1940 сыл, балаҕан ыйа. Саха сириттэн Ленинград куоракка отучча оҕо А.Н. Островскай аатынан театральнай институкка үөрэнэ барбыта. Кинилэр артыыс буолар баҕалаахтара, олохторун сыананы кытта ситимниир ыра санаалаахтара. “Культура, искусство киинигэр – Ленинград куоракка үөрэнэр дьоллоохпут!” – диэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Ону баара… Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Оҕолор Ленинград блокадатыгар түбэспиттэрэ…
Ол туһунан соторутааҕыта “Тоҥуу хаарга сибэккилэр” диэн испэктээк Саха тыйаатырын сыанатыгар турда. Артыыстар – Амма улууһун Абаҕа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, “Мааска” театральнай устуудьуйа иитиллээччилэрэ. Уус-уран салайааччы, режиссер – Евгения Попова.
Испэктээк Евгения Лепковская уонна Исай Попов ахтыыларыгар олоҕурбут буолан, ураты тыыннаах. Аны туран, оҕолор оонньууллара ордук долгутуулаах.
Омуна суох, аҥаардастыы арбаабакка, элбэҕи эппэккэ, кылгастык бэлиэтээтэххэ – артыыстар таһымнара таһыччы, режиссура чаҕылхай, тыас-уус мааны! Ол туоһута – “лыык” курдук толору саала, уйадыйбыт көрөөччүлэр, ытыс хабыллар тыаһа.
Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук. “Тоҥуу хаарга сибэккилэри” сэргээбэтэх суох. Биһирээбит бэрт элбэх. Испэктээк бары өттүнэн табыллыбыт диэн сыаналаатахха, сымыйа буолбатах.
“Мааска” театральнай устуудьуйа ситиһиитэ үгүс. Ол туһунан артыыс идэтин баһылыыр баҕалаах оҕолору кытта сэһэргэһиибитин сэҥээриҥ.
Шекспиртэн толоруом!
Айтал ПОПОВ быйыл Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа сүүмэрдээһин ыытылларын истибит. Ох курдук оҥосто, бэлэмнэнэ сылдьар.
Оҕо эрдэҕиттэн сүгүрүйэр, холобур оҥостор артыыһа – Аркадий Новиков. Кини курдук дьээбэлээх, күлүүлээх буолуон баҕарар. Билиҥҥилэртэн Дмитрий Шадрин (сахалартан), Том Харди (омуктартан) айар үлэлэрин сэргиир.
– “Тоҥуу хаарга сибэккилэр” испэктээккэ Миша Бурнашев оруолун толоробун. Кини атын оҕолордооҕор сааһынан кыра, ол иһин сэриигэ барбат. Хомойуох иһин, аччыктаан, ыалдьан өлөр. Ладога суола аһылларын аҕыйах күн тулуйбат.
Ити курдук драматическай, трагическай оруолларга табыллан оонньуубун. Инникитин Шекспир трагедияларыттан толорор баҕа санаалаахпын.
Кыра сылдьан, Иван Тургенев “Муму” айымньытын олус сөбүлээбитим, билигин да хос ааҕабын. Герасимы оонньуом этэ.
Үҥкүүлүөхпүн, хоһоон этиэхпин сөп… Арай ыллыырбын ыарырҕатабын. Билигин үөрэхпэр кыһаллабын, онон төбөм атын сиргэ. Литература эксээмэнигэр кытаатыахпын наада, – диэн санаатын ыһа-тоҕо үллэстэр.
Артыыс тылын умнар түгэнэ ханна барыай? Оннук ыксаллаах кэмҥэ Айтал кыратык тохтуу түһэр уонна тылын тута айар үһү. Бэйэтэ этэринэн, кыратык эрэ уларытар. Онтон хараҕар сценарийдаах кумааҕыта көстөн кэлэр, дьэ, оччоҕуна тылларын өйдүү биэрэр.
Айтал VIII кылаастан волейболунан дьарыктанар. Саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн-ипсээн, сытыы-хотуу уол.
