Бүгүн — СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүт күнэ.
Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа 1906 с. тохсунньу 6 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Бастакы хоһооно «Ийэ» 1927 с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэн, маҥнай поэт быһыытынан биллибитэ. Ол эрээри ордук прозаик быһыытынан биллибитэ. «Сааскы кэм» романыгар саха норуотун олоҕо тосту уларыйар кэрдии кэмин киэҥник, дириҥник хабан көрдөрбүтэ. Бу айымньы сахалыы, нууччалыы уончалыыта тахсыбытын таһынан, украинскай, венгерскэй, чех тылларыгар тылбаастаммыта.
Амма Аччыгыйа сэһэн жанра сайдарыгар улахан үтүөлээх. Итини тэҥэ кини биллэр oҕo суруйааччыта, публицист, очеркист, литературнай критик уонна тылбаасчыт этэ. Драматическай айымньыларыттан «Ситим быстыыта» (1937 с.) ордук биллэр. Л.Н. Толстой «Анна Каренина», «Сэрии уонна эйэ», «Тиллии» курдук бөдөҥ айымньыларын, М.А.Шолохов «Чуумпу Донун» сахалыы тылбаастаабыта.
ССРС суруйааччыларын маҥнайгы съеһин делегата. ССРС уонна РСФСР Үрдүкү Сэбиэттэрин депутаттарынан талылла сылдьыбыта.
Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ. Икки Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, икки «Бочуот Знага» уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Н.Е.Мординов 13 сыл «Бэлэм буол» хаһыакка литература отделыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
1934 с. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ. 1994 с. сэтинньи 11 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.
Кини аатын сүгэр Харбалаахтааҕы үөрэх комплекса биллиилээх биир дойдулаахтарын үйэтитиигэ элбэх үлэни ыытар (архыыптан — хаартыскалар уонна видео).