Куйаас Африка биир дьикти кыыла жирафа урут кылгас моойдооҕо. Үрдүк мастар минньигэс сэбирдэхтэрин сиэри моойо уһаабыт дииллэр. Кырдьыга, оннук буолбатах.
Былыыр-былыр биир жирафа олорбут. Кини кылгас моойдоох, бэйэтэ да дьоҕус эбит. Жирафа төһө да кыра буоллар, санаата сайаҕас, майгыта үтүө буолан, атын кыыллар кинини ытыктыыллар эбит.
Жирафа биир ыра санаалаах эбит: түүҥҥү халлааҥҥа ыһылла тоҕуллубут чоҕулус сулустары чугастан көрүөн баҕарбыт. Биирдэ жирафа уу көрдөөн, дьиэтиттэн ыраах баран хаалбыт. Билбэт сирдэринэн муна-тэнэ сырыттаҕына ким эрэ ытыыр саҥата иһиллибит. Жирафа от быыһын өҥөйөн көрбүтэ — күп-күөх аһыҥа ытыы олорор эбит.
-Хайа, тоҕо ытыыгыный? – жирафа ыйыппыт.
-Аптаах торуоскабын сүтэрэн кэбистим. Бу өйөннөрөн уурбутум уонна уу иһээри, ол көлүччэҕэ барбытым. Төннүбүтүм, торуоскам миэстэтигэр суох буолан хаалбыт. Оо дьэ, хайдах буолабын? Дьиҥнээҕэ, эhэм торуоската этэ. Быстах уларсыбытым, — аһыҥа барахсан өссө күүскэ ытаабыт.
-Ытаама, аһыҥа, иккиэн торуоскаҕын көрдүөххэ, — жирафа аһыҥаҕа көмөлөһүөн баҕарбыт. – Торуоскаҕын хаһан сүтэрбиккиний?
-Эн кэлиэн эрэ иннинэ.
-Оччоҕуна уоруйах ырааппатаҕа буолуо. Мас аттыгар эйиэниттэн ураты ханнык да кыыл, үөн-көйүүр атаҕын суола суох. Ол аата, ким эрэ кынаттаах торуосканы уорбут буолуон сөп. Чэ, ол диэки баран көрүөххэ.
-Чэ, барыахха, — аһыҥа барахсан хараҕын уутун соттон кэбиспит уонна эрэллээх санаалаах жирафаны батыспыт.
Балачча өр төттөрү-таары эргийэ хаампыттар, куобахтан, кутуйахтан, улиткаттан ыйыппыттар да, ким да билбэт эбит. Санаалара түһэн, сэниэлэрэ эстэн, күлүк сири булан, сынньана олордохторуна, биир хара тураах айманан аҕай көтөн кэлбит.
— Даах, даах, дорообо! Санаан көрүҥ эрэ, дьиэбэр ыксаан аҕай көтөн истэхпинэ биир гриф ситэн кэллэ уонна “Фокус көрдөрөбүн дуо?” диэн ыйытта. Ону мин “Чэ кытаат, көрдөрө оҕус, ыксыыбын”, — диэтим. Онуоха гриф “Билигин бу аптаах торуосканан кынаппын улаатыннарыам”, — диэн киһиргээтэ. Мин итэҕэйбэтим. Торуоската, кырдьык, аптаах быһыылаах эрээри, гриф кынатын улаатыннарыаҕынааҕар, төбөтүн түүтүн барытын уматан кэбистэ. Хата мин, күлэн өлө сыстым. Даах-даах, кэһэйдин! Наар киһи аһыгар ымсыырааччы. Хата, билигин кыбыстан чугаһаабат буолар ини. Чэ, мин бардым.
Тураах уһун-киэҥ кэпсээнин биир тыынынан кута охсоот, көтөн хаалла. Жирафалаах аһыҥа аптаах торуосканы ким уорбутун биллилэр, куһаҕан грифы түргэнник буллулар. Гриф кыыһырбыт-абарбыт саҥата ыраахтан иһиллэр эбит.
Мин аптаах торуоскабын биэрэ оҕус! – диэбит аһыҥа. – Биэрбэтэххинэ эйигин кылапы оҥорон кэбиһиэм.
Мэ, ыл, абааһы сэпкин киэр гын! Көрүҥ бу, хайдах буолбуппун! – диэбит гриф, ытамньыйа-ытамньыйа.
Бэйэҥ буруйдааххын. Хаһан да уорбат буол!, — диэбит жирафа
Гриф торуосканы биэрээт, көтөн хаалбыт. Жирафалаах аһыҥа наһаа үөрбүттэр.
Жирафа, эйиэхэ барҕа махтал буоллун! Эйигинэ суох торуоскабын үйэбэр булуом суоҕа этэ. Эн үтүө санаалаах истиҥ доҕор буолаҕын. Ол иһин бу аптаах торуоскабынан эн биир баҕа санааҕын толоруом, — диэбит аһыҥа.
Кырдьык дуо?, — жирафа итэҕэйбэтэх
-Саамай кырдьык!
Мин урут-уруккуттан биир эрэ ыра санаалаахпын. Чоҕулуһа тыкпыт сулустары чугастан көрүөхпүн баҕарабын, — жирафа өрө тыыммыт.
Хараххын сап уонна хамсаама. Эн ыра санааҥ сип билигин чахчы буолуо!, — диэбит уонна аптаах торуоскатынан жирафаны үстэ таарыйбыт.
Онуоха доҕоор, жирафа моойо уһаан киирэн барбыт. Жирафа сэрэнэн-сэрэнэн хараҕын аспыта — сулустар бу күлүмнүү тураллар эбит.
Хайа, кырдьык да чугаһаабыппын!, — сөҕө махтайбыт жирафа, үөрүүтүттэн өрө тэйиэккэлээбит.
Аһыҥа, барҕа махтал! Кырдьык, дьикти түгэн!, — жирафа саҥа доҕоругар махтаммыт. Онтон ыла жирафа уһун моойдоох буолбут уонна сулустарга чугаһаан, толору дьолломмут.
Ааптар: Күбэйэ