйым сүттүн,
Күнүнэн көмүллүүм»,— диэхтээн,
Көкө-күндү хараҕа
Күөл уунан туолара…
Күн ийэ диэнтэн
Күһэлтэни көрбөтөх,
Күөх окко күөлэһийэр
Көҥүл оҕо сааспар
Күлэ-үөрэ көрсөрүн,
Күллээх таҥаспын тэбиирин
Күндүтүк өйдүүбүн!
Ороммор уһуктан сыттахпына
Уҥуох илиитинэн имэрийэрэ,
Араас тапталлаахтык саҥарара,
Ааспыт өттүн ахтара,
«Атаҕастабылтан арахсаар», — диирэ…
Алыс мэник уолчаан,
Атастарбын кытары
Айаас сылгы буолан,
Алаас тыатын туораан
Атаралаан сылдьаммын
Алдьаппытым ааҕыллан,
Абырахпыт элбиирэ,—
Аттыбар куруук баар,
Адьас умнуо суохпун!..
Ийэм эрэйдээх, эйиэхэ,
Эдэр сааспынан андаҕайан
Экчи тылбын этэбин:
Элбэх сааһыҥ адаҕыйан
Иэгэйэ кырдьар кэмнэргэр,
Эрэйгин, ахтаргын билбэккэ,
Эйиэхэ эргиллэн кэлбэккэ,
Эйигин быраҕан бараммын,
Иэтэр-туотар буоллахпына,—
Эрэйдэнэн-буруйданан ииппиккин
Экчи ыттыы былдьаабыт,
Хааннаах хара көлөһүҥҥүн
Хара суордуу халаабыт,
Ханныктан даҕаны хараҥа
Хара түөкүн буоламмын,
Халыҥ үйэм устатыгар
Харыаста-кэмсинэ сылдьыым,
Ханьыттан кыбыста кырдьыым.
1925 сыл.