Тоҕус томтордоох Чурапчы улууһугар бэс ыйын 26-28 күннэригэр «Тыа сирин оскуолата уонна үөрэхтээһин маарката» XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка буолан ааста. Чурапчы улууһугар педагогическай дьаарбаҥка 3-с төгүлүн ыытылынна. Бастакы дьаарбаҥка 2006 сыллаахха, иккис — 2017 сыллаахха буолан ааспыта. Онон өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥканы үстэ ыыппыт улуус бу күҥҥэ суох.
Дьаарбаҥкаҕа барыта 1821 киһи кыттыыны ылла. Барыта 26 улуустан 1125 киһи кытынна, аҥардас Чурапчы оройуонуттан 696 киһи кыттыыны ылла. Уопсайа 100-тэн тахса араас хабааннаах дьаһаллар ыытылыннылар, ол иһигэр төгүрүк остуоллар, араас дискуссионнай былаһааккалар, куурустар, лекциялар, куонкурустар өрө күүрүүлээхтик аастылар.
Биһиги Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччытын Юрий Павлович Посельскайы кытары кэпсэттибит, 19-с төгүлүн ыытыллар педагогическай дьаарбаҥка туһунан санааларын иһиттибит.
— Чурапчы сиригэр-уотугар үһүс төгүлүн ыытыллар педагогическай дьаарбаҥкаҕа өрөспүүбүлүкэ педагогтарын олус долгуйа күүппүппүт. Хаһаайыттар буоларбыт быһыытынан, үс күн үлэбит түмүгүн дьоннорбут астыммыттарын, дуоһуйа сынньаммыттарын, үлэлээбиттэрин, дьаарбаҥка бүппүтүн кэннэ истиҥ махтал тылларын эппиттэриттэн бэйэбит астынныбыт, дуоһуйдубут. Кыахпыт баарынан дьоммутугар усулуобуйа оҥоро сатаатыбыт. Сүрдээх куйаас күннэр турдулар, быыһыгар ардах кэлэн күүскэ түстэ, ол да буоллар тэрээһин ыытылларыгар, айылҕабыт мэһэйдээбэккэ, туох баар бары кэрэ көстүүтүн барытын көрдөрдө диэххэ сөп.
«Палаточнай городокка» 400-чэкэ кыттааччы кэлэн түстэ. Онтон атын кыттааччылары биһиги чугас эҥэр нэһилиэктэрбитигэр уонна Чурапчы нэһилиэгин үөрэх тэрилтэлэригэр түһэртээтибит. Кэлбит ыалдьыттарга интэриэһинэй маршрут оҥорон, музейдарга сырытыннардыбыт. Дьон үксэ Аҕа дойду сэриитин бириэмэтигэр көһөрүллүү туһунан кэрэһэлиир, кэпсиир история чахчытын сэҥээрдэ, маны өрөспүүбүлүкэ народнай учуутала Дмитрий Павлович Чечебутов бэйэтинэн бу күннэргэ дьону көрсөн кэпсээн-көрдөрөн элбэх киһини долгутта.
Биһиги улууспутугар уопсайа 16 уһуйаан, 26 оскуола, 3 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ үлэлиир. Онон буоларын курдук, элбэх бырайыагынан кытынныбыт. Атын да сылларга ылан көрөр эбит буоллахха, биһиги оройуон биир да дьаарбаҥканы көтүппэккэ кыттабыт, быйыл бэйэбитигэр буолар буолан, ханнык да сыллардааҕар элбэх бырайыагы кытыннардыбыт. Холобур курдук этэр эбит буоллахпына, былырыын Ньурбаҕа 70-тан тахса киһилээх делегациянан баран кыттыыны ылбыппыт.
Быйылгы дьаарбаҥкаҕа биһиги дойдубут улахан учуонайа, академик, профессор, педагогическай наука доктора, педагогическай дьаарбаҥканы тэрийиигэ аан бастакыттан быһаччы үлэлэспит киһибит Анатолий Маркович Цирульников кэлэн үс күн тилигириччи үлэлээтэ. Төһө даҕаны кини убаастыыр сааһыгар сылдьар салайааччыбыт буоларын быһыытынан, тэҥҥэ бырайыактары көрөн, олус интэриэһиргээн, бэйэтэ Махтал суруктарын туттарбытын бэлиэтиибит.