– Оскуолабыт агро хайысхалаах. Онон күһүн аайы бурдук хомуйуутугар, хортуоска хостооһунугар тахсабыт. “Мааска” оҕолоро нэһилиэк тэрээһиннэригэр барытыгар кыттабыт. Ыҥырдылар да, баран иһэбит. Салайааччыбыт Евгения Николаевна иккис ийэбит курдук. Мэлдьи өйүүр, сүбэлиир.
Саха тыйаатырын сыаната олус улахан эбит. Киһи саҥата ыраахтан кыра баҕайытык иһиллэр. Онтон ордук долгуйдум.
Өссө да элбэҕи сэһэргэһиэхпитин, испэктээк саҕаланара аҕыйах мүнүүтэ хаалла. Евгения Николаевна оҕолору ыҥырара иһилиннэ. Айтал сүүрэ турда.
Ыараханын билэбин…
Таня Монастырева оруолун Саша БЕЛОЛЮБСКАЯ олус итэҕэтиилээхтик толордо. Саша алта сааһыттан ыллыыр. “Кустук” ансаамбылга дьарыктаммыта. Бу дьоҕура артыыс үөрэҕэр туттарсарыгар көмө-тирэх буолуо.
Былырыын саас “Туос мааска” куонкуруска кыттан, Гран-при үрдүк аатын ылбыттарын киэн тутта кэпсээтэ.
– Мин дьоруойум артыыс буолуон олус баҕарбыта. Ону баара, блокадаҕа түбэһэн, аччыктаан, өлөн хаалар. Олоҕун салгыыр ыччата суох хаалар.
Танялыын майгыннаһар өрүппүт элбэх. Кини олоҕу олус таптыыра, үөрүнньэҥ майгылааҕа. Ленинградка барарыгар наһаа дьолломмута. Көрдөөх, элэккэй кыыс.
Артыыс идэтэ ыараханын билэбин. Кини иллэҥ кэмэ суох, мэлдьи үлэ үөһүгэр буолар, сири-дойдуну кэрийэр, элбэх куонкурустарга кыттар. Мин оннук сылдьыахпын баҕарабын.
Саша “Мааска” устуудьуйаҕа уһуйуллан, үгүскэ үөрэммит. Сыанаҕа тахсартан толлубат, дьон иннигэр саҥарартан кыбыстыбат буолбут. “Элбэх доҕордоннум. Дьоҕурбун арыйдым, сайынным”, – диэн махтала улахан.
Баҕалаах… баҕанаҕа ыттар
Илья НЕКТЫРОВ – Абаҕа агрооскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа туттарсар санаалаах. “Тоҥуу хаарга сибэккилэр” испэктээккэ Исай Попов оруолун толорор. Кини оонньуур дьоруойа сэрииттэн төннөр.
– “Мааска” устуудьуйаҕа иккис кылаастан дьарыктанабын. Бастаан кылааһынан бары сылдьар этибит. Онтон улам аҕыйаан испиппит. “Туос мааска”, “Синяя птица” куонкурустарга мэлдьи кыттарбыт. Хаста да кыайбыппыт. Дьиҥэр, VI кылааска устуудьуйабытын бүтэрбиппит. Ол эрээри, баҕа өттүбүтүнэн билиҥҥэ диэри оонньуубут.
Артыыс буолуом диэн VIII дуу, IX дуу кылааска быһаарыммытым. Айар эйгэҕэ ордук чугаспын, сыанаҕа тахса үөрэнним диэн санааттан… Киинэ артыыһа буолуом этэ. Бу сайын киинэҕэ уһулбуттара. Маассабай оруолу толорбутум, аҕыйах тылы саҥарбытым (күлэр). Баҕалаах баҕанаҕа ыттар дииллэр. Онон ыра санаа оҥостубут үөрэхпэр киириэм диэн эрэнэбин.
Илья Абаҕа пионердарын тустарынан “Кыһыл сулустар” диэн испэктээккэ оонньообут. Эмиэ биир сүрүн оруол – Ганя Старостин буолбут. Гражданскай сэрии кэмин, Саһыл Сыһыы кыргыһыытын, пионердар хорсун быһыыларын көрдөрбүттэрин кэпсээтэ.
Айыына КСЕНОФОНТОВА.