Бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, саха уус-уран литературатыгар аан бастакы роман ааптара, прозаик, олоҥхоһут, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Семен Степанович Яковлев — Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сыла туолар. Кинини саха Корчагина, Островскайа диэн мээнэҕэ ааттаабатахтара. Эрилик Эристиин айымньыларын үксэ икки хараҕа суох буолан баран суруйбута.
Чурапчы Чакырыгар күн сирин көрбүт суруйааччы литература бары жанрыгар үлэлээбитэ. Кини саха литературатыгар роман жанрын киллэрэн, 1942 сыллаахха “Маарыкчаан ыччаттара” диэн бөдөҥ прозаическай айымньыта бэчээттэммитэ.
Маны тэҥэ кэпсээнньит, сэһэнньит быһыытынан биллэр, хоһоонунан поэмалардаах, 4 олоҥхону суруйан хаалларбыта, кириитикэҕэ эмиэ үлэлээбитэ.
Эрилик Эристиин ураты дьылҕалаах киһи этэ. Гражданскай сэриигэ кыттан, кини ийэтин, быраатын бандьыыттар өлөрбүттэрэ, кэлин улаханнык ыалдьан, икки хараҕынан көрбөт буолан сытан, саха бастакы романын суруйар.
Эрилик Эристиин аата 2007 сыллаахха Чурапчы улууһун Чакыр оскуолатыгар иҥэриллэн турар.
Тахсыбыт кинигэлэрэ:
- Суорума соруктаммыт: Пьеса. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1931. — 28 с.
- Бассабыык Тиниггабич. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1934. — 23 с.
- Уйбаан Дууһа: Кэпсээн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1934. — 23 с.
- Тулаайах Уйбаанчык: Поэма. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1935. — 41 с.
- Революция уолаттара: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1936. — 66 с.
- Аймалҕан: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1937. — 88 с.
- Кэриэс туолуута: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1939. — 88 с.
- Маарыкчаан ыччаттара: Роман. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1942. — 206 с.
- Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1948. — 352 с.
- Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1954. — 544 с.
- Кэпсээннэр уонна пьесалар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1963. — 190 с.
- Айымньылар: 2 томнаах. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1969. — Т. 1 — 596 с. — Т.2 — 520 с.
- Революция уолаттара: Сэһэн, роман. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1979. — 360 с.
- Маарыкчаан ыччаттара. Кэриэс туолуута. Кэпсээннэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1983. — 584 с.
- Буура Дохсун: Олоҥхо. — Дьокуускай: Бичик, 1993. — 416 с.