Биир умнуллубат түгэнинэн оруобуна дьаарбаҥка бастакы күнүгэр, 26-с чыыһылаҕа, Степан Кузьмич Макаров аатын сүгэр Чурапчы гимназиятын выпускниктарыгар аттестат туттарыытын долгутуулаах тэрээһинэ буолбута. Манна биир дойдулаахпыт, СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Павловна Любимова бэйэтэ кэлэн, 47 оҕоҕо ситии-хотуу аттестатын, ол иһигэр аҕыс үөрэнээччигэ кыһыл көмүс мэтээли туттарда.
Быйыл Педагог уонна уһуйааччы сылыгар «Бастыҥ настаабынньык» куонкурус ыытылынна. Бэлиэтээн этиэм этэ, бэтэрээн учууталларбыт олус үчүгэйдик бэринэн-тэринэн киирэн кытыннылар, кэлбит ыалдьыттарга бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр, эдэр учууталларга сүбэлэрин-амаларын биэрдилэр.
Киэн тутта этиэм этэ, элбэх социальнай партнердарбыт кыттыыны ыллылар уонна грант туруордулар. Олор истэригэр Ай-ти хайысхаҕа өр сыллаах үлэлиир партнербыт «Статус» хампаанньа, ону тэҥэ быйыл «Алмаасэргиэнбаан» кыттыыны ылла, «Технологика» диэн эмиэ уруккуттан үлэлэһэр хампаанньабыт кэлэн кыттыыны ылла, бэйэтэ үөрэх лабораторияларын быыстапкалаата. «Айар» кинигэ кыһата олус үчүгэй куонкурус ыытта, кыайыылаахтарга, бастыҥ биһирэммит бырайыактаах педагогтарга үөрэх пособиетын, методическай үлэлэри бэчээттээн таһаарарга грант туттартаата.
СӨ үөрэҕин уонна билимин Министиэристибэтигэр, Ирина Павловна Любимоваҕа, идэни үрдэтэр институппут салалтатыгар, бу бырайыак ааптардарыгар Николай Иннокентьевич Бугаевка, Ольга Иннокентьевна Михалеваҕа, Чурапчы улууһун салалтатыгар, аҕа баһылыкпытыгар Степан Анатольевич Саргыдаевка, социальнай партнердарбытыгар, бары кэлэн кыттыбыт педагогтарбытыгар, Анаабыр, Орто-Халыма, Эбээн-Бытантай курдук хоту улуустартан кэлэн кытыннылар, улахан махталбытын тиэрдэбит.
Эһиилги үбүлүөйдээх 20-с педагогическай дьаарбаҥка хайа улууска ыытыллара куонкурус түмүгүнэн быһаарыллыахтааҕын, билиҥҥитэ баҕалаах улуус элбэҕин Юрий Павлович кэпсэтиибит түмүгэр иһитиннэрдэ.
Кыттааччылар санааларын истиэҕиҥ:
— «Улыбка» детсад салайааччытыгар уонна үлэhиттэригэр улахан-улахан махтал! Чурапчы дьоно-сэргэтэ, ыалдьытымсах, көрсүө-сэмэй да эбиккит! Дойдугут салгына ыраас, сибиэһэй, олус астынныбыт, дуоhуйа сынньанныбыт! Үлэҕит таhаарыылаах буоллун! Нам делегациятын аатыттан эhиэхэ улахан махталбытын тиэрдэбит! НСОШ№2 оскуолатын учууталлара уонна Хама5атта «Тускул» иитээччилэрэ.
— Хатылыларга улахан махтал, алаадьынан, быырпаҕынан көрсөн, минньигэс астарыгар.
— Чакыр нэһилиэгин балаҕаныгар истиҥник көрсүбүт, тотоойутук аһаппыт оскуолаларбытыгар, уһуйааммытыгар Далыр нэһилиэгин «Тускул» оҕо уһуйаанын педагогтарыттан истиҥ махтал тылларын этэбит.
— Таатталартан истиҥ эҕэрдэ, барҕа махтал! Үс саха үөрүүтэ, түөрт саха дьоллоох уйата, кэтит кэскилэ Чурапчы туоната, наһаа үчүгэйдик тэринэн көрүстүгүт, аскыт-үөлгүт минньигэһэ, Маҥаайы алаас барахсан киэҥэ-куоҥа, самаан сайын кэлбитин туоһута күөҕүнэн киэргэнэн, симэнэн көрүстэ. Үчүгэй, саҥа санаа кыым буолан тарҕанна, сайдыы суолун сулуһа үрдүккэ чаҕылыйа тыкта. Үлэҕит таһаарыылаах буоллун, дьол-соргу тосхойдун!
— Наьаа үчүгэйдик сылдьан баран эрэбит, улахан улахан махтал Чурапчыларга! Тэрээһин олус үчүгэй! Астынныбыт аҕай!
— Үс кун устата педярмаркаҕа кэлбит делегациялары көрүстүм, уопсайа 175 киһи сылдьан дэлби долгуйан, кыбыстыбакка ытыы-ытыы музей ис хоһоонун көрдүлэр-иһиттилэр. 7-8 экскурсия ыыттым, сарсыарда 8 ч. 30 м. саҕалаан киэһээ 5 ч. диэри эбиэтэ суох кэлбит делегация дьонун көрсөн, көрдөрөн, уйулҕалара айманар гына тиэрдэн кэпсээтим…
— Передайте, пожалуйста, огромную благодарность Телейской школе и саду за теплое гостеприимство, за вкусный обед! Было очень здорово, что нас прикрепили к ним, чувствовали себя, как дома, у них в тусулгэ. Были приятно удивлены бесплатным обеспечением питьевой воды на каждом шагу, наличием рукомойников и бумажных полотенец в каждом тусулгэ.
— Махтал Чурапчы улууhун үөрэҕириитин салаатыгар, махтал кураторбытыгар Анастасия Семеновна Диодороваҕа, махтал Надежда Егоровна салайааччылаах «Кэскил» оҕо саадын коллективыгар, махтал Хайахсыт орто оскуолатын коллективыгар истиҥ, сылаас сыhыанынан көрсөн, хас да күҥҥэ итии сылаас, минньигэс аhынан күндүлээн-маанылаан аhаппыккытыгар.
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи 19 төгүлүн ыытыллыбыт педагогическай ярмаркаҕа Бүлүү улууһун саамай ыраах сытар нэһилиэктэриттэн кэлэммит, үс күн устата тоҕус томтордоох, чараҥ хатыҥнардаах, киэҥ нэлэмэн алаастардаах Чурапчы улууһугар олус сэргэхтик, өрө күүрүүлээхтик кыттынныбыт. Бары араас күрэстэргэ кыттан, сүргэбит көтөҕүллэн, астынан аҕай кэллибит. Минньигэс астаах, тутуу үлэһиттэрдээх Болтоҥо оскуолатын кэлэктиибэ ярмарка хара саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри биһиги тула кыһаллан, куйааһы куйаас, ардаҕы ардах диэбэккэ, аһаппыттарыгар-сиэппиттэригэр, истиҥ сыһыаннаах көрсүбүттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Чурапчы улууһа хас биирдии ыалдьыттары истиҥник, эйэҕэстик көрсөн, араас көхтөөх тэрээһиннэри тэрийсэн ыыппыта кэрэхсэттэ.
— Огромная благодарность Юрию Павловичу. «Вторая Москва» иначе организовать не могла. Шикарная ярмарка!
— Юрий Павлович, улахан эппиэтинэстээх тэрээһини 100% кыайа-хото тутан ыыппыккытынан улахан эҕэрдэ! Кэпсэппит кыттааччыларым бары сөҕөн, астынан аҕай бардылар. Барыта санаабыт курдук ааста. Дойдум дьоно өссө төгүл үлэһиттэрин, ыалдьытымсахтарын, биир санаанан салайтаран үлэлииллэрин-хамсыылларын көрдөрдүлэр. Коллегаларым ааттарыттан тус бэйэҕэр, халыҥ хамаандаҕар улахан махтал!
keskil14.ru